Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүүтээҕи ЕДДС дьуһуурунай сулууспа иһитиннэрэр.

Кулун тутар 31 күнүгэр күнүс 16 чаас 19 мүнүүтэҕэ 12 нүөмэрдээх ОГПС диспетчерыттан ЕДДС сулууспаҕа Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр, Кентикский тракт, 21/1 аадырыһынан турар быһыыр сулууспа дьиэтэ умайбытын туһунан биллэрии киирбитэ.
 
Бастакы уоту умуруорааччылар баһаар миэстэтигэр 16 чаас 24 мүнүүтэҕэ тиийбиттэрэ. Тиийбит кэмнэригэр иккис этээс бүтүннүү уокка былдьанан, сарайтан хойуу уоттаах буруо тахса турара.

16 чаас 25 мүнүүтэҕэ уоту умуруоран саҕалаабыттара, 17 чаас 16 мүнүүтэҕэ аһаҕас уот умуруоруллубута. 18 чаас 20 мүнүүтэҕэ баһаары тохтоттулар.

Баһаар дьайыытыттан 180 кв.м быһыыр сулууспа дьиэтэ бүтүннүү уокка былдьанна.

Умайбыт дьиэ туһунан быһаарыы:
Икки этээстээх, мас каркааһынан, сип панелинан, полистеролунан, профлиһынан тутуллубут дьиэ. 2023 сыллааҕы тутуу.

Баһаар туохтан сылтаан буолбутун, хоромньуну быһаарыы, буруйдаахтары булуу үлэтэ бара турар.

Баһаар содулугар эмсэҕэлээбит, өлбүт суох.

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүгүн Дьокуускай куоракка Координационнай центр оперативнай штабын салайааччы эбээһинэһин толорооччуну Бугаев Николай Дмитриевиһы кытта көрүстүбүт.

Көрсүһүүгэ анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Үөһээ Бүлүү улууһун салалтатын делегацията биир дойдулаах уолаттарбытын кытта көрсө барарын былааннастыбыт.

Анал байыаннай дьайыыга Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар уолаттарбытыгар дойдуларыттан өйөбүл, гуманитарнай көмө оҥорорго сыаллаах биһиги барыыбытын түргэтэтэргэ туруорустубут. Этиибитин истэн баран, ыам ыйыгар анал байыаннай дьайыы хонуутугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията барарын былааҥҥа туруордулар.

Сотору кэминэн уолаттарбытыгар гумантирнай көмөнү хомуйан бэлэмнэниини саҕалыахпыт. Үөһээ Бүлүү улууһун буойуттара, хорсун уолаттара болҕомтото суох хаалыа суохтаахтар. Дойдуларыттан кэһии, алгыс тылын тутан күүстэригэр күүс эбиллиэ, харысхаллаах буолуохтара. Уонна дойдуларын дьоно кинилэри эрэнэ кэтэһэрбитин, өрүү өйөбүл буоларбытын биллэриэхтээхпит.

Николай Дмитриевич уолаттарга хайдах тииптээх дроннары, тэриллэри ылары быһааран, ыйан-кэрдэн биэрдэ. Онон төһө кыалларынан туһалаах түүҥҥү өттүгэр көрөр прибордары, дрон утары тэриллэри, тепловизордары, онтон да атын уолаттарбыт олохторун харыстыыр, кыайыылаах буоларга көмөлөһөр кыахтаах сэрии сэптэрин хомуйан Үөһээ Бүлүү буойуттарыгар тиэрдэри ситиһитэхпит.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Арктик телеком интернет сибээс операторын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн Үөһээ Бүлүү улууһугар түргэн интернет ситимин холбооһуҥҥа үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Билиҥҥи кэмҥэ улууска соҕотох интернет оператор "Ростелеком" үлэлиир. Интернет тарифа улууска үрдүгүнэн сибээстээн, атын конкуренцияны оҥорор хампаанньыйа Бүлүү эҥээр улуустарыгар үлэтин саҕалаабыта хайҕабыллаах.

Арктик телекомнар тэйиччи сытар нэһиликтэргэ интернет холбуохтарын сөбүн эттилэр, онон сибээстээн Туобуйа нэһилиэгэр интернет ситимин хайдах киллэриэххэ сөбүн толкуйдаан, былааннаһыах буоллулар.

Түргэн, чэпчэки, быстала суох үлэлээх интернет тыа сирэ сайдарыгар улахан суолталааҕынан сибээстээн түөрт Бүлүү  улуустарыгар сибээс өттүгэр саҥа хампааньыйалар, оператордар кэлэн үлэлииллэрин өйүүбүт.

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын салалтата кэлэр ыйга анал байыаннай дьайыы хонуутугар уолаттарбытын кытта көрсө барарыгар бэлэмнэнии саҕаланна.

Бүгүн мунньахха Луганск, Донецк, Запорожье, Херсон уобаластарыгар дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар көмө тиийэрин курдук былааннаан, сибээскэ тахсан, туох көмө наадатын билсэн баран күүскэ үлэлиэхтээхпит диэн сыал сорук туруордубут.

Сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү, өйөбүлү ыытыан баҕалаахтарга анал биллэрии тахсыаҕа.

#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Улууска социальнай эбийиэктэри, суоллары тутуу туһунан мунньах тэрилиннэ.

Быйылгы сылга Көтөрдөөх-Багадя суолун реконструкциятыгар 64 мөл. 150тыс, Боотулуу-Харбала (Тыалаччыма үрэхтэн Чонороҕо диэри) 36 мөл. 256 тыс. көрүллүбүтэ.
Ону таһынан улуус киинигэр:
Үөдүгэй нэһилиэгэр Ю.М. Максимов аатынан уулусса уонна П. П. Андреева аатынан переулок өрөмүөнүгэр 3 мөл. 712 тыс., В.В. Васильев уонна Е.В. Адамова аатынан уулуссалар өрөмүөннэригэр 3 мөл. 534 тыс. көрүллэн, сотору кэминэн үлэ саҕаланарын кэтэһэбит. Нам нэһилиэгэр: Комсомольскай, Хомустаах, Механизатор уулуссаларын өрөмүөнүгэр 5 мөл. 204 тыс. көрүллэр буолла.
Бу көрүллүбүт үптэр, улууспутугар суол кыһалҕатын кыралаан быһаарарбытыгар улахан көмө буолаллар. Суол диэн сайдыы тирэҕэ буоларын өйдөөн туран, хаачыстыбалаах үлэ барарын ситиһиэхпит.

Оскуолалар тутууларыгар: Харбалаах нэһилиэгэр 90/40 миэстэлээх оскуола-оҕо уһуйаана тутуутун урукку бырайыагын көннөрөн, саҥа бырайыак үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр «Универсальный комплекс спортивных единоборств" тутуута 2022 сылтан үбүлээһинэ тохтоон турбутун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталстыбатын, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич өйөөһүнүнэн уонна Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан - 102,7 мөл. солк., оройуон бюджетыттан - 3,1 мөл.солк, уопсайа 105,8 мөл. 2024 сылга үбүлэнэрин ситиспиппит. Билигин смета оҥорооһунугар үлэ бара турар.

Дойду Президиэнэ Владимир Путин биллэрбитинэн, национальнай бырайыактар тиһиктэрин быспакка салҕаналлар. Ону таһынан үөрэх тэрилтэлэрин хапытаалнай өрөмүөннэрин оҥорууга национальнай бырайыак нөҥүө көмө көрүллэринэн сибэстээн улуус оскуолаларын өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлииргэ сүбэлистибит.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамматынан дьиэлэри тутууга былааннаһыы үлэтин саҕалыырга үлэ хамыыһыйатын тэрийэн ыытары сорудахтаатым

#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev 
Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтатын кытта сүбэ мунньахтаатыбыт.

Мунньахха бастатан туран үүт туттарбыт олохтоохторго үүт харчыта төлөммөккө турарын кыһалҕатын быһаарарга уонна СУС бырагыраамманнан төлөнүөхтээх харчы бу нэдиэлэҕэ төлөнөрүгэр улуус тыа хаһаайыстыбатын салайааччытыгар Кирилл Васильевичка сорудахтаатым.

Быйылгы сылга үүт туттарыы былаанын толорон, үүттэн оҥорон таһаарар тэрилтэлэри өйөөн, быйылгы сылга үүт туттарааччылар харчылара кэмигэр төлөнөрүн, кэмигэр кормозаготовка өйөбүлэ, ону кытта хас ыанар ынах төбөтүн аайы көрүллэр субсидия харчыта толору оҥоһулларын ситиһиэхпит.

Быйылгы сылтан үүт астан бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйата улуус олохтоохторун хааччыйарын курдук саҥа механизымнары үрдүк таһымнаахтык тэрийэн киллэриэхпит.

#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
"Алёнушка" оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ бэйэлэрэ илиилэринэн оҥорбут ыҥырыы суруктарын туттум.

Муус устар 3-с күнүнгэр "Алёнушка" тэриллибитэ 35 сылыгар анаан кинигэ суруллан сүрэхтэниитэ киин библиотекаҕа күнүс 14:00 чааска ыытыллар.

#Алёнушка35

t.iss.one/ValeriNikolaev
VIII Бүлүү улуустарын тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин спартакиадатын тэрийэр хамыыһыйа сүбэ мунньаҕа ыытылынна.

Быйылгы спартакиада дьиэ кэргэн, оҕо саас уонна түмсүү сылыгар ананан ыытыллар. Ньурба, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын бэтэрээннэрэ бэс ыйын 8-9 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ, Үс Хоһуун стадиоҥҥа мустан дуобатка, шахматка, хабылыкка, хаамыскаҕа, волейболга, тенниска, бильярдка, дартска, городкига, пневматическай винтовканнан ытыыга, эстафетаҕа, бальнай үҥкүүгэ күөн күрэстэһиэхтэрэ.

60 саастарыттан үөһээ бэтэрээн спортсменнары бэс ыйын 8-9 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ кэтэһэбит. Тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытарга бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна.

#СпартакиадаВетеранов
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыксаллаах быһыыга министиэристибэтин былаанныыр отделын салайааччыта Спиридонов Николай Дмитриевич Үөһээ Бүлүүтээҕи ыксаллаах быһыы хамыыһыйатын кытта мунньаҕы тэрийэ кэллэ.

Сотору  кэминэн Бүлүү өрүспүт мууһа арыллан, хамсаан сааскы уу кэлиитин сэрэтэргэ үлэни ыытыга олохтоох ыксаллаах быһыы үлэһиттэрин кытта сарсын көрсөн сэрэхтээх күннэргэ хайдах үлэ барыахтааҕын сүбэлиэхтэрэ.

Сааскы уу барбытын кэннэ, куйаас сайыммыт саҕаланан ойуур баһаарын кыһалҕата эмиэ үөскүөн сөп, онон олохтоох дьону кытта ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууну, оту көрүүтэ суох өртөөһүн түмүгэр улахан баһаар тахсыан сөбүн туһунан сэрэтэр кэпсэтиилэри ыытыахтара.

Үөһээ Бүлүү улууһа халаан уута нэһилиэктэри таарыйбакка барарыгар, ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга үлэтин ыытар.

#СезонПаводка2024
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү күнүн чэрчитинэн 7 киһи бэйэлэрин тус боппуруостарын быһаарса приемҥа киирэ сырыттылар.
Кыһалҕаларын быһаарарга тустаах исписэлиистэргэ сорудахтаан, боппуруостарын ырытан, сүбэлэһэн, улуус дьаһалтатын өйөбүлүн биллэрдибит.

#ПриемГраждан
#ҮөһээБүлүү


t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирэ Афанасий Иванович Ноев Бүлүү улуустарынан рабочай сырыыннан үлэлиир.

Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэ көрсүһүүтүгэр сырытта. Көрсүһүүгэ култуура национальнай бырайыагын тула кэпсэттибит, инники үлэлэри былааннастыбыт.

