Forwarded from Республика Саха (Якутия)
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🔹Глава Якутии @Aisen_Nikolaev встретился с избранным главой Верхневилюйского район Валерием Николаевым.
🔹На встрече обсуждались вопросы, касающиеся дальнейшего развития улуса.
🔹В частности, говорили о реализации президентских национальных проектов, включая переселение граждан из ветхого и аварийного жилья, строительство дорог, социальных объектов, модернизацию коммунальной инфраструктуры.
@Sakhagove
#ПравительствоЯкутии
#ВместеТолькоВперед

Сандал саас маҥнайгы күнүнэн.
Бүгүҥҥү күммүт сарсыардааҥҥы халлаана Үөһээ Бүлүүгэ дойду былааҕын өҥүнэн киэргэйдэ.
Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ соруктаабыт этиилэрэ олоххо киирэн дойдубут күүһүрэрин айылҕабыт кытта сэҥээрэргэ дылы.
Уһун түүн толкуйбар буһаран-хатаран баран түмүккэ кэлбиппинэн, биһиги сахабыт сиригэр сыһыаннаах бырагырааммаларга кыттаммыт, хамаанданнан күүстээх үлэ ыыттахпытына кэлэр 6 сылга тосту атын таһымҥа тахсар кыахтанныбыт.
Владимир Путин инники кэлэр сайдыы суолун чопчулаата, аны биһиги ону туһанан сыалбытын ситиһэрбит эрэ хаалла.
Холобура, тыа сирдэригэр тиийэ мастер-план оҥорууга көмө көрүллэрин, оскуолалар, оҕо уһуйааннара өрөмүөннэнэллэригэр үп-харчы көрүллэрин, социальнай гаазтааһыны, оскуолаларга транспорт саҥардылларын, "Кадры", "Земский работник культуры" национальнай бырайыактары, түргэн интернет ситимин киэҥник тарҕатыыны, доруобуйа харыстабылын дьиэлэрин тутууну сэҥээрэ иһиттим.
Биһиги бу түгэни мүлчү туппакка, биир хайысхаҕа хайыһан, биир тиэмпэннэн үлэлээтэхпитинэ, бырагырааммаларга хапсан улууспутугар элбэх саҥаны киллэрэр кыахтанныбыт.
Күндү дойдум дьоно, буолаары турар быыбарга инники кэскилбит туһугар, тирэхтээхтик биир санааннан дойдубут Президиэнин өйүөҕүҥ, сайдыыны, кыайыылаах буолууну талыаҕыҥ диэн ыҥырабын!
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ВместеТолькоВперед
#Выборы2024
t.iss.one/ValeriNikolaev

Үөһээ Бүлүү улууһа Владимир Владимирович Путиҥҥа 91,70% куолаһы биэрэн, Саха Сиригэр 10 бастыҥ көрдөрүүлээх улуустарга киирдэ.
Бу үрдүк көрдөрүү биһиги улууспут дьонун-сэргэтин түмсүүлээх санаатын, Президиэҥҥэ үрдүк итэҕэлин көрдөрдө.
Быыбарга кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыт быыбардааччыларга, Быыбары үрдүк таһымнаахтык ыыппыт быыбардыыр хамыыһыйаларга Быыбар ситиһиилээх түмүктэниитинэн, үрдүк көрдөрүүтүнэн эҕэрдэлиибин уонна махтанабын.
#ВместеТолькоВперед
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бу үрдүк көрдөрүү биһиги улууспут дьонун-сэргэтин түмсүүлээх санаатын, Президиэҥҥэ үрдүк итэҕэлин көрдөрдө.
Быыбарга кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыт быыбардааччыларга, Быыбары үрдүк таһымнаахтык ыыппыт быыбардыыр хамыыһыйаларга Быыбар ситиһиилээх түмүктэниитинэн, үрдүк көрдөрүүтүнэн эҕэрдэлиибин уонна махтанабын.
#ВместеТолькоВперед
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана салайар олохтоох бэйэни салайыныы сэбиэтин мунньаҕар кыттыыны ыллым.
СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Николаевич Черноградскай олохтоох бэйэни салайыныы уоргана Арктиканы сайыннарыыга анаммы Ил Дархан Ыйааҕын толорууга үлэлэрин туһунан сырдатта.
Айылҕа харыстабылыгар ыытыллар үлэ туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министирин бастакы солбуйааччыта Дьулустан Иванович Хон билиһиннэрдэ.
СӨ экономикаҕа миниистирэ Петр Иванович Попов муниципальнай өҥөлөрү цифровизациялааһыҥҥа улахан болҕомто ууруохха наадатын эттэ. Интернет ситимин нөҥүө дьон-сэргэ бэйэлэрин кыһалҕаларын быһааралларыгар анаан, туох баар бары судаарыстыбаттан кэлэр өҥөлөр, көмөлөр чэпчэкитик, түргэнник уонна сатабыллаахтык оҥоһуллуохтаахтарын бэлиэтээтэ.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэсэдээтэлэ Кирилл Евгеньевич Бычков бүгүн Дьокуускай куоракка, Хомсомуол болуоссатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус баһылыктарыгар саҥа автобус күлүүстэрин туттартаата.
Үөһээ Бүлүү улууһугар анаммыт 3 автобус күлүүһүн улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов тутта.
Эрдэ улуус олохтоохторугар биллэрбитим курдук, чугас сытар нэһилиэктэргэ, улуус киинигэр рейсовай автобус сырыытын чөлүгэр түһэрэри ситиһиэхпит.
Үс саҥа автобус улууспутугар кэлэн улуус олохтоохторун сылдьар сырыыларын чэпчэтиэ диэн эрэнэбин.
Саха Өрөспүүблүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев улуустар сайдыыларыгар улахан болҕомто уурар. Саха Сирэ Арассыыйа регионнарыттан бастакыннан автобустары ылары ситиспитэ. Эрдэ, кулун тутар 12 күнүгэр саҥа автобустар Амма, Үөһээ Халыма, Горнай, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Кэбээйи улуустарыгар айаннаабыттара. Онтон бүгүн Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Мирнэй, Хаҥалас, Орто Халыма, Ленскэй, Аллараа Халыма, Нам улуустарыгар уопсайа 23 автобус күлүүһэ туттарылынна.
Ил Дархаҥҥа Айсен Сергеевичка өйөбүлгүт, сыралаах үлэҕит иһин махталбытын тиэрдэбит!
Иннибит Хоту Бары Бииргэ!

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова Дьокуускай куоракка үлэ сырыытын чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Физическай култуураҕа уонна успуорка миниистир бастакы солбуйааччытын Бугаев Александр Николаевичтыын көрүстэ.
Көрсүһүүгэ улууспутугар спорт салаатыгар национальнай бырайыактары киллэриигэ уонна муниципальнай тэриллиилэргэ спорт-инструктордар тиийбэттэрин кыһалҕатыгар үлэлэһэри сүбэлэстилэр.
Салҕыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Николаев Михаил Ефимович аатынан киин салайааччытын Юрий Иванович Семеновы, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат дириэктэрин, биир дойдулаахпытын Иван Иванович Шамаевы уонна С.Н. Донской аатынан үөрэҕэрии сайдыытыгар уонна квалификацияны үрдэтиигэ институт дириэктэрин Ньургун Михайлович Павловы кытта көрсөн Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэх хаачыстыбатын боппуруоһугар сүбэлэһии, инники былааннааһыы барда.
Үөһээ Бүлүү улууһугар социальнай бэлиитикэ өлгөмнүк үлэлииригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир бастакы солбуйааччытын Альбина Владимировна Трубинаны кытта Анна Михайловна көрүстэ.
Көрсүһүүгэ билигин үлэлии турар бырайыактарга, социальнай хантыраак үлэтигэр, ону таһынан уопсай социальнай тэрилтэлэрбитигэр материально-техническэй базалары саҥардааһыҥҥа кэпсэттилэр.
Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ үлэлээн хамнастаналларыгар көмө буолар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев биллэрбит саҥа үлэҕэ киириэхтээх "Мин бастакы хамнаһым" диэн пилотнай бырайыакка үлэлэһиигэ сүрүн болҕомтону уурдулар. Бу бырайыак үлэтин хардыытын сиһилии былааннастылар.
#АйсенНиколаев
#ПроектМояПерваяЗарпоата
#ҮөһээБүлүү
#ВместеТолькоВперед
#ИннибитХотуБарыБииргэ
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев быһа эфирын @aisen_nikolaev телеграм-каналыгар холбонон көрөбүт.
#АйсенНиколаев
#ВместеТолькоВперед
t.iss.one/ValeriNikolaev
#АйсенНиколаев
#ВместеТолькоВперед
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, бэс ыйын 23 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ 2 күннээх үлэтин сырыытынан кэллэ.
#ИлДархан
#ВместеТолькоВперед
#АйсенНиколаев
t.iss.one/ValeriNikolaev
#ИлДархан
#ВместеТолькоВперед
#АйсенНиколаев
t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Үөдүгэй нэһилиэгин Андреевскай бөһүөлэгэр “Универсальнай успуорт комплексын” тутуутун үлэтин билистэ.
“Универсальнай успуорт комплекса” 2022 сылтан тутуута тохтоон турбутун, быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 102,7 мөл.солк., улуус бүддьүөтүттэн – 3,1 мөл.солк., уопсайа 105,8 мөл.солк. көрүллэн тутуу үлэтэ саҕаламмыта. Быйыл тутуу үлэтэ бүтэн, успуорт комплекса үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Айсен Сергеевич тутуу бырайагын билистэ уонна тутуу үлэтин кэмигэр бүтэрэри сорудахтаата.
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
#Якутия

Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр 50 лет ЯАССР уулуссаҕа Култуура дыбарыаһа тутуллуон сөптөөх сирин көрдүбүт.
Үөһээ Бүлүүгэ инникитин 400 миэстэлээх кэнсиэрт саалалаах, 75 миэстэлээх киинэ тыйаатырдаах, ГТАС, норуот айымньытын киинэ, ону тэҥэ история түмэлэ киирэр улахан Култуура дыбарыаһа тутуута былааннанар. Бу баҕа санаабытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевиһы кытта үллэстэн, тутууга бэлэммитин биллэрдибит.
Айсен Сергеевич "Култуура дыбарыаһыгар" култуура эрэ эйгэтигэр сыаллаах тэрилтэлэри буолбакка, оҕо сайдарыгар анаммыт креативнай индустрия кластерын бырайыакка эбэргэ этии киллэрдэ уонна СӨ култуура миниистиэристибэтигэр бырайыактааһын үлэтигэр тэҥҥэ үлэлэһэргэ сорудахтаата

Бүлүү өрүс биэрэгин бөҕөргөтүү үлэтин Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев билистэ.
Биэрэги бөҕөргөтүү үлэ тэтимнээхтик бара турарын уонна быйыл түмүктэнэрин туһунан бэлиэтээтибит.
Үөһээ Бүлүүгэ өрүс биэрэгэ кэлиҥҥи сылларга түргэнник сиҥнэн, уонтан тахса дьиэҕэ уонна хас даҕаны социальнай хабааннаах эбийиэктэргэ кутталы үөскэтэр туруктаммытынан сибээстээн, РФ Айылҕа ресурсаларыгар министиэристибэтигэр, өрөспүүбүлүкэ сайаапканы түһэрбитин түмүгэр, сөптөөх үп көрүллэн 2022 сылтан үлэ саҕаламмыта.
#ВместеТолькоВперед
#Якутия
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
t.iss.one/ValeriNikolaev
Биэрэги бөҕөргөтүү үлэ тэтимнээхтик бара турарын уонна быйыл түмүктэнэрин туһунан бэлиэтээтибит.
Үөһээ Бүлүүгэ өрүс биэрэгэ кэлиҥҥи сылларга түргэнник сиҥнэн, уонтан тахса дьиэҕэ уонна хас даҕаны социальнай хабааннаах эбийиэктэргэ кутталы үөскэтэр туруктаммытынан сибээстээн, РФ Айылҕа ресурсаларыгар министиэристибэтигэр, өрөспүүбүлүкэ сайаапканы түһэрбитин түмүгэр, сөптөөх үп көрүллэн 2022 сылтан үлэ саҕаламмыта.
#ВместеТолькоВперед
#Якутия
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо эмтэнэр корпуһун сваятын түһэрии сиэригэр-туомугар кыттыыны ылла.
Оҕо эмтэнэр корпуһа (оҕо поликлиниката) "Доруобуйа харыстабыла" судаарыстыбанай бырагыраамма чэрчитинэн быйыл Саха Сиригэр "Оҕо саас" сылыгар тутуута саҕаланна.
Тутуу этэҥҥэ түмүктэнэн үлэҕэ киирэн улууспут оҕолорун доруобуйаларын харыстыырга, бөҕөргөтөргө тирэх буоллун!
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
#ВместеТолькоВперед
#НациональныеПроекты
#НациональныйПроектЗдравоохранения

Үөһээ Бүлүү улууһун икки нэһилиэгин түөлбэлэригэр газ ситимин холбооһун үлэтэ түмүктэннэ.
Андреевскай сэлиэнньэҕэ "Молодежнай" саҥа түөлбэҕэ гааһы киллэрээһиҥҥэ 9 мөл. 115 тыһ. солкуобай уонна Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Табыйыс" түөлбэҕэ уһаайбалары гаазтааһыҥҥа 17 мөл. 187 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэрин ситиспиппит.
«Молодёжный» түөлбэҕэ 940 метр уһуннаах газ ситимэ тардылынна, ол түмүгэр 55 уһаайба газка холбонор кыахтанна.
Балаҕаннаах нэһилиэгэр «Табыйыс» түөлбэҕэ 2370 метр уһуннаах газ ситимэ тардыллан 29 уһаайба газ ититиитигэр холбонорго бэлэм буолла.
Газ ситимин тардыы үлэтин "Сахатранснефтегаз" тэрилтэ исписэлиистэрэ графиктан эрдэлээн туттардылар.
Саҥа түөлбэлэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев көҕүлээһининэн тэриллибит «Развитие и освоение территории в целях стимулирования строительства индивидуальных жилых домов» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамма чэрчитинэн газ ситимигэр холбоннулар.
Санатан этэр буоллахха, быйыл Үөһээ Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурска ситиһиилээхтик кыттан, Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр саҥа микрорайоннарга газ уонна уот ситимин тардарга эбии үбүлээһини ылары ситиспиппит.
Кэлэр 2025 сылга Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр "Речная" микрорайоҥҥа үс Саха Сирин Президиэннэрин М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов ааттарынан уулуссаларга газ холбоноругар 21 мөл. 122 тыһ солкуобай, Үөдүгэй нэһилиэгэр "Молодежнай" микрорайоҥҥа уот ситимэ тардылларыгар 5 мөл. 812 тыһ. солкуобай үбүлэнэн, эһиилги сылга саҥа сирдэри, уһаайбалары, түөлбэлэри сайыннарыыга газтааһын, уот тардыллыытын үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолуо диэн эрэллээхпит!
#ОсвоениеНовыхМикрорайонов
#ВерхневилюйскийУлус

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэ 20 үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэнээччилэри таһарга анаммыт школьнай автобустар күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга туттарда.
Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын директора Прокопий Устинович Никонов Ил Дархан илиититтэн саҥа оскуола автобуһун күлүүһүн тутта.
Саҥа автобус 22 миэстэлээх, Саха Сирин климатыгар сөп түбэһэр, сылаастык оҥоһуллубут техника.
Автобустар үөрэнээччилэр хаачыстыбалаах үөрэхтэрин, үөрэх тэрилтэлэрин материальнай - техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ ананаллар.
Ороһу орто оскуолатын үлэһит коллективын, үөрэнээччилэрин саҥа автобус анаммытынан эҕэрдэлиибит!
Ороһу нэһилиэгэр СӨ Ил Дарханын А.С. Николаев өйөбүлүнэн саҥа оскуола тутулла турар. Эһиил ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэх сылын саҥа оскуолаҕа саҕалыахтара диэн эрэллээхпит.
#НовыйШкольныйАвтобус

Forwarded from Алексей Колодезников
Провел рабочее совещание по формированию плана газификации левобережья Верхневилюйского улуса.
В «Сахатранснефтегаз» составлен календарный план мероприятий: подготовка проектно-сметной документации, финансирования и строительства. Для выполнения строительных работ планируется привлечь местных специалистов и использовать производственные мощности самой компании. Таким образом, проект создаст новые рабочие места, которые будут задействованы в строительстве газового объекта и его дальнейшей эксплуатации. Ожидается, что проект завершится в 2030 году.
Напомню, между Якутией и компанией АЛРОСА было подписано соглашение о сотрудничестве, которое позволило начать строительство газопровода-отвода к производственным объектам АЛРОСА на Накынском рудном поле. Это стало возможным благодаря поддержке главы Якутии Айсена Сергеевича Николаева.
#ВместеТолькоВперед
#Сахатранснефтегаз
https://t.iss.one/kolodeznikov_alexey