Саҥа салайааччы, бастатан туран Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччытыгар Егор Дмитриевичка КУМИ дьиэтэ эргэрбитин, ону таһынан исписэлиистэргэ материально-техническай хааччыйыы мөлтөҕүн биллэрдэ.
Коллективы кытта көрсүһүү кэннэ, Семён Александровиһы кытта улууспут сайдыытын туһугар, ону тэҥэ КУМИ исписэлиистэрэ үлэлиир усулуобуйалара тупсарын туһугар туох сыал-сорук баарын кэпсэттибит.
Семён Александровичка үлэтигэр ситиһиилэри, саҥа сүүрээни олохтуурга күүһү-уоҕу баҕарабын!
#Назначение
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Баһылыктарга бүгүҥҥү күҥҥэ туох ситиһиилэр баалларын, араас тутууларга үп-харчы көрүллээһинин туһунан сырдаттым.
Мунньахха баһылыктар нэһилиэктэригэр баар кыһалҕаларын этиннилэр.
Түмүккэ, баһылыктары Үөһээ Бүлүүбүт сайдарын, тупсарын туһугар биир өйүнэн, түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырдым.
#Мунньах
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дойду Президиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан 2024 сыл - Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Бу маннык быһаарыныы дьиэ кэргэни харыстыырга уонна үгэһин сайыннарыыны хараанныырга ананан ылыллыбыта.
Онон сиэттэрэн, Дойду үрдүнэн "Всей семьей" диэн улахан судаарыстыбыннай бырайыак саҕаламмыта.
Бырайыак сыала-соруга - дьоҥҥо-сэргэҕэ дөбөҥнүк өйдөнөр ньыманан бары көлүөнэни ситимнээн, дьиэ кэргэн элбэх бириэмэ бииргэ атаарарын, бэйэ сынньалаҥын, иллэҥ кэми сөпкө аттаран көхтөөхтүк тэринэрин көҕүлээһин буолар.
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун уонна ыалдьыттарын, "Всей семьей" диэн судаарыстыбынай бырайыакка кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Хас биирдии Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьиэ кэргэнэ бу бырайыакка кыттыыны ылыан сөп. Онуоха Всейсемьей.рф диэн сайтка, ол эбэтэр "Всей семьей" диэн социальнай ситим бөлөхтөрүгэр VK (Вконтакте) уонна ОК (Одноклассники) регистрацияны ааһыаххытын сөп.
Саамай көхтөөхтөрү бириис кэтэһэр. Сүрүн ситиһиинэн төрөппүттэр уонна оҕолор биир тэҥҥэ дьоллоох кэми атаарылара буолуоҕа.
Кыттыы усулуобуйата олус судургу:
Нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэ кэргэнинэн уустуга суох сорудахтары толоруу. Холобура, түмэлгэ бииргэ сылдьыы, сыыртан сырылаан, хаарга оонньоон, пааркаҕа күүлэйдээн сибиэһэй салгыҥҥа бириэмэни бииргэ атаарыы, кэнсиэркэ, киинэҕэ сылдьааһын. Бу сорудахтары толорбуккутун хаартыскаҕа түһэрэн баран социальнай ситимҥэ таһаараҕыт. Булгуччулаах ирдэбилинэн бу бырайыак хэштегын #всейсемьей #всейсемьей14 туруораҕыт.
Кулун тутар бүтүүтэ финал буолар, онно дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах Араассыыйа иһигэр күүлэйдии барарга анаммыт 100 путевка оонньонуоҕа.
Билиҥҥи кэмҥэ Саха Сирин үрдүнэн 1000-тан тахса дьиэ кэргэн бырайыакка кыттыста. Бары кыттыан баҕалаахтарга регистрация аһаҕас.
#всейсемьей #всейсемьей14

Кутурҕан сурах кэллэ. 🕯️
Никифоров Кирилл Никонович – Лөкөчөөн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр сүдү киһибит орто дойдуттан туораата.
Кини – "Душа России" Национальнай бириэмийэ хаһаайына, норуот эмчитэ, норуот маастара, Легкай атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ 29-төгүллээх чемпиона, үлэ бэтэрээнэ, култуура үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхоһут, Алгысчыт, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданская доблесть” знак хаһаайына.
“Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн”, “Айдаанаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоголлой Боотур” , “Кун Эрбийэ бухатыыр” диэн кини суруйбут олоҥхолорунан Үөһээ Бүлүү тыйаатырыгар испиктээкиллэр туруоруллубуттара, киинилэр уһуллубуттара. Кирилл Никонович элбэх көлүөнэ ыччаты олоҥхоҕо, саха култууратыгар угуйбут үтүөлээх.
Айылҕаттан айдарыылаах, дьоҕурдаах сүдү киһибит, киэн туттар убайдаатар убайбыт күн сириттэн туораабытыттан олуһун хараастан, хомойон туран аймахтарыгар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин.
Кини чаҕылхай аата үйэлэргэ умнуллубатын!
Быдан дьылларга быраһаай, убаастабыллаах ытык киһибит Кирилл Никонович.🕯️

Эр хоһуун уолаттарбыт!
Эhигини барыгытын Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһиги эстибэт эрчимнээх, бигэ тирэхтээх, уостубат тускуллаах, чөл доруобуйалаах, чэгиэн куттаах, уйгу-быйаҥ олохтоох буоллаххытына саха саргыта салаллыа, норуот уйгута уһаарыллыа, үүнэр-сайдар кэскиллэниэ!
Уол оҕо Аҕа буолар Айыылартан аналлаах. Онтон Аҕа, Эр киһи быһыытынан былыр былыргаттан харыстыыр, көмүскүүр, дурда-хахха буолар сүдү оруолун өрө тутар!
Олох тускула дьиэ кэргэҥҥэ, дьиэ кэргэн уйгута Аҕа баһылыкка тирэҕирэр.
Онон сиэттэрэн баҕарыам этэ кытаанах тускуллаах, бигэ тирэхтээх, байылыат олохтоох буоларгытыгар!
Тус олоххутугар ситиhии, табыллыы, дьол-саргы эрэ арыалластын, эҥэрдэстин!
Дойдубутун харыстыы, көмүскүү сылдьар буойун уолаттарбытыгар эҕэрдэ эрчимин тиэрдэбит.
Эһиги күүстээх эр санааҕытынан, быһый быһыыгытынан, хорсуҥҥутунан киэн туттабыт! Дойду харысхалын туһугар сыралаах үлэҕит иһин махтал тылбытын этэбит!
Үөһээ Бүлүү олохтоохторо уонна дьаһалтата Анал байыаннай дьайга сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө, өйөбүл оҥорорго бэлэм. Уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр бастатан туран улахан болҕомто уурабыт, туох баар көрүллэр көмөнү кэмигэр, сөптөөхтүк, толору оҥоһулларыгар кыһаллабыт.
Уолаттарбыт, буойуттарбыт! Этэҥҥэ, кыайыы кынаттаах дойдугутугар эргиллэн кэлэргитин кэтэһэбит! Айыыларгыт арчылаатыннар, харыстаатыннар!
Үөһээ Бүлүү улууһун Баһылыга, Валерий Николаев.
#ДеньЗащитниковОтечества

Олунньу 23-25 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ Саха АССР чемпиона, буойун-спортсмен, хапсаҕайдьыт, Василий Степанов - Буучугурас 115 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи Хапсаҕай турнира 43-с төгүлүн ыытыллар.
Призовой фонд 2 000 000 солкуобай.
Күрэххэ ыччаттар, эр дьон, бэтэрээннэр диэн түһүмэххэ арахсан кыттыахтара.
Ким күстээх кыайдын! Быһый бастаатын!
ТУРНИР БЫРАГЫРААММАТА:
Олунньу 24 күнэ
10.00-13.00 – Күрэх саҕаланыыта, маҥнайгы киирсиилэр.
13.00-14.00 – Сынньалаҥ
14.00-14.30 – Турнир үөрүүлэх арыллыыта
14.30 – күрэх салҕыыта
Олунньу 25 күнэ
09.00 – Маҥнайгы киирсиилэр
14.00 – Түмүктүүр киирсиилэр.
17.00 – Наҕараадалааһын.
#Хапсаҕай
#Буучугурас

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Кэнтик култуура киинигэр өр сылларга дириэктэринэн үлэлээбит, энтузиаст киһибит Никита Николаевич Филиппов сырдык кэриэһигэр анаммыт, кини бэйэтэ олохтообут "ТенБильДартс" диэн турнира Кэнтик спорт саалатыгар тэрилиннэ. Бу күрэҕи Никита Николаевич бастакытын 2018 сыллаахха саҕалаабыта. Уонна сыл ахсын олохтоохтор биһирэбиллэрин ылан үрдүк таһымнаахтык ыытыллар. ТенБильДартс турниры быйыл төрдүс сылын Никита Николаевич дьиэ кэргэнэ кини сырдык кэриэһигэр, аатын үйэтитэр аналлаах тэрийэр.
Быйылгы күрэххэ 14 кыттааччы суруттарда. Теннис, Бильярд, Дартс көрүҥнэригэр тыҥааһыннаах киирсии буолла. Бу үс көрүҥ түмүгэр кыайыылаахтары наҕараадалаатылар.
Эһиилги сылга ТенБильДартс турниры, чөл олоҕу өрө тутар сыаллаах улуус таһымыгар таһааран, күрэҕи киэҥник тарҕатар былаан баар.
Инникитин бу тэрээһин сайдан, кэҥээн, тупсан истин! Никита Николаевич сырдык аата ааттана турдун!
#ТенБильДартс
#23февраля
#Спорт
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Быйылгы күрэххэ 14 кыттааччы суруттарда. Теннис, Бильярд, Дартс көрүҥнэригэр тыҥааһыннаах киирсии буолла. Бу үс көрүҥ түмүгэр кыайыылаахтары наҕараадалаатылар.
Эһиилги сылга ТенБильДартс турниры, чөл олоҕу өрө тутар сыаллаах улуус таһымыгар таһааран, күрэҕи киэҥник тарҕатар былаан баар.
Инникитин бу тэрээһин сайдан, кэҥээн, тупсан истин! Никита Николаевич сырдык аата ааттана турдун!
#ТенБильДартс
#23февраля
#Спорт
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүүлэр киэн туттар бөҕөспүт, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, буойун-хапсаҕайдьыт, Саха АССР хапсаҕайга бастакы Чемпиона Василий Степанов - Буучугурас үбүлүөйдээх 115 сааһыгар анаан ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай күөн күрэһэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Хапсаҕайы сэҥээрээччилэри, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары бу үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хапсаҕай дойдута Үөһээ Бүлүү - ыалдьыттары уруйдуур-айхаллыыр!
Күрэххэ 16 улуустан 270-тан тахса бөҕөс кыттар. Ону таһынан тас регионтан Бурятия өрөспүүбүлүкэтиттэн бөҕөс кэлбитэ Буучугурас хапсаҕайа Арассыыйа таһымыгар тахсыбытын көрдөрөр.
Бөҕөстөргө баҕарабын тулууру, дьулууру, кыайыыны!
Үөһээ Бүлүү хапсаҕыйыгар Уруй-Айхал!
#Буучугурас2024

Дойду Президиэнэ Владимир Владимирович Путин Ыйааҕынан "Жилье и городская среда" национальнай бырайыак чэрчитинэн тэриллибит «Формирование комфортной городской среды» диэн федеральнай бырайыак 5 сыллаах үлэтин түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 68 уопсай туһаныы уонна 144 дьиэ таһынааҕы сирдэр тупсарылыннылар.
Бу сыалы ситиһэргэ 2,6 млрд харчы, ол иһигэр 2,2 млрд федеральнай үп көрүлүннэ.
Бырайыак көмөтүнэн куораттар, нэһилиэктэр көстүүлэрэ сылтан сыл тупсан иһэр, ону таһынан дьон-сэргэ сынньанар, дьаарбайар сирдэрэ элбииллэр, олорор олох усулуобуйа таһыма үрдүүр.
2020 сылтан биһиги Үөһээ Бүлүүбүт улууһугар дьон-сэргэ сылдьан сынньанар сирдэрин тупсарыыга маннык үлэлэр тэриллибиттэрэ:
1. Куорамыкы күөлүн тупсарыыта
2. Сынньалаҥ уонна култуура паарката
3. Оҕо оонньуур былаһаакката
Бу бырайыактар Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин өйөөбүт бырагырааматын өҥөтүнэн, сөптөөхтүк үлэлииринэн туһаныллан олох-дьаһах тупсуутугар сүҥкэн хардыы оҥоһуллубута.
Бу ылыллыбыт тиэмпэни ыһыктыбакка, быйылгы сылга "Жилье и городская среда" диэн национальнай бырайыак иһинэн өссө эбии 3 үлэ оҥоһуллара былааннанар.
Ол курдук:
1. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр И.Н.Барахов аатынан сквер
2. "Кунку" Үөдүгэйдээҕи парка тупсарыыта.
3. Хомустаах нэһилиэгин скверин тупсарыыта
2024 сыл кулун тутар 15 күнүттэн муус устар 30 күнүгэр диэри Үөһээ Бүлүү улууһун 5 нэһилиэгэ "Жильё и городская среда" национальнай бырайыак чэрчитинэн тэриллэр "Формирование комфортной городской среды" диэн судаарыстыбынай бырайыак көмөтүнэн 2025 сылга тупсарыллар уопсай сынньанар сирдэри талыыга онлайн куоластааһыҥҥа кыттыахтара. Хас биирдии кыттар нэһилиэк иккилии бырайыагы куоластааһыҥҥа таһаарыаҕа.
Күндү биир дойдулаахтарбыт, Үөһээ Бүлүүлэр!
Онлайн куоластааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын. Эһиги куоластааһыҥҥыт ханнык нэһилиэккэ дьон-сэргэ сынньанар тупсаҕай паарката 2025 сылга баар буоларын быһаарыаҕа.
#НациональнаяПрограмма
#КомфортнаяГородскаяСреда
#Благоустройство

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Салҕыы мунньахпытыгар улуус тэрилтэлэрин салайааччылара ааспыт нэдиэлэтээҕи үлэ түмүктэрин, ону тэҥэ бу нэдиэлэ былааннарын билиһиннэрдилэр.
Үлэ нэдиэлэтэ саҕаланна.
#Планёрка
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Борбуев Спиридон Олегович освобождается с занимаемой должности начальника муниципального казённого учреждения "Управление образования" муниципального района "Верхневилюйский улус (район)" Республики Саха (Якутия)
t.iss.one/ValeriNikolaev
t.iss.one/ValeriNikolaev
11 сыл устата баһылыктаабыт, төрөөбүт дойдум Кэнтик нэһилиэгэ тэриллибитэ быйыл 125 сылын бэлиэтиир.
Үөрүүлээх үбүлүөй тэрээһинин үрдүк таһымнаахтык ыытарга бэлэмнэнии үлэтин саҕалыыр туһунан тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕын ыыттыбыт.
Кэнтик нэһилиэгин күннэрэ Дьокуускай куоракка кулун тутар 29-30 күнүгэр ыытыллара былааннанар. Сүрүн болҕомтону тардар тэрээһиммит - кулун тутар 29 күнүгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи тимир уустарын күрэҕэ. Кэнтик нэһилиэгэ Чап уустарынан Аар саарга аатырар. Чап уустара хас да көлүөнэ тимири чапчайан, уһааран бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сыдьааннара тимири уһаналларыттан киэн туттабыт.
Кулун тутар 30-с күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан "Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр" үбүлүөй бырааһынньыгар үөрүүбүтүн үллэстэрэгэ биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт.
#Кэнтик125

Бүгүн биир дойдулаахпыт, Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр норуот бөлөһүөгэ, "Гражданскай килбиэн" бэлиэ хаһаайына, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, саха рок хамсааһынын аҕата, саха ВИА группалара сайдыыларыгар, сахалыы доҕуһуолга олорууларыгар, сүҥкэн кылааты киллэрбит Тумусов Михаил Сысоевич, норуотка биллэр аатынан Тумус Мэхээлэ ыарахан ыарыыга ылларан, бүгүн күн сириттэн туораата.🕯️
Кини Чороон, Чолбон, Айтал, Дапсы рок группалар олохтонууларыгар, сайдыыларыгар улахан сабыдыаллаах. Маны таһынан кини суруйбут, чочуйбут ырыаларын саха эстрадатын чаҕылхай артыыстара ыллыыллар. Саха академическай тыйаатырыгар “Ойуун түүлэ” испэктээкили туруорууга үлэлэспитэ. “Табык” рок фестивалын 1989 с төрүттээбит, иилээбит-саҕалаабыт умнуллубат улахан өҥөлөөх.
Тумус Мэхээлэ Чап уустарыттан удьуордаах, саха сиэрин, култууратын өрө туппут, туохха барытыгар бигэ сахалыы көрүүлээх, истиилээх ураты дьоҕурдаах киһибит биһиги кэккэбититтэн суох буолбута саха норуотугар улахан сүтэрии буолар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ, аҕыйах сыл иһигэр саха төрүт билиитин-үөрэҕин сурукка хаалларарга дьаныардаахтык үлэлээбитэ, элбэх кинигэни таһаарбыта.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан, уонна тус бэйэм Михаил Сысоевич чугас дьонугар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин.
Кини сырдык аата, чаҕылхай үлэлэрэ, хаалларбыт суола үйэлэри уҥуордаан өрүү тыыннаах буолуо!
Быдан дьылларга быраһаай, убайбыт Тумус Мэхээлэ 🕯️

Кынатов Юрий Васильевич назначается на должность начальника муниципального казённого учреждения "Управление образования" муниципального района "Верхневилюйский улус (район)" Республики Саха (Якутия)
t.iss.one/ValeriNikolaev
t.iss.one/ValeriNikolaev