Үөһээ Бүлүү улууһун култуура салалтатын саҥа салайааччытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх култуура үлэһитин, култуура уонна үөрэҕэрии туйгунун Айталина Михайловна Мойтохонованы кытта көрсөн улуус култууратын эйгэтигэр ыытыллар үлэ кэнсиэпсийэтин сүбэлэстибит.
Бүгүн култуура үлэһиттэригэр салайааччыны билсиһиннэрии буолла. Үлэһиттэри кытта көрсүһүүгэ Айталина Михайловна үлэтин былааннарын билсиһиннэрдэ уонна култуура үлэһиттэрин түмсэн, улуус баһылыгын үлэлиир бырагыраамматыгар тирэҕирэн, биир көрүүннэн, суолунан тэҥҥэ сайдыаҕыҥ, үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда.
#Культура
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev

В заседании Совета учредителей ООО "Верхневилюйский" рассмотрели заявление от 06.04.2024 г. Саввинова Александра Васильевича об освобождении с должности директора по собственному желанию. Обсудив и обменявшись мнениями постановили освободить от занимаемой должности директора ООО "Верхневилюйский" Саввинова Александра Васильевича.
t.iss.one/ValeriNikolaev
t.iss.one/ValeriNikolaev
Совет учредителей ООО "Верхневилюйский" постановил избрать директором ООО "Верхневилюйский" Алексеева Николая Ивановича
t.iss.one/ValeriNikolaev
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын салайааччылара сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы сиригэр биир дойдулаахтарбытын кытта көрсө барыахтара.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан нэһилиэктэртэн, тэрилтэлэртэн уолаттарбытыгар анаммыт гуманитарнай көмө хомулунна.
Улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров гуманитарнай көмөнү Дьокуускай куоракка илдьэн, салҕыы баһыылкалары анал байыаннай дьайыы сиригэр ыытта
Гуманитарнай көмөнү хомуйбут дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит!
#СВО
#ГуманитарнаяПосылка
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бүгүн кэллиэгэм, Ньурба улууһун Аҕа Баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Дьокуускай куоракка үлэ сырыытынан айаннаан иһэн Үөһээ Бүлүүгэ ыалдьыттаата.
Алексей Михайловиһы кытта Бүлүү эҥээр сытар улуустар түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөһөн, уопут атастаһан биир тэҥник сайдарга үлэлиэҕиҥ диэн сүбэлэҥи кэпсэттибит.
Алексей Михайловичка үлэтин сырыытыгар ситиһиилэри баҕарабын.
#Ньурба
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Алексей Михайловиһы кытта Бүлүү эҥээр сытар улуустар түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөһөн, уопут атастаһан биир тэҥник сайдарга үлэлиэҕиҥ диэн сүбэлэҥи кэпсэттибит.
Алексей Михайловичка үлэтин сырыытыгар ситиһиилэри баҕарабын.
#Ньурба
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иванов Егор Дмитриевич үлэ сырыытынан Хомустаах, Далыр нэһилиэктэригэр үлэлээтэ.
Үлэ сырыыта хаарбах дьиэлэр сааххалланар туруктаахтарын бигэргэтэргэ бэлэмнэнээһин, реестырга киллэрээһин туһунан нэһилиэнньэҕэ биллэрэр сыаллаах тэрилиннэ.
2017 сылтан тохсунньу ый 1 күнүн 2022 сылыгар диэри хаарбах туруктаах диэн бигэргэммит дьиэлэр билигин реестырга киирэн, 2030 сылга диэри көһөрүллэллэрэ былааннанан турар.
Онтон бу быйылгаттан реестырга киирбит дьиэлэр олохтоохторо 2030 сылтан саҥа тутуллубут дьиэлэргэ көһөр кыахтаныахтара.
Онуоха диэри элбэх үлэ ыытыллар. Дьиэлэри экспертизалаан, дөкүмүөнэ суох олорор ыалларга дөкүмүөннэрин оҥотторууга көмөлөһөн, сааххалланар кутталлаах диэн бигэргэтэн, саҥа дьиэлэри тутан үлэҕэ киллэрэн, Үөһээ Бүлүү улууһугар "Хаарбах дьиэттэн көһүү" национальнай бырагыраамма толору үлэлиирин ситиһиэхтээхпит.
Бүгүн бу үлэлэри саҕалыырга бастакы кэпсэтиилэр Хомустаах, Далыр нэһилиэктэригэр ыытылыннылар.
Хомустаахха 2 элбэх квартиралаах, Далыр нэһилиэгэр 6 элбэх квартиралаах дьиэлэр сааххалланар кутталлаахтарын бэлиэтээтилэр.
Көрсүһүүлэргэ олохтоохтор ирдэнэр дөкүмүөннэри хомуйан саҕалыыры сүбэлэстилэр, ыйытыыларыгар эппиэти иһиттилэр, улуус салалтатын кытта хаарбах дьиэлэри көһөрүүгэ үлэлииргэ бэлэмнэрин этиннилэр.
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#НациональнаяПрограмма
#ПереселениеИзВетхоАварийногоЖилья

Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова Дьокуускай куоракка үлэ сырыытын чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Физическай култуураҕа уонна успуорка миниистир бастакы солбуйааччытын Бугаев Александр Николаевичтыын көрүстэ.
Көрсүһүүгэ улууспутугар спорт салаатыгар национальнай бырайыактары киллэриигэ уонна муниципальнай тэриллиилэргэ спорт-инструктордар тиийбэттэрин кыһалҕатыгар үлэлэһэри сүбэлэстилэр.
Салҕыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Николаев Михаил Ефимович аатынан киин салайааччытын Юрий Иванович Семеновы, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат дириэктэрин, биир дойдулаахпытын Иван Иванович Шамаевы уонна С.Н. Донской аатынан үөрэҕэрии сайдыытыгар уонна квалификацияны үрдэтиигэ институт дириэктэрин Ньургун Михайлович Павловы кытта көрсөн Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэх хаачыстыбатын боппуруоһугар сүбэлэһии, инники былааннааһыы барда.
Үөһээ Бүлүү улууһугар социальнай бэлиитикэ өлгөмнүк үлэлииригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир бастакы солбуйааччытын Альбина Владимировна Трубинаны кытта Анна Михайловна көрүстэ.
Көрсүһүүгэ билигин үлэлии турар бырайыактарга, социальнай хантыраак үлэтигэр, ону таһынан уопсай социальнай тэрилтэлэрбитигэр материально-техническэй базалары саҥардааһыҥҥа кэпсэттилэр.
Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ үлэлээн хамнастаналларыгар көмө буолар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев биллэрбит саҥа үлэҕэ киириэхтээх "Мин бастакы хамнаһым" диэн пилотнай бырайыакка үлэлэһиигэ сүрүн болҕомтону уурдулар. Бу бырайыак үлэтин хардыытын сиһилии былааннастылар.
#АйсенНиколаев
#ПроектМояПерваяЗарпоата
#ҮөһээБүлүү
#ВместеТолькоВперед

Forwarded from Кирилл Бычков
Сельское хозяйство всегда находится в зоне нашего пристального внимания и контроля.
В 2024 году бюджет программы достиг впечатляющих 14,9 млрд рублей, что на 500 млн рублей больше, чем было годом ранее. На поддержку заготовки молока в 2024 году было направлено свыше 3,5 млрд рублей.
На данный момент до районов и городских округов доводятся 892,5 млн рублей, из которых уже освоено 235,2 млн рублей или 26,4%. Список районов, которым уже доведены субсидии:
- Амгинский район получил 67,8 млн рублей;
- Верхневилюйский район - 41,5 млн рублей;
- Верхоянский район - 26,5 млн рублей;
- Вилюйский район - 58,8 млн рублей;
- Горный район - 34,2 млн рублей;
- Кобяйский район - 27,1 млн рублей;
- Ленский район - 18,3 млн рублей;
- Мегино-Кангаласский район - 73,8 млн рублей;
- Мирнинский район - 15,5 млн рублей;
- Намский район - 35,5 млн рублей;
- Нюрбинский район - 52,2 млн рублей;
- Олекминский район - 40,4 млн рублей;
- Сунтарский район - 93,2 млн рублей;
- Таттинский район - 61,7 млн рублей;
- Томпонский район - 10,1 млн рублей;
- Усть-Алданский район - 41,9 млн рублей;
- Усть-Майский район - 2,9 млн рублей;
- Хангаласский район - 71 млн рублей;
- Чурапчинский район - 76,2 млн рублей;
- Якутск - 42,6 млн рублей.
Сейчас в районах завершается формирование нормативно-правовых актов об утверждении порядков финансирования и объявляются отборы получателей. Завершение отбора получателей субсидий и заключение соглашений на освоение средств улусами запланировано на вторую половину апреля.
Такие меры поддержки помогут не только сохранить, но и увеличить производство высококачественного молока в нашем регионе. Мы продолжим работу по разработке новых механизмов поддержки отрасли.
t.iss.one/kirill_bychkov_yakutia

Улуус 10 нэһилиэктэрэ эрдэ сайаапкалары биэрбиттэринэн тыа хаһаайыстыбатыгар ирдэнэр, ыт, сылгы, ынах, сибиинньэ, дьиэ көтөрө аһыыр бородууксуйатын, ону тэҥэ нэһилиэнньэҕэ аналлаах ас бородууксуйатын утары сыанатыгар сакаастаабыппыт.
Ылыллыбыт бородууксуйа сыанатыгар нэһилиэктэринэн тиэйээһин сыаната киирэ сылдьарынан сибээстээн, тиэйэн аҕалыыта босхо буолла.
Ол курдук сакааспытын бэҕэһээ тиэйэн аҕалан, Маай, Боотулуу, Ороһу, Балаҕаннаах, Нам, Хоро, Хомустаах, Кырыкый, Мэйик, Сургуулук, Андреевскай нэһилиэктэринэн тиксэрдилэр.
Уопсайа 920 тыһыынча сууммаҕа 22 тонна бородууксуйа тиэллэн кэлэн, нэһилиэктэринэн тиксэрилиннэ.
#ТыаХаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салайааччытын Гаврильев Кирилл Васильевиһы уонна ООО "Верхневилюйский" үүт-ас кэмбинээт дириэктэрин Алексеев Николай Ивановиһы кытта быйылгы 2024 сылга нэһилиэктэринэн үүт туттарааччылардыын хантыраак түһэрсиитэ бара турарын, үүт туттарыы былаанын, үүт тутар собуоттары саҥардааһын туһунан сүбэ мунньаҕы ыыттыбыт.
Николай Иванович ООО "Верхневилюйский" тэрилтэ үлэһиттэрин иннигэр хамнастарыгар иэстээҕин, ол иэһи сабарга үлэһиттэрдиин хамнастарын аахсарга бастатан туран үлэ ыытарын бэлиэтээн эттэ. Уонна инникитин хамнас тохтоло суох, уһатыллыбака төлөнүөхтээҕин биллэрдэ.
Кирилл Васильевич улуус үүт туттарааччылара, ынаҕы иитээччилэрэ, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үүттэрин харчытын, судаарыстыбаттан көрүллэр өҥөлөрү толору кэмигэр ылалларыгар үлэлиибит диэн мунньахха этиннэ.
#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮүтТуттарыы

Бүлүү куоратыгар кэллиэгэм Бүлүү улууһун баһылыга Винокуров Сергей Николаевич ыҥырыытынан ыалдьыттыы кэллибит.
Бүгүн Бүлүү куоратыгар, улуус бэйэтэ уйунан туттарбыт култуура дыбарыаһыгар "Ньургун Боотур" опера-олоҥхо премьератыгар сылдьар былааннаахпыт.
Көрсүһүүгэ Сергей Николаевич бэйэтин үлэтин былааннарын сырдатта, уопут атастаһыытыгар сүбэлэһии барда.
Бүлүү бөлөх улуустарын Аҕа баһылыктара доҕордуу сибээспитин олохтуубут.
#Бүлүү
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Бүлүү куоратыгар, улуус бэйэтэ уйунан туттарбыт култуура дыбарыаһыгар "Ньургун Боотур" опера-олоҥхо премьератыгар сылдьар былааннаахпыт.
Көрсүһүүгэ Сергей Николаевич бэйэтин үлэтин былааннарын сырдатта, уопут атастаһыытыгар сүбэлэһии барда.
Бүлүү бөлөх улуустарын Аҕа баһылыктара доҕордуу сибээспитин олохтуубут.
#Бүлүү
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн муус устар 10 күнүгэр сахалартан бастакы композитор, Саха Сиригэр профессиональнай музыка култууратын төрүттэспит Марк Николаевич Жирков төрөөбүтэ 132 сылыгар анаан кини аатын сүгэр Бүлүү куоратын оройуоннааҕы култуура дыбарыаһыгар Кыыл Уола Сергей Зверев аатынан СӨ национальнай үҥкүү тыйаатыра кыттыылаах, М. Жирков уонна Г. Литинскай музыкаларыгар, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон либреттатыгар «Ньургун Боотур» олоҥхо-опера премьератыгар Бүлүү улууһун баһылыгын ыҥырыытынан кэргэммин Мария Васильевнаны кытта ыалдьыттаатыбыт.
"Ньургун Боотур" опера-олоҥхо премьерата Бүлүү куората 390 сылыгар уонна биллэр Саха Сирин бэлэтиичэскэй диэйэтэлэ Степан Максимович Аржаков 125 сааһыгар ананан тэрилиннэ.
13 Бүлүү улууһун нэһилиэктэриттэн 200-тэн тахса киһи олоҥхо-операны тэрийиигэ кытыннылар.
Режиссер-постановщик Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Прокопий Неустроев.
Опера-олоҥхо туруоруллуута, режиссер үлэтэ, артыыстар, оркестр опера музыкатын толоруулара олус үрдүк таһымнааҕын бэлиэтээтибит. Ону кытта Бүлүү куоратыгар улуус күүһүнэн, үбүнэн тутуллубут саҥа култуура дыбарыаһын сэргии, хайҕыы көрдүбүт.
Бүлүү улууһун баһылыгар Сергей Николаевич Винокуровка маннык үтүө тэрээһиҥҥэ ыҥырыын иһин кэргэммин кытта махталбытын этэбит уонна премьера ситиһиилэхтик ааспытынан эҕэрдэлиибит.
#НьургунБоотур