Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн үйэ аҥаардаах үбүлүөйүм күнүнэн эҕэрдэҕит иһин дойдум дьонугар истиҥ махталбын тиэрдэбин.

Бу күнүм үлэҕэ угуттанан ааста. Сарсыардаттан дьаһалтаҕа баар кыһалҕалары, боппуруостары быһаарааһыҥҥа үлэлээтибит. Онтон Үөһээ Бүлүү улууһун депутаттарын сэбиэтин мунньаҕар туруоруллубут повесткалары көрдүбүт. Дьаһалта салҕыы үлэлиир структуратын улуус депутаттара бигэргэттилэр уонна инникитин Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар биир хамаанда буолан үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Эбиэт кэннэ нэһилиэк олохтоохторун, исписэлиистэри кытта көрсөн туох ыйытыылаахтарын истэн, бэлиэтэнэн, тыын боппуруостары быһаарарга үлэлээтибит.

Киэһээ 17:00 чааска 85 сааһын томточчу туолбут, Бөдөҥ партийнай-хаһаайыстыбаннай салайааччыны Лазарь Степановиһы дьаһалта активын мунньаҕар Өрөгөйдөөтүбүт.

Үлэ күнэ этэҥҥэ түмүктэннэ.

#РабочийДень
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev