Үөһээ Бүлүү улууһугар "Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров үтүө дьыала чэрчитинэн тутулла турар эбийиэктэр үлэлэрин билсэ, хонтуруоллуу кэллэ.
Кэнтик нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинин (многофункциональный культурный центр) хапытаалынай өрөмүөнэ 80% оҥоһуллан түмүктүүр түһүмэххэ чугаһаата.
Өрөмүөнү оҥорууга "Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ" диэн федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн федеральнай бүддьүөттэн 34 мөл 698 тыһыынча солкуобай, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 350 тыһыынча солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн 715 тыһыынча солкуобай үбүлэммитэ.
Хапытаалынай өрөмүөн түмүгэр, элбэх хайысхалаах култуура киинин дьиэтэ өрө көтөҕүллэн, 81 свая түһэн муостата бетонунан бүрүлүннэ. Билигин бетонунан стяжка үлэтэ түмүктэнэн, ис оҥоһугун (кырааска, истиэнэни тэҥнээһин, муостаны бүрүйээһин) үлэтэ саҕаланна.
Ирбэт тоҥ буору хаһар техника мэһэйдэри көрсөн үлэ тэтимэ графиктан хаалан, 3 сменанан үлэ ыытылынна.
Хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ быйыл ахсынньы ый саҕаланыытыгар түмүктэнэрин кэтэһэбит.
#Кэнтик
#МояЯкутия21Век
#ДвижениеДобрыхДел
t.iss.one/ValeriNikolaev

"Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччытын Алексей Дмитриевич Петрову кытта Быракаан нэһилиэгэр «Култуура уонна спорт комплексын» тутуутун үлэтин бэрибиэркэлии улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов тиийдэ.
Быракаан нэһилиэгин Култуура уонна спорт комплекса өрөспүүбүлүкэтээҕи "Мин Сахам Сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын уонна «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» бырагыраамма көмөтүнэн 2019 сыллаахтан тутуллан саҕаламмыта.
Комплекс 760 кв.м иэннээх, 2 этээстээх. Тутуу үлэтэ 90% бүтэн турар. Билигин ис оҥоһуутун, уоту тардааһын, муостатын бүрүйээһин, потологун оҥорооһун үлэтэ бара турар. Ититии систиэмэтэ бэлэмнэнэн, сотору кэминэн итии холбоноро былааннанар.
Тутуу үлэтэ ахсынньы ыйга диэри бүтэрин былаанныыбыт.
#Быракаан
#МояЯкутия21век

Нам нэһилиэгэр СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын сүгэр норуот айымньытын дьиэтэ 2022 сыллаахха "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн тутуута түмүктэммитэ.
Быйыл улуус дьаһалтатын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн норуот айымньытын дьиэтин ис өрөмүөнэ, кыраһыабай көстүүтэ оҥоһуллан түмүктүүр түһүмэххэ кэллэ.
2023 сылтан эбийиэк ис отделкатын оҥорууга эбии үп көрүллүбэккэ тутуу ситэ түмүктэммэккэ турбута. Быйыл ис дьүһүнүн, тутулун оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ эбии 9 мөл. 400 тыһ. солкуобай (улуус бүддьүөтүттэн 4 мөл.700 тыһ. солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 4 мөл. 700 тыһ. солк.) көрүллүннэ.
Билигин бара турар өрөмүөн үлэтин "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров билистэ.
Нам нэһилиэгэр норуот айымньытын дьиэтин ис өрөмүөнэ ахсынньы ыйга диэри бүтэрэ былааннанар.
#МояЯкутия21Век
#ДвижениеДобрыхДел
#ВерхневилюйскийУлус

"Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын 25 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх сүбэ мунньаҕар кыттыыны ыллым.
"Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын 25 сыл устата бүтүн Саха Сирин бары тыалара сайдалларыгар улахан көмөнү уонна өйөбүлү оҥорор бырайыак буолар.
Үтүө дьыала чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн 44 эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
Быйыл улууспутугар Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн тутуллубут 2 эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Ол курдук, Нам нэһилиэгэр СССР норуодунай артыыскатын Анегина Ильина аатынан норуот айымньытын дьиэтэ уонна Быракаан нэһилиэгэр "Култуура уонна спорт комплекса" бу ыйга үлэҕэ киирэллэрин кэтэһэбит. Маны сэргэ, "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн быйыл исписэлиистэргэ анаммыт 4 служебнай бары өттүнэн хааччыллыылаах квартиралары ылары ситиспиппит.
Үтүө дьыала хамсааһын салайааччытын Алексей Дмитриевич Петрову уонна кини хамаандатын, бастакы салайааччылары Бочкарев Иннокентий Васильевиһы, Емельянов Иван Софроновиһы уонна ветеран үлэһиттэри 25 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истиҥник "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин.
Сыралаах, бэриниилээх уонна олус туһалаах үлэҕитигэр истиҥник махтанабыт! Инникитин да сайда-үүнэ, чэчирии туруҥ! Саха Сирэ, тыа сирэ сайдарыгар таһаарыылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.