Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
794 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Указом Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева №260 от 22 марта 2024 года, за большие заслуги в области образование, вклад в социально-экономическое развитие
республики, активную общественную деятельность и многолетний
добросовестный труд почетное звание “Заслуженный работник образования Республики Саха (Якутия)” присваивается, заместителю директора
по учебной работе государственного бюджетного профессионального
образовательного учреждения Республики Саха (Якутия) «Верхневилюйский
техникум», Верхневилюйский улус (район) БОЛТОКОВОЙ Антонине Николаевне

#ВВТ50

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн истиҥник ахтар, саныыр, бастакы идэбин биэрбит үөрэх кыһата Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум үбүлүөйдээх 50 сылын бэлиэтиир.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистиригэр Нюргуна Афанасьевна Соколоваҕа Үөһээ Бүлүү техникума сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибитин туоһуулаан анал бэлиэни техникум дириэктэрэ Матрена Васильевна Осипова үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Араас сылларга техникуму салайбыт дириэктэрдэри, араас сыл выпускниктарын, уһуйааччылары, үөрэнээччилэри үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум кэлиҥҥи сылларга биллэ сайдан, үөрэх бырагыраамматын кэҥэтэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан устудьуоннары мунньан билии биэрэн, эдэр ыччаты иитиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааты киллэрэр.

Үөрэх кыһата сылтан сыл ахсын өссө сайдан, саҥа үрдэллэри дабайан, уһулуччулаах исписэлиистэри иитэн-үөрэтэн таһааран, Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар төһүү күүс буолан өрүү баар буоллун диэн баҕа санаабын этэбин.

Уһуйааччыларбар, биэрбит билиигит, үтүө иитиигит иһин махталбын тиэрдэбин!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ВВТ50
#ВервилТехЛучшеВсех
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev