Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Москва куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлигэр Федотов Андрей Сандаминовичка Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията сүбэ мунньахтаатыбыт.

Андрей Сандаминович үгэс быһыытынан анал байыаннай дьайыы уопсай бүгүҥҥү балаһыанньатын сырдатта, байыаннай зонаҕа киирдэхпитинэ сэрэхтээхтик сылдьарга сүбэлээтэ.

Андрей Сандаминович бастакы сырыыларбытыгар биһиэхэ сүбэннэн-аманнан көмөлөспүтүгэр, билигин да көмө буоларыгар махтанабыт.

Мунньах түмүгэр, гуманитарнай миссиябытын ситиһиилээхтик 100% толорон кэлэрбитигэр баҕа санаатын этиннэ.


#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
#ГуманитарнаяПоездка

t.iss.one/ValeriNikolaev
Анал байыаннай дьайыы зонатыгар Запорожье уонна Херсон уобаластарыгар, ону сэргэ Донецк республикатыгар гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.

5 күн иһигэр, сибээскэ тахсыбыт байыастарбытын кытта, уопсайа 51 биир дойдулаахтарбытын көрүстүбүт, баһыылкалары туттартаатыбыт.


Байыастар дойдуларын аһын тутан үөрүүлэрэ, биир дойдулаахтарыгар махталлара үгүс.
Үгэс быһыытынан, улууспут бүддьүөт үлэһиттэриттэн киирбит үбүнэн сэриигэ байыас олоҕун быыһыыр, харыстыыр кыахтаах техникалары: дрон утары тэриллэри, беспилотник утары тэриллэри (радиоэлектронная безопасность), квадрокоптердары, матаһыыкыллары, түүҥҥү прибордаты, тепловизордары ылан тиксэрдибит.

Сибээскэ кыайан тахсыбатах хоһууттарбытыгар баһыылкалары Новоазовск куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин опорнай пуунугар хааллардыбыт. Опорнай пуун эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ байыастары кытта биирдиилээн сибээскэ тахсан, бэрт сотору кэминэн баһыылкалары тиксэртиэхтэрэ.

Байыастар настарыанньалара бойобуой, дойдуларын сонунун истэн, баһыылкалары тутан санаалара көтөҕүллэн, олус сэргэх, сүр көтөҕөр көрсүһүүлэр аастылар.
Гуманитарнай көмөнү хомуйбут, ыыппыт бар дьонноругар махталларын биллэрэллэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын гуманитарнай сырыыта салҕанар.

#СВОихНеБросаем
#ГуманитарнаяПоездка
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev