Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн үөрүүлээх сонун туттубут!👏👏👏
Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам орто оскуолатын математикаҕа учуутала, Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Антонина Аввакумова дуобакка Европа икки төгүллээх Чемпионун үрдүк аатын ылла!

Турция Кемер куоратыгар алтынньы 19-29 күннэригэр 100 харахтаах дуобакка Европа чемпионата ыытылынна.

Чемпионатка Россияттан, Польшаттан, Турцияттан, Израильтан, Азербайджантан, Молдовияттан уопсайа 50-тан тахса спортсмен күөн күрэхтэстэ.

Россия сүүмэрдэммит хамаандатыттан 8 спортсмен, ол иһигэр Саха Сириттэн Антонина Аввакумова Россия чиэһин Европа чемпионатыгар көмүскээтилэр.

10 күннээх күрэхтэһии түмүгэр биһиги биир дойдулаахпыт Антонина Аввакумова чемпионатка икки кыһыл көмүс мэдээли ылла.

Россия хамаандата уопсайа 12 мэдээли сүүйдэ: 6 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс, 3 алтан мэдээли.

Антонина Аввакумованы үрдүк ситиһиигинэн, чаҕылхай кыайыыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн кыайыыгынан киэн туттабыт!


#ЧемпионатЕвропыПоШашкам
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev