Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.47K photos
263 videos
787 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Эр хоһуун уолаттарбыт!

Эhигини барыгытын Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит!

Эһиги эстибэт эрчимнээх, бигэ тирэхтээх, уостубат тускуллаах, чөл доруобуйалаах, чэгиэн куттаах, уйгу-быйаҥ олохтоох буоллаххытына саха саргыта салаллыа, норуот уйгута уһаарыллыа, үүнэр-сайдар кэскиллэниэ!

Уол оҕо Аҕа буолар Айыылартан аналлаах. Онтон Аҕа, Эр киһи быһыытынан былыр былыргаттан харыстыыр, көмүскүүр, дурда-хахха буолар сүдү оруолун өрө тутар!
Олох тускула дьиэ кэргэҥҥэ, дьиэ кэргэн уйгута Аҕа баһылыкка тирэҕирэр.
Онон сиэттэрэн баҕарыам этэ кытаанах тускуллаах, бигэ тирэхтээх, байылыат олохтоох буоларгытыгар!
Тус олоххутугар ситиhии, табыллыы, дьол-саргы эрэ арыалластын, эҥэрдэстин!

Дойдубутун харыстыы, көмүскүү сылдьар буойун уолаттарбытыгар эҕэрдэ эрчимин тиэрдэбит.
Эһиги күүстээх эр санааҕытынан, быһый быһыыгытынан, хорсуҥҥутунан киэн туттабыт! Дойду харысхалын туһугар сыралаах үлэҕит иһин махтал тылбытын этэбит!

Үөһээ Бүлүү олохтоохторо уонна дьаһалтата Анал байыаннай дьайга сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө, өйөбүл оҥорорго бэлэм. Уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр бастатан туран улахан болҕомто уурабыт, туох баар көрүллэр көмөнү кэмигэр, сөптөөхтүк, толору оҥоһулларыгар кыһаллабыт.

Уолаттарбыт, буойуттарбыт! Этэҥҥэ, кыайыы кынаттаах дойдугутугар эргиллэн кэлэргитин кэтэһэбит! Айыыларгыт арчылаатыннар, харыстаатыннар!

Үөһээ Бүлүү улууһун Баһылыга, Валерий Николаев.

#ДеньЗащитниковОтечества
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev