Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
795 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн Дьокуускай куоракка Упрдор "Вилюй" суол-иис тэрилтэтигэр бастакы солбуйааччыбын Егор Дмитриевич Иванову кытта Үөһээ Бүлүү улууһугар киирэр федеральнай суоллар хапытаалынай өрөмүөннэрин боппуруоһугар сүбэ мунньахтаатыбыт.

Чыбыыда -Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, Чаллыр-Хоро суолун өрөмүөннээһин кыһалҕата билигин сытыытык турар.
Быйыл күһүн Чыбыыда үрэхтэн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Чаллыртан Хороҕо тиийэр суоллар күүскэ сатарааннар элбэх моһоллору үөскэппиттэрэ.

"Вилюй" Упрдор тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы Марианна Револьевна Никифорова Чыбыыда үрэх муостаттын Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр тиийэр уонна Чаллыр-Хоро суол хапытаалынай өрөмүөнүгэр федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллэригэр сайаапка түһэрбиттэрин, ону сэргэ Түүкээн үрэххэ диэри 10 км федеральнай суол оҥоһулларыгар үп көрүллэн турарын биллэрдэ.

Федеральнай суол хапытаалынай өрөмүөнүн үлэтэ ыытыллыан иннэ син биир массыыналар тохтоло суох айанныыллар, онон айан суола куттала суох буоларын курдук билигин сатараан турар суолларбыт дьаамаларын өрөмүөннээһини, суол болотунатын чөлүгэр түһэрэри туруорустубут. Ону тэҥэ өрүһү туоруур паром переправатыттан, Чаллыр-Хоро федеральнай суолун эппиэтинэскэ ылан өрөмүөн үлэтин былааҥҥа киллэрэллэрин туһунан кэпсэтии ыыттыбыт.

#ВилюйУпрдор
#АвтодорогаВилюй
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev