Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.59K photos
269 videos
1 file
830 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бөдөҥ партийнай-хаһаайыстыбаннай салайааччыны, судаарыстыбаннай- уопсастыбаннай диэйэтэли, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, СӨ профүөрэхтээһинин, Россия ниэбин-гааһын комплексын бочуоттаах үлэһитин, философия билимин дуоктарын, бэрэпиэссэри, спортсмены, айааччыны, дэгиттэр талааннаах Сургуулук чаҕылхай уолун, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕун, ытыктабыллаах Лазарь Степановиһы 85 сааһын туолар Өрөгөйдөөх үбүлүөйүн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Эн Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай — экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит кылаатыҥ сүҥкэн. ССКП Ленскэйдээҕи райкомун II, онтон I сэкирэтээринэн, Саха АССР үлэҕэ уонна социальнай Судаарыстыбаннай боппуруостарга бэрэссэдээтэлинэн, оттук бырамыысыланнаһын, үлэ, бырамыысыланнас уонна геология - министиэристибэлэрин миниистиринэн үгүс өрүттээх кэскиллээх үлэни ыыппытыҥ.

Эн үлэҥ-хамнаһыҥ Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтиигэ, өрөспүүбүлүкэ ниэптээх-гаастаах сирдэрин арыйыыга, туһаҕа таһаарыыга, сир үрдүгэр эйэни бөҕөргөтүүгэ туһуламмыта.

Күн бүгүнүгэр диэри ыччат дьоҥҥо олох суолтатын өйдөтө, көлүөнэлэр утумнарын олохтуу, сыраҕын ууран, дириҥ-далай билиигиттэн бэрсэ, күнүстэри-түүннэри түбүгүрэ, сурукка- бичиккэ тиһэ, кэлэ-бара, көрсүһэ-кэпсэтэ сылдьаргыттан бар дьонуҥ олус астынар, киэн туттар.

Эйиэхэ, ытык-мааны киһибитигэр, барҕа махталбытын этэбит, сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит!
Дьонуҥ-сэргэҥ, дьиэ кэргэниҥ тапталыгар-махталыгар сууланан, уһуннук олор, чэгиэн сырыт, дьоллоох буол!

Алгыс баһа сыаланнын!

Дириҥ ытыктабылы кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун Баһылыга
В. В. Николаев

#Эҕэрдэ

t.iss.one/ValeriNikolaev