Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
1 file
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Кэнтик култуура киинигэр өр сылларга дириэктэринэн үлэлээбит, энтузиаст киһибит Никита Николаевич Филиппов сырдык кэриэһигэр анаммыт, кини бэйэтэ олохтообут "ТенБильДартс" диэн турнира Кэнтик спорт саалатыгар тэрилиннэ. Бу күрэҕи Никита Николаевич бастакытын 2018 сыллаахха саҕалаабыта. Уонна сыл ахсын олохтоохтор биһирэбиллэрин ылан үрдүк таһымнаахтык ыытыллар. ТенБильДартс турниры быйыл төрдүс сылын Никита Николаевич дьиэ кэргэнэ кини сырдык кэриэһигэр, аатын үйэтитэр аналлаах тэрийэр.

Быйылгы күрэххэ 14 кыттааччы суруттарда. Теннис, Бильярд, Дартс көрүҥнэригэр тыҥааһыннаах киирсии буолла. Бу үс көрүҥ түмүгэр кыайыылаахтары наҕараадалаатылар.

Эһиилги сылга ТенБильДартс турниры, чөл олоҕу өрө тутар сыаллаах улуус таһымыгар таһааран, күрэҕи киэҥник тарҕатар былаан баар.
Инникитин бу тэрээһин сайдан, кэҥээн, тупсан истин! Никита Николаевич сырдык аата ааттана турдун!


#ТенБильДартс
#23февраля
#Спорт
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev