Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.59K photos
269 videos
1 file
830 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Нам нэһилиэгэр суол өрөмүөнүн үлэтин түмүгүн көрдүбүт. 2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин "Тыа сиригэр тыраанспар, суол сайдыыта" бырагыраамматын чэрчитинэн ыытыллыбыт күрэххэ кыайан 3 уулусса суолун өрөмүөнүгэр уопсайа 6 мөл. 939 тыһыынча солкуобай үбүлэнэрин Нам нэһилиэгин дьаһалтата ситиспит.

Аукцион түмүгэр үлэни ООО "Алпекс+", (директор Петров Петр Михайлович) кыайан 2 сыллааҕы хантыраак баттаһан үлэтин быйыл саҕалаабыт.

Билигин Комсомольская уулусса капитальнай өрөмүөнэ түмүктэннэ. Бэдэрээтчит аныгыс нэдиэлэттэн хаалбыт суоллары өрөмүөннээһини саҕалыырын Нам нэһилиэгин баһылыга Александр Иннокентьевич Кардашевский этиннэ.

Урукку кэмҥэ туой буорунан сыппыт суолу гравийынан куттаран тэҥнээн, үрдэтэн билигин массыына сырыытыгар саҥа өрөмүөннээх суол арыллыбыта Нам нэһилиэгин сайдыытыгар өссө биир хардыы буолар.

#РемонтАвтодорог
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Хоро-Чаллыр-Бүлүү өрүс переправатын сырыытынан федеральнай суолу көннөрүүгэ 2 автогрейдер үлэлиир.

Бу күннэргэ "Вилюй" федеральнай суол уһун ардахтар кэннэ алдьанан, айан массыыналара элбэх кыһалҕалары көрүстүлэр.

Үллэрээ күн, алтынньы 1-кы күнүгэр "РИК Автодор" суол-иис оҥорор тэрилтэ погрузчига суолу чөлүгэр түһэрии, бытыллыбыт массыыналарга көмөнү оҥоруу үлэтин саҕалаабыта.

Бүгүн суолу көннөрүүгэ 2 автогрейдер тиийэн үлэлиир. Билигин сиигирбит, нүөлсүллүбүт грунту туора анньан, кыра массыыналар сырыыларыгар сөп гына суолу бэлэмниэхтэрэ.

Салгыы переправа сабылларыгар, кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин: грунту бөҕөргөтүү, суолу тэҥнээһин үлэтэ былааннанар.

Санатан этэр буоллахха, "Вилюй" федеральнай суол капитальнай өрөмүөнүн чэрчитинэн быйыл Бүлүү куоратыттан Чыбыыда үрэх муостатыгар диэри асфальт суол уурулунна. Эһиилги сылтан Чыбыыда үрэх муостатыттан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр диэри суол оҥоһуутун күүтэбит.

#РемонтАвтодорог
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev