Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
794 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытыластыбатын бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар Джулустан Анатольевич Борисовка миниистирдэр кыттыылаах сүбэ мунньахха кыттыыны ыллым.

Мунньахха быйылгы Бырабыыталыстыба отчуотугар Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэриттэн киирбит этиилэри толорууга, ыйыллыбыт кыһалҕалары быһаарааһыҥҥа туһаламмыт үлэ толоруутун тула кэпсэтии ыытылынна.

Сүбэ мунньахха тутаах министиэристибэлэр миниистирдэрэ бу сылга быланнаммыт үлэ хайдах баран иһэрин иһитиннэрдилэр, Үөһээ Бүлүү нэһилиэнньэтиттэн киирбит этиилэри толорууга ыытыллар үлэ туһунан дакылааттаатылар.

Джулустан Анатольевич кэлэр Бырабыыталыстыба отчуотугар диэри быйылгы былааннаммыт үлэлэри тиһэҕэр тириэрдэргэ сорудахтаата.


#ОтчетПравительстваРСЯ
#ВерхневилюйскийУлус
#РабочаяПоездка

t.iss.one/ValeriNikolaev