Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин баһылыктарын кытта быйылгы ыһыахтарбытын тэрийиигэ сүбэ мунньахтаатыбыт.
Нэһилиэктэр ыһыахтарыгар бэлэмнэниини саҕалаабыттарын биллэрдилэр. Быйыл 8 нэһилиэккэ үбүлүөйдээх ыһыахтар ыытыллаллар. Ол курдук, Өргүөт нэһилиэгэр - Өргүөт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 сылыгар уонна "Өргүөт" совхоз тэриллибитэ 40 сылыгар анаммыт ыһыах ыытыллар. Өргүөт совхоз үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыахтар Туобуйаҕа уонна Быракааҥҥа ыытыллаллар.
Нам, Ороһу, Балаҕаннаах нэһилиэктэрин холбоһуктаах ыһыаҕа "Барахов" совхоз үбүлүөйүгэр ананан ыытыллар. Оҥхой нэһилиэгэр - РФ үтүөлээх артыыһа Симон Федотов 85 саастаах үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыах тэриллэр. Уонна Кэнтик нэһилиэгэр - Кэнтик төрүттэммитэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх ыһыах ыытыллар.
Бүгүҥҥү күнтэн ыһыах тэрээһиннэригэр күүстээх бэлэмнэниини ыытары нэһилиэк баһылыктарыгар, культура департаменыгар сорудахтаатым.
Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕа бэс ыйын 24-25 күнүгэр ыытылларын бигэргэттибит.
Ыһыахтар графиктара (Барыллааһын):
1. “Кэнтик нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 14-15 күннэрэ
2. “Быракаан нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 15 күнэ
3. “Ороһу нэһилиэгэ”, “Нам нэһилиэгэ”, “Балаҕаннаах нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллиилэр холбоһуктаах ыһыахтара - Бэс ыйын 14 күнэ
4. “Туобуйа нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 16 күнэ
5. “Дүллүкү нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии Бэс ыйын 16-17 күннэрэ
6. “Кырыкый нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 18 күнэ
7. “Маҥаас нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 18 күнэ
8. “Оҥхой нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 19 күнэ
9. “Далыр нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ
10. “Харбалаах нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 20 күнэ
11. “Боотулуу нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ
12. “Сургуулук нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ
13. “Үөдүгэй нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ
14. “Хоро нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 21 күнэ
15. “Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон - Бэс ыйын 24-25 күннэрэ
16. “Мэйик нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 28 күнэ
17. “Өргүөт нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - Бэс ыйын 28-29 күннэрэ (барыллааһын быһыытынан)
18. “Тамалакаан нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии - бэс ыйын 21 күнэ
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

Бүгүҥҥү үлэ күнүн түмүгэр Түгэхтэй алааска, ыһыахтыыр сирбитин Анна Михайловнаны кытта тахсан көрдүбүт.
Улууспут олохтоохторо, ыалдьыттара, ыһыахчыттар сынньалаҥнык ыһыахтыыр сиргэ кэлиилэрин, сатыы хаамыы ырааҕын кыччатааһыҥҥа сүбэлэстибит.
Бүгүн киирбит этиилэри сарсын ыһыаҕы тэрийэр хамыыһыйа иннигэр иһитиннэрэн биир сүбэлэҥҥэ киириэхпит.
#ПодготовкакЫсыаху
#Ысыах
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Улууспут олохтоохторо, ыалдьыттара, ыһыахчыттар сынньалаҥнык ыһыахтыыр сиргэ кэлиилэрин, сатыы хаамыы ырааҕын кыччатааһыҥҥа сүбэлэстибит.
Бүгүн киирбит этиилэри сарсын ыһыаҕы тэрийэр хамыыһыйа иннигэр иһитиннэрэн биир сүбэлэҥҥэ киириэхпит.
#ПодготовкакЫсыаху
#Ысыах
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы хаан аймахтара, көхсүттэн көнтөстөөх Күн ууһун дьоно!
Үрүҥ Айыы ыйынан, Үрүҥ тунах ыһыахтар саҕаламмыттарынан, төрүт түөлбэм дьоллоох дойдум Үөһээ Бүлүү улууһун Үрүҥ тунах ыһыаҕар бэс ыйын 24-25 күннэригэр, Түгэхтэй алааһыгар күүтүүлээх ыалдьыт, көхтөөх кыттааччы буоларгытыгар бука барыгытын ыҥырабыт!
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үрүҥ тунах ыһыахпытыгар бэлэмнэнэн улуус салалталара, тэрилтэлэрэ, дьаһалта үлэһиттэрэ бары күргүөмүнэн тахсан, түмсүүлээхтик ыһыахтыыр сирбитигэр "Түгэхтэй" алааска суббуотунньук тэрийдилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕа буолара 13 күн хаалла.
#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах
t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕа буолара 13 күн хаалла.
#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн улууспутугар ыалдьыттыыр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин солбуйааччы Марина Владимировна Силина.
Марина Владимировна Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин үбүлүөйдээх ыһыаҕыгар кыттыыны ылыаҕа.
Бүгүҥҥү күнтэн улуус нэһилиэктэрин ыһыахтара саҕаланнылар.
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Марина Владимировна Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин үбүлүөйдээх ыһыаҕыгар кыттыыны ылыаҕа.
Бүгүҥҥү күнтэн улуус нэһилиэктэрин ыһыахтара саҕаланнылар.
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Икки күннээх Кэнтик нэһилиэгэ тэриллибитэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыаҕа түмүктэннэ.
Үбүлүөйдээх ыһыахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин солбуйааччы Марина Владимировна Силина ыалдьыттаата, наҕараадалары туттартаата уонна эҕэрдэ ырыатын ыллаата.
Биир дойдулаахпыт СССР норуодунай артыыһа Анегина Ильина ыһыахха кэлэн Кэнтик библиотекатыгар бэлэх кинигэлэри туттарда уонна көмүс куолаһынан ырыатын бар дьонугар бэлэх уунна.
Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Кэнтик нэһилиэгин "Албан Аат" бочуоттаах хаһаайката, Россия орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Сергеевна Николаева биир дойдулаахтарын ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ.
Ыһыахха икки күн устата оһуохайга, фольклор көрүҥүгэр, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, тимиртэн оҥоһукка күрэхтэстилэр.
Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылыгар анаммыт Эдэр ыал күрэҕэ ыытылынна. Кыайыылаахтарга 6 кыыс оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ 125.000 солкуобай уу харчыннан бириис туттарылынна.
Ону тэҥэ Оһуохай Кылаан чыпчаалыгар 125.000 солкуобай, "Эр хоһуун-2024" многоборье күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай, мас тардыһыы муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай, Хапсаҕай муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай уу харчыннан туруорулуннулар. Миэстэлэспит, анал ааты ылбыт кыттааччылар араас сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бары кыайыылаахтары ситиһиигитинэн, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун үбүлүөйдээх ыһыах үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан эҕэрдэлиибин.
#Кэнтик125

Күөх Ньурба ыһыаҕар коллегаларбын Ньурба улууһун баһылыгын Алексей Михайлович Иннокентьевы, Хаҥалас улууһун баһылыгын Олег Валериевич Иринеевы, Чурапчы улууһун баһылыгын Степан Анатольевич Саргыдаевы, Сунтаар улууһун баһылыгын Анатолий Васильевич Григорьевы кытта алтыһан, улууспутугар ыытыллар үлэлэргэ уопут атастастыбыт, санаалары үллэһиннибит.
Ыалдьытымсах Ньурба улууһун дьонугар-сэргэтигэр, дьаһалтатыгар истиҥ көрсүһүүгүт иһин махтанабыт.
#Ньурба200
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ыалдьытымсах Ньурба улууһун дьонугар-сэргэтигэр, дьаһалтатыгар истиҥ көрсүһүүгүт иһин махтанабыт.
#Ньурба200
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ньурба улууһун Аҕа Баһылыгын Алексей Михайлович Иннокентьевы Үөһээ Бүлүү улууһун Үрүҥ Тунах ыһыаҕар ыҥырдым.
Алексей Михайлович Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыалдьыттыы кэлэрин биллэрдэ.
Ону тэҥэ бүгүн алтыспыт коллегаларбын Чурапчы, Хаҥалас, Сунтаар улууһун баһылыктарын Үрүҥ тунах ыһыахпытыгар ыҥырабыт!
#Ыһыах
#Ньурба200
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Алексей Михайлович Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыалдьыттыы кэлэрин биллэрдэ.
Ону тэҥэ бүгүн алтыспыт коллегаларбын Чурапчы, Хаҥалас, Сунтаар улууһун баһылыктарын Үрүҥ тунах ыһыахпытыгар ыҥырабыт!
#Ыһыах
#Ньурба200
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Үрүҥ тунах ыһыахпыт бастыҥ ураты сүрүн оонньуута, Үөһээ Бүлүүнү Аар саарга дорҕоонноохтук ааттаппыт Үс иилээх хапсаҕай бэс ыйын 25 күнүгэр Түгэхтэй алаас киин түһүлгэтигэр киэһээ 17:00 чаастан буолар.
Сытыы бырахсыылары көрө-сэҥээрэ кэлэргитин күүтэбит. Ыһыах муҥутуур кыайыылааҕа ким буоларын, көрө-истэ, бастыҥы уруйдуу-айхаллыы Үс иилээх хапсаҕайы көтүтүмэн!
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/VeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, бэс ыйын 20 күнүгэр Сунтаар улууһун ыһыаҕар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов Сунтаар улууһун баһылыгын Анатолий Васильевич Григорьев ыҥырыытынан ыалдьыттыыр.
Олоҥхо дойдута Сунтаар Үрүҥ тунах ыһыаҕа киэн культурнай, спортивнай бырагырааммалаах тэриллэр.
Сунтаар улууһун олохтоохторун Үрүҥ тунах ыһыаҕынан "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллар Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар Сунтаар улууһун Аҕа Баһылыгын Анатолий Васильевич Григорьевы мааны ыалдьыт буоларгар ыҥырабыт.
#Сунтаар