Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүүлэр киэн туттар бөҕөспүт, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, буойун-хапсаҕайдьыт, Саха АССР хапсаҕайга бастакы Чемпиона Василий Степанов - Буучугурас үбүлүөйдээх 115 сааһыгар анаан ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай күөн күрэһэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Хапсаҕайы сэҥээрээччилэри, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары бу үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хапсаҕай дойдута Үөһээ Бүлүү - ыалдьыттары уруйдуур-айхаллыыр!

Күрэххэ 16 улуустан 270-тан тахса бөҕөс кыттар. Ону таһынан тас регионтан Бурятия өрөспүүбүлүкэтиттэн бөҕөс кэлбитэ Буучугурас хапсаҕайа Арассыыйа таһымыгар тахсыбытын көрдөрөр.

Бөҕөстөргө баҕарабын тулууру, дьулууру, кыайыыны!

Үөһээ Бүлүү хапсаҕыйыгар Уруй-Айхал!

#Буучугурас2024
#Хапсаҕай
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev