Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Сирин гиревой спорт федерациятын Кубогар Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата кыайыылаах буолла!

Гиревой спорт федерациятын Кубога быйыл Нам улууһугар ыытылынна, күөн күрэскэ 15 хамаанда кииристэ, ол иһигэр 7 толору хамаанда.

Маны сэргэ Үөһээ Бүлүүттэн 2 спортсмен, Софронов Мичил Николаевич уонна Барахова Сардана Кимовна, Сахаада спорт маастардарын аатын ыллылар.

Финал түмүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата бастакы миэстэ, Хаҥалас улууһун хамаандата иккис миэстэ, Нам улууһун хамаандата үһүс миэстэ буоллулар.

Үөһээ Бүлүү улууһун гиревой спорт сүүмэрдэммит хамаандатын, тренеры Николай Сергеевич Кардашевскайы үрдүк кыайыыгытынан эҕэрдэлииибит! Кыайыыгытынан киэн туттабыт!

#ГиревойСпорт
#КубокФедерации

t.iss.one/ValeriNikolaev