Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүлүү улууһун ыһыаҕын үөрүүлээх арыллыыта саҕаланна.

#ҮөһээБүлүү
#Бүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Икки күннээх Кэнтик нэһилиэгэ тэриллибитэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыаҕа түмүктэннэ.

Үбүлүөйдээх ыһыахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин солбуйааччы Марина Владимировна Силина ыалдьыттаата, наҕараадалары туттартаата уонна эҕэрдэ ырыатын ыллаата.
Биир дойдулаахпыт СССР норуодунай артыыһа Анегина Ильина ыһыахха кэлэн Кэнтик библиотекатыгар бэлэх кинигэлэри туттарда уонна көмүс куолаһынан ырыатын бар дьонугар бэлэх уунна.

Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Кэнтик нэһилиэгин "Албан Аат" бочуоттаах хаһаайката, Россия орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Сергеевна Николаева биир дойдулаахтарын ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ.

Ыһыахха икки күн устата оһуохайга, фольклор көрүҥүгэр, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, тимиртэн оҥоһукка күрэхтэстилэр.

Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылыгар анаммыт Эдэр ыал күрэҕэ ыытылынна. Кыайыылаахтарга 6 кыыс оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ 125.000 солкуобай уу харчыннан бириис туттарылынна.
Ону тэҥэ Оһуохай Кылаан чыпчаалыгар 125.000 солкуобай, "Эр хоһуун-2024" многоборье күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай, мас тардыһыы муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай, Хапсаҕай муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай уу харчыннан туруорулуннулар. Миэстэлэспит, анал ааты ылбыт кыттааччылар араас сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Бары кыайыылаахтары ситиһиигитинэн, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун үбүлүөйдээх ыһыах үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан эҕэрдэлиибин.

#Кэнтик125
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун медицина үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин!

Медицина үлэһитин күнүн сыллата бэс ыйын үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтиибит. Бу бэлиэ бырааһынньыкка махтанабыт улууспут үрүҥ халааттаах аанньалларыгар. Эһиги күннэтэ бэриниилээх, сыралаах үлэҕит түмүгэр улууспут олохтоохторун доруобуйата харысхаллаах.

Баҕарабын эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни, уҕараабат күүһү-уоҕу.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ДеньМедицинскогоРаботника
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, бэс ыйын 17 күнүгэр күөх Ньурба улууһа төрүттэммитэ 200 сылын көрсөр Үрүҥ тунах ыһыахха Ньурба улууһун Аҕа баһылыгын Алексей Михайлович Иннокентьев ыҥырыытынан ыалдьыттаатыбыт.

Күндү Ньурба улууһун олохтоохторун!

Эһигини Үөһээ Бүлүү улууһа муниципальнай оройуон аатыттан Марха улууһа, билиҥҥитэ Ньурба оройуона төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах «Удьуор утума» Ньурба улууһун Үрүҥ Тунах ыһыаҕа саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин.

Баҕарабын Ньурба улууһугар өссө күүстээх сайдыыны, чөл туруктаах нэһилиэнньэни, элбэх кыайыылары.

#Ньурба200
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev