Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Сэтинньи ыйга анал байыаннай дьайыы сиригэр Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията бу сылга үһүс төгүллээх гуманитарнай сырыытыгар бэлэмнэнэр.

Хас биирдии тэрилтэ үлэһиттэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр пуондаҕа кылааткыт иһин махтанабын. Ону тэҥэ байыас уолаттарбыт биир дойдулаахтарыгар ис сүрэхтэн махтаналларын өрүү биллэрэллэр.

Бүгүҥҥү сүбэ мунньахха баһыылкалары, көмө харчыны хомуйааһын саҕаланарын иһитиннэрдим. Биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан сайаапкалар киирэ тураллар.

Анал байыаннай дьайыы уоттаах киирсиилэригэр байыастарбыт олохторун харыстыыр, быыһыыр кыахтаах тэриллэр: тепловизордар, антидроннар, РЭП радиоэлектронный подавителлэр, дроннар, БПЛА-лар, матаһыыкыллар олус наадалаахтар.

Үһүс сырыыбытын сэтинньи ый ортотугар, идэһэ кэмэ саҕаламмытын кэннэ, уолаттарбытыгар дойдуларын этиттэн, аһыттан илдьэ тиийэр курдук былааннанныбыт.

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ананар көмөнү тэрийэр пуондаҕа харчы киириитигэр баҕа өттүнэн күн бүгүн улуус 51 тэрилтэтэ үлэлэһэ олорор. Итиэннэ биирдиилээн биэнсийэлээх аҕам саастаах дьон ый ахсын биэнсийэлэриттэн бу пуондаҕа көмө киллэрэ тураллар олус хайҕаллаах.

Байыастарга ананар гуманитарнай сырыы Саха сирин киинин кытта былааннаан оҥоһуллар. Бу сырыыга улуус дьаһалтатын аатыттан 4 киһи барара былааннанар. Онон нэһилиэктэр баһылыктарыттан бу сырыыга кыттыһыан баҕалаах дьонтон сайаапка күүтэбит. Биир дойдулаах уолаттарбытыгар көмө буолар, олус наадалаах тэриллэрин атыылаһан ылан илдьэргэ үлэһит нэһилиэнньэттэн көмө киирэрэ наада. Барыта кыайыы туһугар диэн санаанан салайтаран көмөҕүтүн түргэтэтиэххит диэн эрэнэбин.

#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
#ВсеДляПобеды
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Концертка киирбит үп анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө фондаҕа туттарыллар.

Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията быйыл үһүс төгүлүн гуманитарнай сырыыннан биир дойдулаах байыастарбытын көрсө ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар барарбыт былааннанар.

Улууспут бары олохтоохторо кыайыы туһугар кылааттарын киллэрэн, гуманитарнай көмөнү хомуйарга көхтөөхтүк кытталлар.

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ муҥха былыгын ыһаарылаан бэлэмнээтилэр. Ыһаарыламмыт соболор тоҥоруллан, баһыылкалар барарга бэлэмнэр.
Ону сэргэ, бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа.

Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

#СВОихНеБросаем
#ВсеДляПобеды
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev