Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
264 videos
1 file
792 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Өр сылларга быһаарыллыбакка сылдьыбыт Чечня сэриитин бэтэрээннэрин бырааптарын чөлүгэр түһэрэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын отчуотугар туруорсан, бүгүн СӨ тутууга министиэрстибэтиттэн үөрүүлээх сонуну туттубут.

Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕын түмүгэр, Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх икки хорсун буойун ини биилэр Осипов Михаил Михайлович, Осипов Егор Михайлович уонна Мэйик нэһилиэгиттэн төрүттээх Иванов Дмитрий Михайлович сокуон быһыытынан, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ буолалларын туоһулаан, бырааптарын туруорсан, "Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин дьиэннэн хааччыйыы" бырагыраамма чэрчитинэн дьиэ ылалларын ситистибит.

Бу ситиһиибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын кытта түмсүүлээх үлэбит түмүгэ буолар. Махтанабыт, биһиги уолаттарбыт кыһалҕаларыгар болҕомтоҕутун ууран, кырдьыктааҕы ситиһэн, буойуттар бырааптарын чөлүгэр түһэрэргэ төһүү күүс буолбуккутугар.

Уолаттарбытыгар саҥа дьиэ ылары ситиспиккитинэн истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!

#восстановлениеПравВетеранаБоевыхДействий
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev