Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
265 videos
1 file
798 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Ийэ күнүнэн уонна Арассыыйаҕа Аҕа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


Россия Президиэнэ В. В. Путин Ыйааҕынан олохтоммут, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна оҕолору иитиигэ аҕа буолуу суолтатын үрдэтэр Аҕа күнүн быйыл иккис төгүлүн бэлиэтиибит. Бу ураты суолталаах күн - Саха сиригэр бастакы Президент М.Е. Николаев Ыйааҕынан 1993 сылтан бэлиэтэнэр Ийэ күнүн кытта биир күҥҥэ түбэһэн, Саха Сиригэр алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Ийэ уонна Аҕа күнүн бэлиэтиибит.

Оҕону иитиигэ төрөппүттэр – Ийэ уонна Аҕа сүҥкэн суолталаахтар. Күн күбэй Ийэ оҕотун өрүү көмүскүүр, сылаас сыһыанынан, кыһамньытынан, үтүө тылынан угуттуур, өйүүр. Ийэлэрбит муҥура суох тапталларынан биһиги улаатабыт, сайдабыт, олоххо бэйэбит суолбутун көрдөөн булабыт, тупсабыт уонна үрдүккэ дьулуһабыт.

Аҕа үүнэр көлүөнэҕэ Аҕа дойдуга тапталы, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэр, эр санаалаах буоларга, Ийэ дойдуну таптыырга, дьоһун киһи, дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ буоларга иитэр-такайар.

Дьоллоох киһини иитэн таһаарыы – хас биирдии төрөппүт анала.

Бары Ийэлэргэ уонна Аҕаларга бу күн биһиги муҥура суох махталбытын биллэрэбит. Хас биирдии киһи олоҕор Иэйэхсит Ийэ, Айыыһыт Аҕа - улахан суолталаах, олохпутугар тирэҕирэр саамай чугас дьоммут.

Күндү Ийэлэр уонна Аҕалар баҕарабыт эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу. Холумтаҥҥыт өрүү сылаас буоллун, дьиэ кэргэҥҥит бигэ туруктаах, олоххут уостубат уйгулаах, кэнчээри ыччаккыт ымыылаах буоллун!
Оҕолоргут сылаас сыһыаннарыгар бигэнэн, сиэннэргит ситиһиилэринэн кынаттанан, чөл, чэгиэн сылдьыҥ, уһуннук дьоллоохтук олоруҥ!

Эҕэрдэни, дириҥ ытыктабылы кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга, В.В. Николаев

#ИйэКүнэ
#АҕаКүнэ
#ДеньОтца
#ДеньМатери
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ытыктабыллаах, тапталлаах далбар хотуттарбыт, күн күбэй Ийэлэрбит!

"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини бүтүн Россиятааҕы Ийэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


Бу бырааһынньык – ийэлэрбитигэр ытыктабылы, тапталы биллэрэр махталбыт бэлиэтэ буолар.

Хас биирдии киһи ийэттэн төрүүр, ийэттэн кэлэр. Ийэ оҕотун хайдах иитэриттэн, оҕотугар сыһыаныттан уопсастыба быһыыта-майгыта, туруга улахан тутулуктаах. Билиҥҥи балысханнаах кэмҥэ, Ийэ суолтата туохтааҕар да күүстээх.
Анал байыаннай дьайыы хорсун буойуттарын төрөтөн-иитэн улаатыннарбыт Күндү Ийэлэргэ Дьоруой уолаттаргыт иһин барҕа махтанабыт!

Күндү Ийэлэр! Эһиги дьиэ кэргэн эргийэр киинэ буолаҕыт, дьоҥҥутун-сэргэҕитин араҥаччылыыгыт, тапталынан угуттуугут, айарга-тутарга көҕүлүүгүт. Дьоллоох ийэ дьоллоох олоҕу түстүүр. Онон улууспут уйгута улаатарын, чэчирии сайдарын туһугар биһиги билигин уонна инникитин даҕаны хас биирдии ийэ дьоллоох буоларын туһугар кыһаллыах тустаахпыт.

Ийэ күнүнэн эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, бигэ туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев.

#ДеньМатери
#ИйэКүнэ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev