Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
265 videos
1 file
798 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
27-с Хапсаҕай федерациятын Кубога Үөһээ Бүлүүгэ арылынна!

Кубокка уопсайа 10 сүүмэрдэммит, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хамаандалара: Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Ньурба, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустара күөн күрэскэ киирсэллэр.

Саха Сирин хапсаҕайын федерациятын Кубогын муҥутуур кыайыылааҕа ким буоларын сарсын, ахсынньы 15 күнүгэр билиэхпит.

Бөҕөстөргө ситиһиилээх күрэҕи, дьүүллүүр сүбэҕэ ыраас, чиэһинэй үлэни, хапсаҕайы сэргээччилэргэ умнуллубат түгэннэри баҕарабын! Ким дьарыктаах, күүстээх, дьоҕурдаах ол кыайдын!

Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар кыайыыны✊️!

#КубокФедерацииБорьбы
#Хапсаҕай
#ҮөһээБүлүү