Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн "Вилюй" УПРДОР федеральнай казеннай тэрилтэ салайааччытын Андреев Николай Ивановиһы кытта көрүстүбүт.

Былааннаммыт үлэ көрсүһүүтүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар федеральнай суолга турар сэлиэннэлэри уулусса уотунан хааччыйыы уонна суол өрөмүөннээһинин кэпсэттибит.

Бүлүүттэн Чыбыыда үрэҕи туоруур муостаҕа киирэр суолу өрөмүөннээһин үлэтэ оҥоһуллан бүтүөхтээҕин биллэрдилэр.

Эһиилги сылга салгыы суол өрөмүөнэ Үөһээ Бүлүү киинигэр диэри тиийэрэ былааннанар. Ону таһынан Бүлүү өрүһү туоруур муоста бырайыагын кытта билистибитит.

Дьокуускай куоракка үлэлиир сырыыбыт салҕанар.

#УпрДорВилюй
#РабочаяПоездка
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev