Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах техникалары эргинэр бастыҥ урбаанньытын, Ил Түмэн 6-с созывын депутатын Руслан Еремеевич Федотовы кытта көрүстүм.

Сайыммыт чугаһаан эрэринэн, от үлэтигэр киириигэ бэлэмнэнэн, Үөһээ Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэтээҕи  кормопроизводство бырагыраамма чэрчитинэн от үлэтигэр аналлаах техниканы ыларын туһунан Руслан Еремеевичтыын кэпсэттибит.

Руслан Еремеевич тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр көмө буолар техникалар тустарынан сүбэлээтэ. Салҕыы от үлэтигэр оборудованияларынан, трактордарынан, спец.техника запчаастарынан хаачыллыыга бииргэ үлэлииргэ сүбэлэстибит.

#Кормопроизводство
#СельскоеХозяйство
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ороһу нэһилиэгэр эдэр фермер Тюляхов Айсен Игоревич саҥа тутта сылдьар хотонун көрдүбүт.

Хотон 100 ыанар ынахха ананан тутулла турар. Тутуу материала үксэ ылыллан, каркаһа туран бэлэм. Ол эрэн, эбии үлэһит илии тиийбэккэ тутуу үлэтэ бытаарбыт. Тыа хаһаайыстыбатын салайааччытыгар Кирилл Васильевич Гаврильевка фермеры кытта сүбэлэһэн, туох ыарахаттары көрсүбүтүн билсэн көмөлөһөргө сорудахтаатым.

25 саастаах эдэр фермер Тюляхов Айсен бааһынай хаһаайыстыбатыгар 186 төбө сүөһүлээх, 86 ыанар ынахтаах. Быйыл 120 тонна үүтү туттарыыга хантыраак түһэрсибит. Сыл бүтүөр диэри былаанын аһара толорор кыахтааҕын Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Васильевич Антонов этиннэ.

#СельскоеХозяйство
#СтроительствоКоровника
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Балаҕаннаах нэһилиэгэр тутулла турар 100 төбөлөөх хотону көрдүбүт.

"СЭЭС" тыа хаһаайыстыбатын өҥөнү оҥорор кооперативын салайааччыта Петр Владимирович Кардашевский быйыл 100 ыанар ынах батар хотонун тутан үлэҕэ киллэрэргэ бэлэм.

Хотон тутуутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбата ыытар конкуруһугар кыайан 9 мөл. солкуобайы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ылбыт. Онно эбии тутуу матырыйаалын сыаната үрдээн 1 мөл. солкуобайы кредит, 3 мөл. солкуобайы бэйэ хармааныттан үбүлээн уопсайа 13 мөл. солкуобайга хотонун тутан үлэҕэ киллэрэн эрэр.

Тутуу этэҥҥэ түмүктэннэҕинэ алтынньы ыйга ынахтар саҥа хотоҥҥо кыстыкка киириэхтэрэ.

Билигин Петр Кардашевскай бааһынай хаһаайыстыбатыгар 120 төбө сүөһү, ол иһигэр 39 ыанар ынах баар. Быйыл 48 тонна үүтү туттарарга хантыраак баттаспыт, сыл бүтүөр диэри былааны аһара баран, эбии сүбэлэҥ түһэрсэр сыаллаах.

Эдэр фермер Петр Кардашевскай инникитин 150 ыанар ынахха анаан толору механизированнай, аныгылыы тииптээх хотону тутар баҕалаах. "Оннук хотон тутуута быһаарыллара буоллар, 150 симментальскай борода ынаҕын иитэн, элбэх үүтү туттаран, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатыгар үлэлиэм этэ", - диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ уонна үбүлээһини быһаарарга көмө өйөбүл наадатын этиннэ.

Эдэр фермер инники былаана, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар баҕата элбэҕи эрэннэрэр.

Быйыл тыа хаһаайыстыбатын стратегическай сессиятыгар этиллибит саҥа ньымалар, киириэхтээх саҥа механизымнар инникитин улуустарга көмө буолуохтара. Тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт харчыны салгыы сайдарга туһанар кыахтанабыт. Холобура, үүт былааныттан хаалбыт харчы инникитин хотоннору тутууга, ходуһалары оҥорууга, күрүөлэри тутууга, онтон да атын туһалаах сыалга-сорукка туһаныллыаҕа.

Эһиилги сылтан тыа хаһаайыстыбата биир кэлимник улууспутугар сайдарыгар, фермерскай хаһаайыстыбалары өйөөһүҥҥэ болҕомто ууран хабааннаах үлэ ыытыллыаҕа.

#сельскоехозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһугар соҕотох үүт аһы оҥорон таһаарар "Верхневилюский" ХЭТ комбинат үлэлиир.

Комбинат 17 көрүҥ үүт аһы, 4 көрүҥ барыанньаны, 3 көрүҥ сиробу оҥорон таһааран нэһилиэнньэни сибиэһэй бородууксуйаннан хааччыйар.


"Верхневилюйский" ХЭТ комбинат бородууксуйата "Төрүт ас" диэн бэлиэннэн олохтоох маҕаһыыннарга атыыланар.

Күннэтэ комбинатка 50-70 киилэ ынах арыыта, 15-30 киилэ иэдьэгэй, 150-350 лиитэрэ быырпах, 350-400 киилэ суорат, 100-200 киилэ йогурт, 80-100 киилэ сүөгэй, 70-130 киилэ үүт оҥоһуллан тахсар.

Комбинат 2024 сыл балаҕан ыйын 21 күнүн туругунан оҥорон таһаарда (Скобка иһигэр 2023 сыл алтынньы 1 күнүн көрдөрүүтэ):

- Ынах арыыта - 2,78 тонна (0,9 тонна),
- Үүт - 17,59 тонна (17,69 тонна)
- Сүөгэй - 16 тонна (13,76 тонна)
- Йогурт - 12,17 тонна (9,58 тонна)
- Суорат - 54,37 тонна (44,35 тонна)
- Быырпах - 11,71 тонна (16,91 тонна)
- Иэдьэгэй - 1,11 тонна (0,36 тонна).

Былырыын 2023 сыл балаҕан ыйын 18 күнүгэр 2194 тонна үүт хантыраагынан комбинатка туттарыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 2024 сыл балаҕан ыйын 19 күнүн туругунан 939,51 тонна үүт тутулунна.

#Молокозавод
#Үүт
#СельскоеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун 15 нэһилиэгиттэн ынах, сылгы аһылыгар киирбит сайаапканы толорон, уопсайа 40 тонна комбикорм, 27 тонна овес ылылынна.

Ылыллыбыт бородууксуйаны Дьокуускай куораттан нэһилиэктэринэн тиэрдии өҥөтө улуус бүддьүөтүттэн төлөнөн, нэһилиэктэринэн тиксэрилиннэ:
Харбалаах нэһилиэгэр 10 комбикорм, 16 овес;
Тамалакаан нэһилиэгэр 107 комбикорм, 93 овес;
Ороһу нэһилиэгэр 70 комбикорм, 168 овес;
Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэригэр 47 комбикорм, 151 овес;
Кэнтик нэһилиэгэр 54 комбикорм, 7 овес;
Өргүөт нэһилиэгэр 22 комбикорм, 26 овес, Быракаан нэһилиэгэр 40 комбикорм, 56 овес;
Ороһу нэһилиэгэр 125 комбикорм;
Хоро нэһилиэгэр 109 комбикорм, 64 овес;
Оҥхой нэһилиэгэр 18 комбикорм, 20 овес;
Мэйик нэһилиэгэр 47 комбикорм, 24 овес;
Далыр нэһилиэгэр 80 комбикорм, 97 овес;
Боотулуу нэһилиэгэр 106 комбикорм, 8 овес;
Сургуулук нэһилиэгэр 163 комбикорм, 42 овес.

#Кормозаготовка
#СельскоеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
ООО "Верхневилюйский" Үөһээ Бүлүү улууһун соҕотох бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын комбинатын биир күннээх үлэтэ.

"Төрүт ас" Үөһээ Бүлүү улууһун брендын үүт аһа хайдах оҥоһуллан тахсарын видеоҕа көрүҥ.

#СельскоеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус
#ТөрүтАс
#МестноеПроизводство

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салалтатын кытта саҥа киирэр механизымнар туһунан сүбэ мунньахтаатыбыт.

Быйыл сайын Үөһээ Бүлүүгэ Саха Сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кыттыылаах Бүлүү түбэтин улуустарын кытта тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа киирэр механизымнарга стратегическай сессия ыытыллыбыта. Сессияҕа улуустартан этиилэрбитин, көннөрүүлэрбитин киллэрбиппит.

СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр ыйыллыбыт соруктары олоххо киллэрэн, манна сыһыаннаах сокуон барылын оҥорон киллэрбитин Ил Түмэн депутаттара бу дьыл сэтинньи 27 күнүгэр уочараттаах онус пленарнай мунньахха ылынан бигэргэппиттэрэ. Сокуоҥҥа уларытыы 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата өрөспүүбүлүкэҕэ 15,3 млрд солкуобай харчынан үбүлэнэриттэн баһыйар өттө – 8,8 млрд солкуобай субвенция быһыытынан олохтоох салайыныы уорганнарыгар тиийиэҕэ. Ол аата быйылгы кээмэйтэн 13 бырыһыанынан элбэх үп улуустарга тиийэрэ былааннанар. Эһиилги сылга 355 мөлүйүөн 307 тыһ солкуобай Үөһээ Бүлүүгэ кэлэрин кэтэһэбит.

Субвенция үбэ 34 улууска уонна 2 куораттааҕы уокурукка 14 хайысханан 3 тус сыаллаах ыстатыйанан ыытыллыахтара:

1. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин чопчу хайысхаларын өйөөһүҥҥэ субвенция кээмэйэ;
2. Кыра кыамталаах тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууга (саҥалыы сөргүтүүгэ) субвенция кээмэйэ;
3. Судаарыстыба сорох боломуочуйаларын толорууну матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыыга, ону тэҥэ ыйыллыбыт боломуочуйалары толорор үлэһиттэр хамнастарыгар көрүллэр субвенция кээмэйэ.

#сельскоехозяйство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev