Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
264 videos
1 file
792 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
😍
Бүгүҥҥү үлэ көрсүһүүлэрин Боотулуу нэһилиэгинэн түмүктээтибит.
Боотулуу олохтоохторо култуура киинигэр кэлэн бэйэлэрин санааларын үллэстэн, этиилэрин киллэрэн, көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Быыбар иннинээҥҥи агитация көрсүһүүтүгэр киирбит ыйытыылар иһилиннилэр. Ол курдук, нэһилиэккэ заправка суоҕун кыһалҕатын, уот кыамтатын мөлтөҕүн, ититии ситимигэр холбонооһуну, тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын, мелиорация үлэтин, фермердары өйөөһүн туһунан ыйытыылары, этиилэри көтөхтүлэр.

Ону таһынан, тутулла турар саҥа оскуола хаһан үлэтэ түмүктэнэн үлэҕэ киирэрин кэтэһэллэрин биллэрдилэр.

Сүрүн тыын кыһалҕалара гааз киирээһинэ. Бэлиэтээн этэр буоллахха, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр газтанааһыннарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата улахан болҕомто уурар. Бу хайысхаҕа бүгүн улахан хардыылар оҥоһулуннулар.


#ИннибитХотуБарыБииргэ
#Боотулуу

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM