Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
794 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Forwarded from ALROSA
АЛРОСА💎 направила в бюджет Якутии рекордный объем денежных средств

Объем налогов, обязательных платежей и дивидендов предприятий группы АЛРОСА в консолидированный бюджет Республики Саха (Якутия), а также инвестиций, направленных на реализацию социальных программ по итогам 2023 года, составил 95,6 млрд рублей.

На долю группы АЛРОСА приходится 32% собственных доходов консолидированного бюджета Якутии и 58% доходов, поступивших от всех крупных предприятий республики.

Налоговые отчисления АЛРОСА в бюджет Якутии и улусов составили почти 79 млрд рублей и стали рекордными за всю историю компании.

«АЛРОСА зарегистрирована в Мирном, большинство наших дочерних компаний и основные производственные мощности расположены в Якутии. Поэтому 3/4 всех налоговых отчислений поступают в государственный бюджет республики и бюджеты муниципальных образований, обеспечивая почти треть всех доходов консолидированного бюджета Якутии. Сумма уплаченных за прошлый год налогов от АЛРОСА стала рекордной в истории Якутии. Кроме того, по итогам первого полугодия прошлого года АЛРОСА выплатила республике и восьми улусам, которые являются нашими акционерами, более 9 млрд рублей в виде дивидендов. Помимо налогов, обязательных платежей и дивидендов, мы направили 7,6 млрд рублей – более чем на миллиард больше, чем годом ранее, – на социальные и благотворительные программы. Подавляющая их часть также реализуется на территории Якутии», – сказал генеральный директор АЛРОСА Павел Маринычев.

#АЛРОСА_для_Якутии
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from ALROSA
Наблюдательный совет АЛРОСА рекомендовал Общему собранию акционеров выплатить дивиденды за 2023 год в размере 14,88 млрд рублей или 2 рубля 02 копейки на акцию.

Компания сохраняет приверженность лучшим практикам корпоративного управления и в 2024 году планирует проведение годового Общего собрания акционеров 20 мая 2024 года (в 2023 году годовое Общее собрание акционеров состоялось 30 июня). В этой связи, срок выплаты дивидендов акционерам будет сокращен более, чем на месяц. Датой составления списка лиц, имеющих право на получение дивидендов, рекомендовано определить 31 мая 2024 года.

В сентябре 2023 года внеочередным Общим собранием акционеров АК «АЛРОСА» (ПАО) было принято решение выплатить дивиденды за I полугодие 2023 года в размере 27,77 млрд рублей или 3 рубля 77 копеек на акцию.

#АЛРОСА_События
Бэҕэһээ киэһээ алмаастаах кыраайга Миирнэй куоракка "Хозактив Алроса - 2024" Алроса хампаанньыйа отчуоттуур сүбэ мунньаҕар кытта кэллим.

Үлэм күнүн алмаас хостуур МИР кимберлиитэбэй трубкаҕа сырыыннан уонна оҕо сааһым доҕорун Намын Алексейы, кини дьиэ кэргэнин кытта истиҥ көрсүһүүннэн түмүктээбитим.

Бүгүн, муус устар 24 күнүгэр, мунньах сарсыарда 10:00 чаастан саҕаланар. Мунньахха коллегаларым, Алроса акциялаах улуустар баһылыктара кыттыыны ылаллар.

"Хозактив Алроса-2024" отчуоттуур мунньахха хампаанньыйа үлэтин-хамнаһын, арҕаа дойдулар санкцияларын кэмигэр туругун туһунан иһитиннэриэхтэрэ.

#Алроса
#ХозАктив
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэллиэгэлэрбин Ньурба улууһун баһылыгын Иннокентьев Алексей Михайловиһы, Бүлүү улууһун баһылыгын Винокуров Сергей Николаевиһы кытта Миирнэй куоракка Алроса мунньаҕар.

Муус устар 24 күнэ 2024 с.

#Алроса

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ахсынньы 26 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар икки эбийиэк: Сургуулук орто оскуолата уонна Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатынан Нам нэһилиэгин норуот айымньытын киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылыннылар.

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Нам нэһилиэгэр саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыбытынан сибээстээн, алмаас тааска СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

2024 сыл атырдьах ыйын 9-с күнүгэр "Алроса" акционернай хампаанньыйа "Новинка" трубкатыттан хостоммут 74,5 караттаах алмааска Саха Өрөспүүбүлүкэтин, РСФСР уонна СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр туһунан туоһу суругу АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа генеральнай директорын сүбэһитэ Платонов Анатолий Васильевич эҕэрдэлээн туран туттарда.

Алмааска аат иҥэриллэрин туһунан "Алроса" АХ генеральнай директора Павел Алексеевич Маринычев 2024 сыл алтынньы 24 күнүгэр баттаабыт 01/297 - П нүөмэрдээх бирикээһин ытыс дохсун тыаһыгар, дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр Анатолий Васильевич доргуччу ааҕан билиһиннэрдэ.

Маны сэргэ, Нам нэһилиэгин олохтоохторун саҥа, тупсаҕай дьүһүннээх култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирбитинэн СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Мария Васильевна Турантаева эҕэрдэлээтэ.

Нам нэһилиэгин олохтоохторун өр кэтэспит бэлиэ түгэҥҥитинэн - саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Саҥа култуура дьиэтэ дьоҕурдаах дьону-сэргэни, кэнчээри ыччаты сайыннардын, өр үйэҕэ олохтоохтору үтүө тэрээһиннэринэн үөрдэ турдун!

Ытыктабыллаах Анегина Егоровна!
Эн улуу ааккар, чаҕылхай дьоҕургар, айдарыылаах аналгар сүгүрүйэн туран, дойдугар Нам нэһилиэгэр арыллыбыт саҥа култуура дьиэтигэр, маны сэргэ Сахабыт Сирин баайыгар - алмаас тааска аатын иҥэриллибитинэн, үйэтитиллибитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Улуу киһибит улуу аата алмаас таастыы күлүмүрдүү, култуура сырдык суолугар саҥа көлүөнэ ыччаты угуттуу турдун!

#АнегинаИльина
#Алроса
#ДомНародногоТворчества
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev