Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Муус устар 16-17 күннэригэр улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова уонна "Защитники Отечества" судаарыстыбанай пуонда өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын социальнай координатора Фаина Естафьевна Иванова көҕүлээһиннэринэн өрөспүбүлүкээнскэй психологическай киин Бүлүүтээҕи филиалын психолога Иванова Саргылана Николаевна, Бүлүүтээҕи П.А.Петров аатынан киин балыаһа клиническэй психолога Иванова Раиса Ивановна уонна психотерапевт бырааһа Макарова Надежда Ильинична Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэлииллэр.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уйулҕалара уоскуйарыгар көмөнү оҥордулар, сүбэ-ама биэрдилэр.

Маннык билиҥҥи балысханнаах кэмҥэ киһи уйулҕатын чөлүгэр түһэрэргэ ыытыллар үлэлэр тустаах дьоҥҥо, ыалга көмө, өйөбүл буолалларын бэлиэтиибит. Инникитин бу хайысханы ахсарбакка болҕомтоҕо ылан үлэлиир былааннаахпыт.

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата өҥөнү оҥорбут Бүлүү куоратын психологтарыгар ыҥырыыбытын ылынан кэлэн үлэлэспиккитигэр махтанабыт.

#ЗащитникиОтечества
#СВО
#ПсихологическаяРеабилитация

t.iss.one/ValeriNikolaev