Москва куоракка үлэлиир Единай Координационнай Центр түргэн көмө сулууспатын салайааччытын Алексеева Лена Афанасьевнаны кытта көрсөн госпитальга эмтэнэ, туруктарын бөҕөргөтө сылдьар уолаттарбыт туһунан билистибит.
Көрсүһүү кэннэ, В.П. Демихов аатынан Москва куораттааҕы клиническай балыаһаҕа бааһыран эмтэниигэ сылдьар байыаспытын кытта көрүстүбүт.
Үөһээ Бүлүүбүт уолугар дойдутуттан кэһиилэри, дойдутун аһын үтүөрэригэр, чөлүгэр түһэригэр анаан туттардыбыт. Үөһээ Бүлүү сонунун сырдаттыбыт, ирэ-хоро кэпсэттибит.
Бааһыран эмтэнэ сылдьар уолаттарбытыгар түргэн үтүөрүүнү баҕарабыт.
#СВОихНеБросаем
#СВО
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Нэдиэлэ устата анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, Донецк уонна Луганск народнай республикаларга үлэлиир опорнай пууннар үлэһиттэрин көмөтүнэн, ЛНР, ДНР уонна Запорожье уобалаhыгар Үөһээ Бүлүү делегацията биир дойдулаах уолаттарбытыгар гуманитарнай көмөнү, анал баһыылкалары тиксэрдибит.
Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо бары көмөнөн хомуйбут харчыбытыгар 6 матаһыыкыл, 4 квадрокоптер, 4 тепловизор, түүҥҥү прицеллары, экшн камералары, тактическай рюкзактары ылан байыастарбытыгар түҥэттибит. Ону тэҥэ "Дойдум тыына" волонтёрскай хамсааһын иистэнньэҥнэрэ тикпит плащ-палаткаларын, алгыс тыллаах рюкзактарын, харысхаллары, урбаанньыттартан киирбит көмөнү: горелкалары, газовай баллоннары, аптечкалары, инструменнары, фонариктары, чаһыылары, онтон да атын туһалаах сээкэйдэри, ону кытта Чап уустара уолаттарга анаан оҥорбут саха быһахтарын тиксэрдибит.
Нэдиэлэ иһигэр уолаттарбыт бойобуой сулууспа сүгэр сирдэринэн сылдьан көрсүтэлээтибит.
Уолаттар дойдуларыттан кэһиилэри тутан үөрдүлэр уонна дойдуларын дьонугар истиҥ махталларын тиэрдэллэр.
Үөһээ Бүлүү сонуннарын кэпсээн, ону тэҥэ "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатын тиксэрэн, дойдуларын тыыныттан үллэһиннибит.
Саа саадах тутан, дойдуну көмүскүү сылдьар хорсун буойун уолаттарбытын көрсүбүппүтүттэн, усулуобуйаларын, туруктарын билсибиппититтэн бэйэбит да дуоһуйдубут, уоскуйдубут.
Мантан иннэ маннык гуманитарнай көмөлөр, сырыылар тохтоло суох ыытыллыахтара диэн сүбэлэстибит.
#СВОихНеБросаем
#Верхневилюйск

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, биир дойдулаах уолбут, снайпер-буойун дойдутугар сынньана отпускаҕа кэлэ сылдьан ыалдьыттаан ааста.
Байыаспытын кытта СВО-ҕа гуманитарнай сырыыннан бара сылдьан ДНР территориятыгар көрсүбүппүт. Бүгүн киниэхэ өйдөбүнньүк бэлэҕи, эр киһи харысхалын - саха быһаҕын бэлэх ууннубут.
Бойобуой сырыыларын, уолаттарга өссө эбии туох наада буолун сөбүн, байыаннай дьайыы олоҕун туһунан атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.
Бу сайын иккис сырыыбытынан ДНР, ЛНР барыыбытыгар, уолаттартан киирбит этиилэри болҕомтоҕо ылан, туһалаах тэриллэри, техникалары хомуйан илдьиэхпит.
Биир дойдулаах байыаспыт этэҥҥэ кыайыыны уһаансан дойдутугар эргиллэн кэллин, харысхаллаах, сатабыллаах буоллун!

Сотору кэминэн анал байыаннай дьайыыга Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията айаҥҥа турунар.
Биир дойдулаахтарбыт, улуус тэрилтэлэрэ, урбаанньыттара гуманитарнай көмөнү хомуйарга бары түмсэллэр.
Бүгүн Дьокуускай куоракка үлэлиир биир дойдулаахпыт, урбаанньыт Адамов Юрий Иванович - "Гарант" цифровой техниканы өрөмүөннүүр, атыылыыр маҕаһыын хаһаайына икки матаһыыкыл харчытын уйунарын биллэрдэ уонна анаабыт харчытын туттарда.
Юрий Ивановичтан киирбит үбүнэн уолаттарбытыгар 2 матаһыыкылы ылыахпыт. Ааспыт сырыыга уолаттарга илдьибит матаһыыкылларбыт анал байыаннай дьайыы хонуутугар бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрбүттэр.
Юрий Ивановичка кыайыыга кылаатын киллэрбитигэр, биир дойдулаах уолаттарын өйөөбүтүгэр, туора турбакка гуманитарнай баһыылканы хомуйууга көмө буолбутугар истиҥник махтанабыт.
Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ кыайыы туһугар бары түмсэбит.
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

Улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров салайыылаах Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыны оҥордо.
Анал байыаннай дьайыыга саа саадах дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытын кытта көрсөн дойдуларыттан баһыылкалары тиксэрдилэр.
Саха Сирин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев төрөппүттэрэ Тамара Сергеевна уонна Александр Андреевич кыайыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн, уолаттарга туһа буоллун диэн УАЗ ХАНТЕР массыынаны анал байыаннай дьайыы сиригэр ыыппыттара.
УАЗ массыынаны Михаил Михайлович Запорожье уобалаһыгар сылдьар биир дойдулаах уолаттарбытыгар туттарда.
Улууспут бары үлэһиттэрэ хамнастарыттан кыттыһан, ону тэҥэ тэрилтэлэртэн, урбаанньыттартан киирбит үбүнэн 6 мотоцикл, 4 тепловизор, 9 квадрокоптер, 2 дрону утары тэрил РЭБ, 1 купольный подавитель БПЛА "Капюшон", дрон утары рациялар "TUT", 1 дизельнай генератор уонна да атын сэриигэ туһалаах тэриллэр ылыллан биир дойдулаах байыастарбытыгар тиксэрилиннилэр.
"Дойдум тыына" Васма Васильевна салайар волонтерскай хамсааһын иистэнньэҥ эбээлэрэ тикпит 45 рюкзактары, онно эбии 20 тактическай рюкзактары Ростов куораттан ылан уолаттарбытыгар Михаил Михайлович уонна Альберт Юрьевич туттардылар.
Уолаттарбыт көрдөһүүлэринэн бу сырыыга сахалыы харысхаллары, ону тэҥэ Үөһээ Бүлүүтээҕи Троицкай Церковьтан түөскэ кэтэр кэриэстэри, иконалары тиксэрдилэр.
Гуманитарнай сырыы делегациятын кыттыылааҕа Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов биир дойдулаахтарын кытта көрүстэ, көмө баһыылкалары туттарда.
Махтанабыт байыас уолаттарбытын өйөөбүт, гуманитарнай көмөнү хомуйууга кыттыспыт биир дойдулаахтарбытыгар уонна урбаанньаттарга:
1. Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата - (баһылык М.Ф. Силигиянов) 5 устуука квадрокоптер, 300.000 солкуобай харчынан, ону таһынан дьаһалта үлэһиттэрин биир күннээҕи хамнастара.
2.. ООО Алтан дириэктэрэ Васильев Иннокентий Терентьевич - 20 устуука ТUT рация
3. Саха тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу Петрова Сиибиктэ Васильевна - 30 устуука Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа
4. ИП Адамов Юрий Иванович - 2 устукка мотоцикл
5. ИП Семенов Спиридон Владимирович - 1 устуука квадрокоптер DJI Mavic 3 PRO FLY MORE COMBO (295.000 солк)
6. ООО “Камелек” генеральнай директора Григорьева Ольга Григорьевна - 1 устуука квадрокоптер DJI Mavic 3 PRO FLY MORE COMBO (270.000 солк)
7. Бырдакаров А.В. - Сварочнай аппарат дизельнай генератора 5.5 Квт (40.000 солк)
8. Михайлов Юрий Николаевич – 50.000 солк.
9. "Мила" маҕаһыын - 60.000 солк.
10. "Виола" маҕаһыын – 50.000 солк.
11. “Алекс” маҕаһыы – 50.000 солк.
12. ИП Еттянов Дь. - 50.000 солк.
13. “Кустук” маҕаһыын - 100.000 солк + 4 рулон материал.
14. "ОФСЕТ" хампаанньыйа – 150.000 солк.
15. Иванова Екатерина Анатольевна - 20.000 солк.
16. "Перекресток" маҕаһыын – 10.000 солк.
17. "Македон" маҕаһыын - туттар малынан, туһалаах тэриллэринэн.
Ил Дархан Айсен Сергеевич төрөппүттэригэр Тамара Сергеевнаҕа уонна Александр Андреевичка биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин махтанабыт!
Гуманитарнай сырыылар инникитин тохтоло суох кыайыы кэлиэр диэри салҕана туруохтара.
Үөһээ Бүлүүлэр уолаттарбытын өйүүбүт, кыайыы туһугар түмсэбит!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат физикаҕа учуутала, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо Александр Андреевич уонна Россия орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо Тамара Сергеевна - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев төрөппүттэрэ биир дойдулаах байыас уолаттарбытыгар тиксэрээрин диэн анаан туттарбыт УАЗ Хантер массыыналарын анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тиксэрдилэр.
Уаз массыына сырыыта сыыдам, кыайыыны чугаһатарга өйөбүл, уолаттарга эбии көмө көлө буоллун диэн алҕаан, туох баар бары үтүө санааннан, ис сүрэхтэриттэн биэрбит массыыналарын бэс ыйыгар Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускай куоракка илдьэн байыаннай хонууга сөптөөх гына оҥорон-чочуйан, тупсаран баран Ростовка ыыппыппыт.
Массыына анаммыт сиригэр тиийбит кэмигэр Ростовка улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров көрсүбүтэ.
Михаил Михайлович Ил Дархан төрөппүттэрэ ыыппыт массыыналарын Запорожскай уобаласка сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар илдьэн туттарда.
Уолаттар тимир көлө кэлбитигэр олус үөрдүлэр, Тамара Сергеевнаҕа уонна Александр Андреевичка улахан махтал тылларын тиэрдэллэр.
Массыына анал байыаннай дьайыы хонуутугар олус туһалаах техника буолар, уот линиятыттан уолаттарбытын, бааһырбыттары таһаарарга кытта улахан көмөнү аҕалыаҕа диэн байыастар техниканы үөрэ туттулар.
Тимир көлө уолаттарбыт сырыыларыгар дурда-хахха буоллун!
Тамара Сергеевнаҕа уонна Александр Андреевичка өйөбүлгүт, көмөҕүт, өрүү дойдубут Үөһээ Бүлүүбүт туһугар туохха да тэҥнэммэт кылааты киллэрэргитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт!
Чэгиэн-чэбдик, дьоллоох, уһун олохтоох буолун. Үөрүү, дьол, үтүө санаа эрэ эһигини кытта арыалластын.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр - Максимовтарга атырдьах ыйын 6 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев ыалдьыттаабыта.
Ыал ийэтэ Вилена бэйэтин кыһалҕатын, кыһыны кыстыырыгар көрсүбүт ыарахаттарын, ититии систиэмэтэ саҥардыллыан наадатын туһунан үллэстибитэ.
Ил Дархан кыстыкка киириигэ дылы Максимовтарга ититии систиэмэтин саҥардарга сорудахтаабыта.
Айсен Сергеевич сорудаҕын толорон Максимовтар котельнайдарыгар ититии систематын саҥардыыга, газ оһох турбатын уларытыыга, итиини эргитэр насоһу уонна ууну ититэр бойлеры уларытыыга үлэ түмүктэннэ.
"Отопление үлэтин үс күн иһигэр оҥорон бүгүн бүтэрдилэр. Улахан барҕа махтал. Саамай улахан кыһалҕам быһаарыллынна, баҕа санаам толору туолла", - диэн махталын ыал ийэтэ Вилена Максимова үллэһиннэ.
Максимовтар дьиэ кэргэҥҥэ баҕарабыт бары үтүөнү, алаһа дьиэҕит сылаас буоллун уонна саамай сүрүнэ Аҕаҕыт, байыаспыт кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэн дойдутугар, дьиэтигэр кэллин.

Бүгүҥҥү үлэ күнэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрсүһүүттэн саҕаланна.
Көрсүһүүгэ кэккэ кыһалҕаларын быһаарарга сүбэлэстибит.
Байыас салгыы Аҕа дойдутун көмүскүү барар баҕалааҕын уонна былааннааҕын этиннэ.
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Көрсүһүүгэ кэккэ кыһалҕаларын быһаарарга сүбэлэстибит.
Байыас салгыы Аҕа дойдутун көмүскүү барар баҕалааҕын уонна былааннааҕын этиннэ.
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Сэтинньи ыйга анал байыаннай дьайыы сиригэр Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията бу сылга үһүс төгүллээх гуманитарнай сырыытыгар бэлэмнэнэр.
Хас биирдии тэрилтэ үлэһиттэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр пуондаҕа кылааткыт иһин махтанабын. Ону тэҥэ байыас уолаттарбыт биир дойдулаахтарыгар ис сүрэхтэн махтаналларын өрүү биллэрэллэр.
Бүгүҥҥү сүбэ мунньахха баһыылкалары, көмө харчыны хомуйааһын саҕаланарын иһитиннэрдим. Биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан сайаапкалар киирэ тураллар.
Анал байыаннай дьайыы уоттаах киирсиилэригэр байыастарбыт олохторун харыстыыр, быыһыыр кыахтаах тэриллэр: тепловизордар, антидроннар, РЭП радиоэлектронный подавителлэр, дроннар, БПЛА-лар, матаһыыкыллар олус наадалаахтар.
Үһүс сырыыбытын сэтинньи ый ортотугар, идэһэ кэмэ саҕаламмытын кэннэ, уолаттарбытыгар дойдуларын этиттэн, аһыттан илдьэ тиийэр курдук былааннанныбыт.
Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ананар көмөнү тэрийэр пуондаҕа харчы киириитигэр баҕа өттүнэн күн бүгүн улуус 51 тэрилтэтэ үлэлэһэ олорор. Итиэннэ биирдиилээн биэнсийэлээх аҕам саастаах дьон ый ахсын биэнсийэлэриттэн бу пуондаҕа көмө киллэрэ тураллар олус хайҕаллаах.
Байыастарга ананар гуманитарнай сырыы Саха сирин киинин кытта былааннаан оҥоһуллар. Бу сырыыга улуус дьаһалтатын аатыттан 4 киһи барара былааннанар. Онон нэһилиэктэр баһылыктарыттан бу сырыыга кыттыһыан баҕалаах дьонтон сайаапка күүтэбит. Биир дойдулаах уолаттарбытыгар көмө буолар, олус наадалаах тэриллэрин атыылаһан ылан илдьэргэ үлэһит нэһилиэнньэттэн көмө киирэрэ наада. Барыта кыайыы туһугар диэн санаанан салайтаран көмөҕүтүн түргэтэтиэххит диэн эрэнэбин.
#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
#ВсеДляПобеды

Бүгүн анал байыаннай дьайыы байыаһын, биир дойдулаахпытын Аян Саргыдаевы кытта көрүстүм.
Аян дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Аҕа дойдуну көмүскээччигэ - "Өрүү харысхаллаах буоллун, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэллин", - диэн алгыс тылбытын этэн туран, Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай ороуйуон дьаһалтатын аатыттан бэлэх туттардым.
Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө хомулла турар. Күн ахсын биир дойдулаахтарбыт гуманитарнай көмөнү нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, улуус дьаһалтатыгар кэлэн туттараллар. Ону сэргэ, улуус бүддьүөт үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастары фондаҕа көмө гынан анаатылар.
Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията гуманитарнай сырыыннан быйыл үһүс төгүлүн анал байыаннай дьайыы сиригэр барарга бэлэмнэнэ сылдьар.

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт аһымал концертка Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Концертка киирбит үп анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө фондаҕа туттарыллар.
Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията быйыл үһүс төгүлүн гуманитарнай сырыыннан биир дойдулаах байыастарбытын көрсө ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар барарбыт былааннанар.
Улууспут бары олохтоохторо кыайыы туһугар кылааттарын киллэрэн, гуманитарнай көмөнү хомуйарга көхтөөхтүк кытталлар.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ муҥха былыгын ыһаарылаан бэлэмнээтилэр. Ыһаарыламмыт соболор тоҥоруллан, баһыылкалар барарга бэлэмнэр.
Ону сэргэ, бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа.
Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин байыаһа Александров Алексей Александрович хорсун быһыытын иһин Россия Президиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан бэриллибит "Орден мужестваны" дьиэ кэргэнигэр туттардым.
Алексей Александрович 2022 сыл балаҕан ыйыгар хантыраагынан сулууспаҕа анал байыаннай дьайыы сиригэр барбыта. 2023 сыл тохсунньу ыйыгар геройдуу Аҕа дойду туһугар сырдык тыына быстыбыта.
Алексей ийэтигэр Домна Алексевнаҕа, аҕатыгар Александр Николаевичка ис сүрэхтэн туохха да тэҥнэммэт сүтүккүтүгэр кутурҕаммын тиэрдэбин. Эһиги хорсун уолу, эр киһи килбиэннээҕин төрөппүт, ииппит үтүө быһыыгытыгар сүгүрүйэн туран махтанабыт.
Алексей кэргэнигэр, оҕолоругар төһө да ыар сүтүктэммиккит иһин Аҕаҕыт курдук хорсун санаалаах, сырдыкка талаһар, Аҕаҕыт аатын ааттатар дьон буола улаатын диэн баҕа санаабытын этэбит.
Анал байыаннай дьайыы сириттэн тыыннаахтыы эргиллибэтэх биир дойдулаах уолаттарбыт сырдык ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар холдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит.
"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата, олохтоох муниципальнай тэриллиилэр дьаһалталара туох баар бары кыахпытынан анал байыаннай дьайыы байыастарын дьиэ кэргэннэригэр олох-дьаһах боппуруоһугар көмөнү ыытарга аһаҕаспыт.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
#ОрденМужества

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстүм.
Судаарыстыбаттан, өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан көрүллэр көмө көрүҥнэрин туһунан социальнай фонда салайааччыта Альбина Ивановна Николаева уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун киинин салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Егомина Зоя Валентиновна иһитиннэрдилэр.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһуламмыт реабилитационнай бырагырааммалары Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардана Николаевна Павлова билиһиннэрдэ.
Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин инспектора Обоева Наталья Николаевна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананан үлэлиир бырагырааммалары сырдатта, чуолаан үлэни булууга уонна профориентационнай курстарга үөрэнии туһунан кэпсээтэ.
Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар дьарыктаах буолуу киин көмөтүнэн 8 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэҕэ киирбит, 3 киһи профкурстарга үөрэммит.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар быйылгы икки гуманитарнай сырыыбыт туһунан сырдаттым. Ону тэҥэ, бу ый бүтүүтэ үһүс сырыыбытыгар бэлэмнэнии хайдах бара турарын кэпсээтим.
Хас биирдии байыас Аҕа дойдубут туһугар сүҥкэн кылаатын сыаналаан, өйдөөн тураммыт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр болҕомто уурар, көмө, өйөбүл буолар ытык эбээһинэспит.
Кыайыыга - бары бииргэ!