Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүү улууһун сылгыһыттарын Саха Сиригэр сылгыһыт күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Сылгыһыт күнүн 2017 сылтан бэлиэтиибит. Сэттэ сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылгы үөрэ биллэ элбээтэ. Үөһээ Бүлүү улууһугар быйылгы сыл ахсаанынан 8360 сылгы ааҕыллар, ол иһигэр 5382 биэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэбит сылгы ахсаанынан Дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар.

Сылгыһыттар Дьөһөгөй оҕотун араҥаччылаан, сайыннаран, ахсаанын сылтан сыл элбэтэн сыралаах үлэни оҥороллор. Саха норуота былыр былыргыттан сылгылаах буолан, Дьөһөгөй Айыы харысхалынан тыйыс тымныы дойдуга ууһаан, тэнийэн олорор.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ баҕарыам этэ сыспай сиэллээхпит сыһыы аайы сырыстын, Дьөһөгөйбүт оҕото элбии, тэнийэ турдун!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ДеньКоневода
#СылгыһытКүнэ
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev