Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүлүү бөлөх улуустарын хамаандалара бары түмсүүлээхтик Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ.

#БүлүүБөлөхУлуустара
#ҮөһээБүлүү
#Сунтаар
#Ньурба
#Бүлүү
Бүгүн, бэс ыйын 20 күнүгэр Сунтаар улууһун ыһыаҕар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов Сунтаар улууһун баһылыгын Анатолий Васильевич Григорьев ыҥырыытынан ыалдьыттыыр.

Олоҥхо дойдута Сунтаар Үрүҥ тунах ыһыаҕа киэн культурнай, спортивнай бырагырааммалаах тэриллэр.

Сунтаар улууһун олохтоохторун Үрүҥ тунах ыһыаҕынан "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллар Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар Сунтаар улууһун Аҕа Баһылыгын Анатолий Васильевич Григорьевы мааны ыалдьыт буоларгар ыҥырабыт.

#Сунтаар
#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах

t.iss.one/ValeriNikolaev