Дойду Президиэнэ Владимир Путин саҥа киллэрбит национальнай бырайыактарыгар кыттарга былааннастыбыт.

#Культура
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Вместе с представителями командования Восточной группировки войск встретился с воинами - якутянами, приехавшими из многих воинских частей.

Мы тепло пообщались, бойцы рассказали и поделились впечатлениями о службе, задали интересующие их вопросы. Настрой у всех боевой. Наши военнослужащие на передовой показывают настоящий пример мужества и непоколебимой силы духа, с честью выполняя все поставленные перед ними боевые задачи. Мы гордимся каждым из них.

Передал воинским частям, где служат наши бойцы, необходимое снаряжение, начиная от уже зарекомендовавших себя квадроциклов "Сокол", квадрокоптеров, заканчивая прицелами. Военнослужащие остались очень довольны, передали большой привет и слова благодарности всем своим землякам. Все настроены только на одно – на Победу. Вместе, только вперёд!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Forwarded from ALROSA
АЛРОСА💎 направила в бюджет Якутии рекордный объем денежных средств

Объем налогов, обязательных платежей и дивидендов предприятий группы АЛРОСА в консолидированный бюджет Республики Саха (Якутия), а также инвестиций, направленных на реализацию социальных программ по итогам 2023 года, составил 95,6 млрд рублей.

На долю группы АЛРОСА приходится 32% собственных доходов консолидированного бюджета Якутии и 58% доходов, поступивших от всех крупных предприятий республики.

Налоговые отчисления АЛРОСА в бюджет Якутии и улусов составили почти 79 млрд рублей и стали рекордными за всю историю компании.

«АЛРОСА зарегистрирована в Мирном, большинство наших дочерних компаний и основные производственные мощности расположены в Якутии. Поэтому 3/4 всех налоговых отчислений поступают в государственный бюджет республики и бюджеты муниципальных образований, обеспечивая почти треть всех доходов консолидированного бюджета Якутии. Сумма уплаченных за прошлый год налогов от АЛРОСА стала рекордной в истории Якутии. Кроме того, по итогам первого полугодия прошлого года АЛРОСА выплатила республике и восьми улусам, которые являются нашими акционерами, более 9 млрд рублей в виде дивидендов. Помимо налогов, обязательных платежей и дивидендов, мы направили 7,6 млрд рублей – более чем на миллиард больше, чем годом ранее, – на социальные и благотворительные программы. Подавляющая их часть также реализуется на территории Якутии», – сказал генеральный директор АЛРОСА Павел Маринычев.

#АЛРОСА_для_Якутии
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
2014 сыл муус устар ый 14 күнүгэр бигэргэммит «О создании классов по гендерному образованию в Верхневилюйском улусе в условиях модернизации российского образования» Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай оройуон дьаһалтатын 291-р нүөмэрдээх Дьаһалын күүһэ суох ааҕар Дьаһалы бигэргэттим.

#Дьаһал
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Арассыыйа Федерациятын спордун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренера, РФ үөрэҕэриитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, "Сахаада-спорт" ассоциация лауреата, "Дети Азии" фонд стипендиата Константин Николаевич Туприн аатынан бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хотугу многоборьяҕа чемпионат Үөһээ Бүлүү улууһугар, Үс хоһуун спорт комлпексыгар арылынна.

Күрэхтэһии хотугу норуоттар оонньууларын көрүҥэр икки күн ыытыллар.

Үөһээ Бүлүү ыччата хотугу многоборьяҕа Красноярск куоракка 16-17 саастаах оҕолорго ыытыллыбыт III бүтүн Арассыыйатааҕы арктика оонньууларыгар хамаанданнан 3-с миэстэ буолары ситиспиттэр. Оҕолорбутугар үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлээн бочуот грамотатын туттардыбыт.

Бүгүн, сарсын ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи хотугу многобрье чемпионатыгар 17 улуустан 42 спортсмен кыттыыны ылар.

Күөн күрэххэ кыттар спортсменнарга ситиһиилэри баҕарабын. Ким күүстээх кыайдын!

#СеверноеМногоборье
#Спорт
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev