Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо эмтэнэр корпуһун сваятын түһэрии сиэригэр-туомугар кыттыыны ылла.
Оҕо эмтэнэр корпуһа (оҕо поликлиниката) "Доруобуйа харыстабыла" судаарыстыбанай бырагыраамма чэрчитинэн быйыл Саха Сиригэр "Оҕо саас" сылыгар тутуута саҕаланна.
Тутуу этэҥҥэ түмүктэнэн үлэҕэ киирэн улууспут оҕолорун доруобуйаларын харыстыырга, бөҕөргөтөргө тирэх буоллун!
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
#ВместеТолькоВперед
#НациональныеПроекты
#НациональныйПроектЗдравоохранения
t.iss.one/ValeriNikolaev

Үөһээ Бүлүү улууһун икки нэһилиэгин түөлбэлэригэр газ ситимин холбооһун үлэтэ түмүктэннэ.
Андреевскай сэлиэнньэҕэ "Молодежнай" саҥа түөлбэҕэ гааһы киллэрээһиҥҥэ 9 мөл. 115 тыһ. солкуобай уонна Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Табыйыс" түөлбэҕэ уһаайбалары гаазтааһыҥҥа 17 мөл. 187 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэрин ситиспиппит.
«Молодёжный» түөлбэҕэ 940 метр уһуннаах газ ситимэ тардылынна, ол түмүгэр 55 уһаайба газка холбонор кыахтанна.
Балаҕаннаах нэһилиэгэр «Табыйыс» түөлбэҕэ 2370 метр уһуннаах газ ситимэ тардыллан 29 уһаайба газ ититиитигэр холбонорго бэлэм буолла.
Газ ситимин тардыы үлэтин "Сахатранснефтегаз" тэрилтэ исписэлиистэрэ графиктан эрдэлээн туттардылар.
Саҥа түөлбэлэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев көҕүлээһининэн тэриллибит «Развитие и освоение территории в целях стимулирования строительства индивидуальных жилых домов» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамма чэрчитинэн газ ситимигэр холбоннулар.
Санатан этэр буоллахха, быйыл Үөһээ Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурска ситиһиилээхтик кыттан, Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр саҥа микрорайоннарга газ уонна уот ситимин тардарга эбии үбүлээһини ылары ситиспиппит.
Кэлэр 2025 сылга Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр "Речная" микрорайоҥҥа үс Саха Сирин Президиэннэрин М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов ааттарынан уулуссаларга газ холбоноругар 21 мөл. 122 тыһ солкуобай, Үөдүгэй нэһилиэгэр "Молодежнай" микрорайоҥҥа уот ситимэ тардылларыгар 5 мөл. 812 тыһ. солкуобай үбүлэнэн, эһиилги сылга саҥа сирдэри, уһаайбалары, түөлбэлэри сайыннарыыга газтааһын, уот тардыллыытын үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолуо диэн эрэллээхпит!
#ОсвоениеНовыхМикрорайонов
#ВерхневилюйскийУлус

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэ 20 үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэнээччилэри таһарга анаммыт школьнай автобустар күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга туттарда.
Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын директора Прокопий Устинович Никонов Ил Дархан илиититтэн саҥа оскуола автобуһун күлүүһүн тутта.
Саҥа автобус 22 миэстэлээх, Саха Сирин климатыгар сөп түбэһэр, сылаастык оҥоһуллубут техника.
Автобустар үөрэнээччилэр хаачыстыбалаах үөрэхтэрин, үөрэх тэрилтэлэрин материальнай - техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ ананаллар.
Ороһу орто оскуолатын үлэһит коллективын, үөрэнээччилэрин саҥа автобус анаммытынан эҕэрдэлиибит!
Ороһу нэһилиэгэр СӨ Ил Дарханын А.С. Николаев өйөбүлүнэн саҥа оскуола тутулла турар. Эһиил ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэх сылын саҥа оскуолаҕа саҕалыахтара диэн эрэллээхпит.
#НовыйШкольныйАвтобус

Forwarded from Алексей Колодезников
Провел рабочее совещание по формированию плана газификации левобережья Верхневилюйского улуса.
В «Сахатранснефтегаз» составлен календарный план мероприятий: подготовка проектно-сметной документации, финансирования и строительства. Для выполнения строительных работ планируется привлечь местных специалистов и использовать производственные мощности самой компании. Таким образом, проект создаст новые рабочие места, которые будут задействованы в строительстве газового объекта и его дальнейшей эксплуатации. Ожидается, что проект завершится в 2030 году.
Напомню, между Якутией и компанией АЛРОСА было подписано соглашение о сотрудничестве, которое позволило начать строительство газопровода-отвода к производственным объектам АЛРОСА на Накынском рудном поле. Это стало возможным благодаря поддержке главы Якутии Айсена Сергеевича Николаева.
#ВместеТолькоВперед
#Сахатранснефтегаз
https://t.iss.one/kolodeznikov_alexey

Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр инники ыытыллар үлэ соруктарын иһитиннэрдэ уонна бу ааһан эрэр сылга ыытыллыбыт үлэ үтүө түмүктэрин сырдатта.
Ол курдук, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуу үлэтэ быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны түргэн тиэмпэлээхтик ыытыллан иһэрин эттэ уонна быйыл биһиги улууспутугар оҕо балыыһата тутуллан саҕаламмытын бэлиэтээн ааста.
Айсен Сергеевич анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бары көрүллэр көмөлөр, өйөбүллэр оҥоһуллуохтаахтарын иһитиннэрдэ уонна муниципальнай былаас уорганнара байыастар социальнай эйгэҕэ адаптациялары ааһалларыгар, дьарыктаах буолалларыгар күүстээх, күргүөмнээх үлэни ыыталларыгар сорудахтаата.
Тус бэйэм бэлиэтии, үөрэ истибит этиим: оскуолаларга медицинскэй үлэһиттэри төптөрү төннөрөр туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна СӨ үөрэҕэрии министиэристибэтигэр Ил Дархан сорудахтаабыта. Бу төптөрү оскуолаларга киирэр хайысха оҕолорбут доруобуйаларын харысхалын, маны тэҥэ үлэ миэстэтэ тыа сиригэр эбиллиитин хааччыйыа.
Өссө биир туһалаах сонун - ойуур харыстабылыгар эбии үп федеральнай бүддьүөттэн көрүллэрэ. Быйыл биһиги улууспутугар улахан ойуур баһаардара туран, бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн ойуур харысхалын үлэһиттэрэ кыттыылаах, уот утары охсуһуу үлэтэ тохтоло суох уһун сайын устата ыытыллыбыта. Бу түгэҥҥэ, үлэһит илии, техника тиийбэтэ улахан охсуулаах этэ. Онон Дойду Президиэнэ В.В. Путин өйөбүлүнэн 2025 сылтан ойуурдары уоттан харыстыырга анаммыт федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр үп 1,6 млрд. солкуобайтан 4,3 млрд. солкуобайга тиийэ улааппытын, маны сэргэ Саха Сиригэр 5 саҥа авиаотделение арылларын, авиалесохрана үлэһиттэрэ 703 киһиэхэ, ойуур харысхалын үлэһиттэрэ 1350 киһиэхэ тиийэ элбииллэрин сэргии иһиттим. Сайын аайы ойуур баһаардара турар регионугар ирдэниллэр өйөбүл оҥоһуллубута, Дойду Президиэнин В.В. Путины кытта биһиги Ил Дархаммыт А.С. Николаев таһаарыылаах үлэтин көрдөрөр.
«Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыак түмүктүүр сылыгар Саха Сиригэр 395 км уһуннаах суол оҥоһуллубутун Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Маныаха биһиги Үөһээ Бүлүүбүт улууһугар икки нэһилиэккэ асфальт суоллар оҥоһуллан арыллыбыттарын бэлиэтиибин.
Демографияҕа, дьиэ кэргэн сайдыытыгар Ил Дархан болҕомтотун ууран, өрөспүүбүлүкэтээҕи "Дьиэ кэргэн" ийэ хапытаала үһүс эрэ оҕо төрөөтөҕүнэ буолбакка, төрдүс, бэһис, онтон да салгыы оҕо төрүүрүгэр бэриллэригэр анаммыт сокуон бырайыагын Бырабыыталыстыбаҕа кылгас кэм иһигэр оҥорон киллэрэригэр сорудахтаата. Бу бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Сахабыт Сиригэр өссө элбиэ диэн эрэл улахан.
Эһиилги сыл - Россияҕа бэлиэ сыл. Ол курдук, Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиибит. Бу бэлиэ сылынан Аҕа Дойду сэриитин бэтэрээннэригэр, огдооболоругар, оҕолоругар, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар, концлагерь хаайыылаахтарыгар туһаайыллыбыт төлөбүр үрдүүрүн Ил Дархан биллэрдэ.
Үбүлүөйдээх, өрөгөйдөөх 2025 сылы Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэҕэ "Аҕа Дойдуну көмүскээччи" сылынан биллэрииннэн Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин түмүктээтэ.
Эһиилги 2025 сылга биһиги улууспут Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ыйбыт, соруктаабыт хайысхатынан күүстээх үлэни ыытарга бэлэммит.