Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
794 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
"А5а уолунаан – 2024" улуустааҕы күрэх үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэххэ Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэриттэн 11 хамаанда кыттыыны ылла:

Курэх 7 түһүмэҕинэн ыытылынна:
1. Бастакы түһүмэх - бэрэбинэни суоруу.
Бары бүппүттэрин кэннэ кээмэйдээн баран, барыларыттан ыраастык, ирдэбили тутуһан суорбутунан кыайдылар Далыр нэһилиэгиттэн Леонид уонна Айсен Филипповтар.

2. Эрбээһин күрэҕэр кыайдылар: Хомустаах нэһилиэгин хамаандата Николай уонна Ким Кухотовтар.

3. Мас хайытааһын күрэҕэр кыайдылар: Дүллүкүттэн Айсен уонна Арсен Петровтар.

4. Уот оттуутун күрэҕэр кыайдылар: Сургулуук нэһилиэгиттэн Юрий уонна Рустам Уйгуровтар.

5. Баҕанаҕа ыттыы күрэҕэр кыайыыны ситистилэр Хомустаах нэһилиэгиттэн Николай уонна Ким Кухотовтар.

6. Ойбон алларыыта күрэҕэр кыайыылааҕынан таҕыстылар Дүллүкү нэһилиэгиттэн Айсен уонна Арсен Петровтар

7. Биатлон (Охотничий биатлон) күрэҕэр кыайдылар: Далыр нэһилиэгиттэн Леонид уонна Айсен Филипповтар

Улуустааҕы "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ:
1 миэстэни ыллылар -  Дүллүкү нэһилиэгиттэн Айсен уонна Арсен Петровтар
2 миэстэни ыллылар - Хомустаах нэһилиэгиттэн Николай уонна Ким Кухотовтар.
3 миэстэни ыллылар – Далыр нэһилиэгиттэн Леонид уонна Айсен Филипповтар.

Анал ааттары уонна анаммыт бириистэри көрүн арааһынан бастаабыт хамаандалар ыллылар.

Ону таһынан нэһилиэк аҕа баһылыктара кыттылаахтарыгар бэт туһалаах бириистэри туттардылар.

1 миэстэни ылбыт хамаанда  Дүллүкү нэһилиэгиттэн Айсен уонна Арсен Петровтар Үөһээ-Бүлүү чиэһин Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ-Хаҥаласка  көмүскүөхтэрэ.

Ситиһиини уонна кыайыыны Петровтар дьиэ кэргэттэригэр!

Күрэх кыттыылаахтарыгар, тэрийээччилэригэр көхтөөх кыттыыгыт иһин махтанабын.  Улууспут аҕаларын уонна туйахтарын хатарааччы уолаттарын түмэр, сыһыарар аналлаах "Дьиэ кэргэн" уонна "Оҕо саас" сылыгар анаммыт тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллан түмүктэммитинэн кыттааччылары уонна кыайыылаахтары эҕэрдэлиибин!

#АҕаУолунаан
#ГодСемьи
#ГодДетства
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
ПЕТРОВТАР Айсен уонна Арсен Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин көмүскүү өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ кытта бардылар. Күрэхтэһии муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Майа нэһилиэгэр "Ураһалаах" этно-комплекска ыытыллыаҕа.

Биир дойдулаахтарбытыгар, Петровтарга, Үөһээ Бүлүүтээҕи "Аҕа уолунаан-2024" кыайыылаахтарыгар ситиһиини, кыайыыны баҕарабыт!

#АҕаУолунаан
#ГодСемьи
#ГодДетства
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн 2024 сыл муус устар 24 күнүгэр эдэр Огочоновтар дьиэ кэргэн тапталларын бигэргэтэн ыал буолбуттарын туһунан туоһу сурук туттулар.

Улууспутугар өссө биир дьиэ кэргэн олохтоммутунан эҕэрдэлиибит.
Эдэр ыал Иван уонна Вилюанна Огочоновтарга уостубат, уҕараабат тапталы, өйдөһүүнү, өйөһүүнү, уһун дьоллоох олоҕу, кэнчээри ыччаттары баҕарабыт!

Быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар 16 таптаһар сүрэхтэр ыал буоллулар, улуус үрдүнэн 73 оҕо күн сирин көрдө.

#ГодСемьи
#ГодДетства
#ҮөһээБүлүү
#МолодаяСемья

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүтүн Россиятааҕы "Семья года" күрэх өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ Дьокуускай куоракка түмүктэннэ.

Күрэх 7 номинацияннан ыытылынна. Онтон Үөһээ Бүлүү улууһуттан дьиэ кэргэттэр 5 номинацияҕа кытыннылар.

Күрэх түмүгэр улууспут дьиэ кэргэттэрэ 3 номинацияҕа 3 бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.

Ол курдук, "Молодая семья" номинацияҕа Хоро нэһилиэгиттэн 5 оҕолоох Саввинов Егор Егорович уонна Базюк Мария Степановна дьиэ кэргэнэ 2-с бочуоттаах миэстэҕэ таҕыстылар.

"Приемная семья" номинацияҕа - Ороһу нэһилиэгиттэн 5 оҕолоох Семенов Александр Валентинович уонна Евсеева Айталина Адамовна дьиэ кэргэнэ 3-с миэстэ буоллулар.

"Семья - хранитель традиций" номинацияҕа Кэнтик нэһилиэгиттэн 9 оҕолоох Павел Антонович уонна Антонина Васильевна Константиновтар 3-с миэстэни ыллылар.

Улууспут киэн туттар дьиэ кэргэттэрин үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт уостубат тапталы, дьоллоох олоҕу, чөл доруобуйаны.

#ГодСемьи
#ГодДетства
#СемьяГода
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бөлүүн түүн дойдубутугар уһун күннээх командировкаттан айаннаан кэллибит.

Дьиэбэр суох кэммэр элбэх үлэ мунньуллубут. Бүгүн биир күннээх сынньалаҥ ыламмын кыстыкка бэлэмнэнэр үлэни оҥордум.

Дьиэ кытыытын хаарынан бүрүйүү, тэлгэһэ хаарын күрдьүү, эт, муус, мас хаһааныыта - хас биирдии тыа ыалын олоҕо-дьаһаҕа буолар.

Дьиэ кэргэни, дьиэ үлэтин эр киһи хаһан да болҕомтото суох хаалларыа суохтаах. Хайдах да түгэҥҥэ быыс булан күннээҕи дьиэ үлэтин толорорго кыһаллыахтаахпыт. Аҕа үтүө холобурунан үүнэр көлүөнэни үлэҕэ, үтүөҕэ, сүрэхтээх буоларга иитэбит.

Үлэ — дьол аргыһа.

#ГодДетства
#ГодСемьи
#ГодЕдинения

t.iss.one/ValeriNikolaev