Бүгүн үөрүүлээх сонун туттубут!👏👏👏
Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам орто оскуолатын математикаҕа учуутала, Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Антонина Аввакумова дуобакка Европа икки төгүллээх Чемпионун үрдүк аатын ылла!
Турция Кемер куоратыгар алтынньы 19-29 күннэригэр 100 харахтаах дуобакка Европа чемпионата ыытылынна.
Чемпионатка Россияттан, Польшаттан, Турцияттан, Израильтан, Азербайджантан, Молдовияттан уопсайа 50-тан тахса спортсмен күөн күрэхтэстэ.
Россия сүүмэрдэммит хамаандатыттан 8 спортсмен, ол иһигэр Саха Сириттэн Антонина Аввакумова Россия чиэһин Европа чемпионатыгар көмүскээтилэр.
10 күннээх күрэхтэһии түмүгэр биһиги биир дойдулаахпыт Антонина Аввакумова чемпионатка икки кыһыл көмүс мэдээли ылла.
Россия хамаандата уопсайа 12 мэдээли сүүйдэ: 6 кыһыл көмүс, 3 үрүҥ көмүс, 3 алтан мэдээли.
Антонина Аввакумованы үрдүк ситиһиигинэн, чаҕылхай кыайыыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн кыайыыгынан киэн туттабыт!
#ЧемпионатЕвропыПоШашкам
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev

"Лучшая добровольная пожарная команда" диэн бастыҥ аат иһин Уһук Илин регионнарга ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум хамаандата иккис миэстэни ылары ситистэ👏👏👏.
Санатан этэр буоллахха, 5-с нүөмэрдээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһаарынай быыһыыр сулууспа сүрүн управлениета Үөһээ Бүлүү улууһугар көрбүт баһаарынай Урал автоцистернатын Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумҥа быйыл Кыайыы күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыппыт.
Быйылгы сылтан Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум баһаарынай чааһа толору хааччыллан, устудьуоннар боевой дьуһуурустубаҕа турар баһаарынай чаастарга көмө буолан, вызовка сылдьыһан үөрэхтэрин кэҥэтэр кыахтаммыттара.
Бүтүн Уһук-Илин регионнар икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум баһаарынай быыһыыр хамаандата, биһиги ыччаттарбыт иккис миэстэни ылбыттара муҥутуур ситиһии буолар.
Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум директорыгар Матрена Васильевна Осиповаҕа, техникум баһаарынай сулууспа хамаандатыгар үрдүк ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум устудьуоннара баһаарынай сулууспаҕа инникитин эрэллээх үлэһит буоллуннар диэн баҕа санаабытын этэбит!
#ВерхневилюйскийТехникум
#ЛучшаяДобровольнаяПожарнаяКоманда

Алтынньы 16-с күнүттэн Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар анаммыт хотон тутуута саҕаламмыта.
Бүгүн сарсыарда, сэтинньи 1-кы күнүгэр үлэ тэтимэ хайдах баран иһэрин бэдэрээтчит иһитиннэрдэ. Сир буора тоҥон, акылааты буорунан сабыы үлэтэ 10 хонукка уһаабытын бэлиэтээн эттэ. Хотон акылаатын икки эргиирдээннэр, буор кутан, остуолбалары туруоруу үлэтэ бүгүҥҥэннэн түмүктэнэн, салгыы өһүөлэри таһаарар үлэҕэ киирдилэр.
Санатан этэр буоллахха, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.
Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.
Мунньах түмүгэр Оҥхой нэһилиэгэр тутуллар 50 төбөлөөх хотон үбүлээһинин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрбитэ.
Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.
#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот

Forwarded from Республика Саха (Якутия)
Благодаря программе модернизации первичного звена национального проекта «Здравоохранение» в Верхневилюйской районной больнице за последние два года приобретены 4 высокотехнологичных медицинских аппарата, что позволило местным жителям получать качественную медицинскую помощь в районе.
🔹 За последние два года по линии нацпроекта приобретены: маммограф рентгеновский; палатный рентген-аппарат; цифровой рентгенологический аппарат; в клинико-диагностическую лабораторию - автоматический анализатор гликированного гемоглобина.
🔹 С момента приобретения оборудований проведено 1841 исследование на маммографию, на цифровом рентгенологическом аппарате – 7199 обследований, на автоматическом анализаторе гликированного гемоглобина - 696, на палатном рентген-аппарате – 110.
🔹 Таким образом, существенное обновление медоборудования районной больницы позволило поднять на качественно новый уровень диагностику многих заболеваний.
🔹 Нацпроект «Здравоохранение» призван обеспечить качество и доступность медицинской помощи на первом уровне системы здравоохранения.
📱 @Sakhagove
#ПравительствоЯкутии
#ПравительствоЯкутии
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһугар ҮҮТ ТУТУУТУН биирдиилээн нэһилиэктэринэн алтынньы 31 күнүн туругунан көрдөрүүтэ:
🫙 Балаҕаннаах – 62,13 тонна (Былаан: 48 т.);
🫙 Боотулуу – 43,57 тонна (Былаан: 102 т.);
🫙 Быракаан – 0,6 тонна (Былаан: 12 т.);
🫙 Үөһээ Бүлүү – 22,35 тонна (Былаан: 13 т.);
🫙 Далыр – 30,78 тонна (Былаан: 54 т.);
🫙 Дүллүкү – 28,62 тонна (Былаан: 43,2 т.);
🫙 Үөдүгэй - 32,21 тонна (Былаан: 19,2 т.);
🫙 Кырыкый – 31,41 тонна (Былаан: 42 т.);
🫙 Кэнтик – 20,73 тонна (Былаан: 16,4 т.);
🫙 Маҥаас - 49,30 тонна (Былаан: 63,2 т.);
🫙 Мэйик - 16,28 тонна (Былаан: 39 т.);
🫙 Нам – 81,93 тонна (Былаан: 75 т.);
🫙 Ороһу – 443,67 тонна (Былаан: 542 т.);
🫙 Сургуулук – 139,22 тонна (Былаан: 170,4 т.);
🫙 Тамалакаан – 85,89 тонна (Былаан: 81,9 т.);
🫙 Туобуйа – 22,93 тонна (Былаан: 20,7 т.);
🫙 Харбалаах - 17,19 тонна (Былаан: 29 т.);
🫙 Хомустаах – 17,35 тонна (43,2 т.);
🫙 Хоро - 8,72 тонна (Былаан: 16 т.);
Быйыл контрагынан үүт тутуутун былаана 1430,2 тонна. Алтынньы 31 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 1154,97 тонна үүт контрагынан тутулунна (2023 сыл алтынньы 31 күнүн туругунан 2890,79 тонна үүт контрагынан тутуллубут).
#Үүт2024
#Молокозаготовка2024

Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ!
Эһигини Норуот Cомоҕолоһуутун күнүнэн итиитик-истиҥник «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин!
Сомоҕолоһуу күнэ - норуот түмсүүтүн кэрэһилиир бэлиэтэ буолар.
Үөһээ Бүлүүлэр сомоҕолоохпутунан, түмсүүлээхпитинэн күүстээхпитин бэлиэтээн, быйылгы 2024 сылы Түмсүү сылынан биллэрбиппит. Доҕордоһуу, үтүө сыһыан, төрөөбүт дойдуга таптал, сомоҕолоһуу көмөтүнэн бары биир санааннан салайтаран сайдыыга, саҥа үрдэллэргэ дьулуһабыт!
Сомоҕолоһуу уонна түмсүү – бу чэчирии сайдыы төрүөтэ буолар.
Норуоппут биир сомоҕо, түмсүүлээх буоллаҕына эрэ кэлэр көлүөнэбитигэр көҥүл, иллээх-эйэлээх, инникигэ эрэллээх олоҕу хааччыйар кыахтаахпыт.
Норуот сомоҕолоһуутун күнэ үтүө быһыы, үтүө санаа, чугас дьоммут туһугар кыһамньы бэлиэтэ буоллун.
Эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, эйэни, үтүө санааны, этэҥҥэ буолууну уонна бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга, В.В. Николаев.
#ДеньНародногоЕдинства

Сахаларга былыр былыргыттан муҥха тэрээһинэ бэйэтэ улахан бырааһынньык буолар.
Сэтинньи 4-с күнүгэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата Ороһу нэһилиэгин Өтөхтөөх күөлүгэр улууспутугар Түмсүү сылын чэрчитинэн "СОМОҔОЛОҺУУ МУҤХАТЫН" тэрийдибит.
Бу күн уопсайа эр киһилиин, дьахтардыын, кырдьаҕастыын, оҕолуун барыта 380-ча киһи сырытта.
Кэлбит дьону барыларын итии миининэн, чэйинэн Ороһу нэһилиэгин дьаһалтатын уонна култуура киинин үлэһиттэрэ көрүстүлэр.
Муҥха иннигэр Алгыс тылы эттэ - Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов. Алгыс кэннэ кэлбит бар дьон кытыан от буруотунан ыраастаннылар.
Муҥхаҕа кэлбит дьон ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сымсатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Улахан дьону кытта оскуола саастах оҕолорбут эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыттара улахан хайҕабыллаах. Оҕолорбутун эр дьон көмүс хатырыктаах хайдах бултанарын үөрэттилэр. Ыччаттарбыт аҕа көлүөнэни кытта тэҥҥэ сылдьан, саха омук сатабылыгар үөрэнэллэрэ, бултка, балыкка сысталлара элбэҕи эрэннэрэр.
Муҥха түспүт эбэтэ кэлбит дьону маанылаата, Күөх Боллох тойон “мичик” гынна, бэрткэ диэн көмүс хатырыктааҕыттан бэристэ.
Бу муҥхаттан ирээт балык Үөһээ Бүлүү улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар ыытарга анаан Кыайыы пуондатыгар туттарылынна.
Улуус дьаһалтатын муҥхатыгар кэлэн кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар көхтөөх, түмсүүлээх үлэҕит иһин махтанабыт!
#Муҥха2024
#ҮөһээБүлүү

Бүгүн анал байыаннай дьайыы байыаһын, биир дойдулаахпытын Аян Саргыдаевы кытта көрүстүм.
Аян дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Аҕа дойдуну көмүскээччигэ - "Өрүү харысхаллаах буоллун, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэллин", - диэн алгыс тылбытын этэн туран, Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай ороуйуон дьаһалтатын аатыттан бэлэх туттардым.
Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө хомулла турар. Күн ахсын биир дойдулаахтарбыт гуманитарнай көмөнү нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, улуус дьаһалтатыгар кэлэн туттараллар. Ону сэргэ, улуус бүддьүөт үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастары фондаҕа көмө гынан анаатылар.
Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията гуманитарнай сырыыннан быйыл үһүс төгүлүн анал байыаннай дьайыы сиригэр барарга бэлэмнэнэ сылдьар.
#СВОихНеБросаем

Бүгүн, сэтинньи 6-с күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун депутаттарын сэбиэтин 22-с уочарата суох Сессиятыгар кыттыыны ыллым.
Сессияҕа улуус депутаттара Харбалаах нэһилиэгин генеральнай былааныгар уларыйыылары киллэрэр туһунан Быһаарыы бырайыагын ылыннылар.
Санатан этэр буоллахха, Харбалаах нэһилиэгэр саҥа оскуола-уһуйаан тутуутугар анаан талыллыбыт сир экспертизаны ааспатаҕыттан сибээстээн тутуу бырайыагар уларыйыылар киирбиттэрэ.
Сессия түмүгэр ылыллыбыт Быһаарыы чэрчитинэн оскуола-уһуйаан тутуллар саҥа сиригэр генеральнай былаан оҥоһуллан бырайыактааһын үлэтэ салҕаныа.
#СессияДепутатов

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн Хоро нэһилиэгин биэрэгэр тиийэр өрүс кыһыҥҥы суолун бэлэмнээһин үлэтэ бара турар.
Мууһу халыҥатар үлэ алтынньы ый 28 күнүттэн саҕаламмыта. Күн аайы мууһу халыҥатар сыалтан уу кутуллан, муус халыҥаан эрэрин туһунан үлэҕэ эппиэтинэстээх МАУ "ОАЗИС" тэрилтэ иһитиннэрдэ.
Бүгүн миэстэтигэр тахсан үлэ хайдах бара турарын билистибит. Бүгүҥҥү туругунан муус 30 см халыҥаабыт. Өрүс суолун халыҥатар үлэ сэтинньи 10-с күнүгэр диэри былааннанар.
Этэҥҥэ буоллаҕына сэтинньи 11-с күнүттэн кыһыҥҥы өрүс суолун арыйарга бэлэмнэнэбит.
#Автозимник
#Вилюй