Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
794 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүлүү куоратыгар ыытыллыбыт маҥнайгы Норуоттар икки ардыларынааҕы тимир уустарын бэстибээлигэр Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара икки көрүҥҥэ бастакы миэстэни ыллылар!

Үөһээ Бүлүү улууһуттан күөн күрэхтэһиигэ 5 тимир ууһа: Хоро нэһилиэгиттэн - Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн Афанасьев Анатолий Федорович, Тамалакаан нэһилиэгиттэн Стручков Станислав Спартакович, ону кытта Кэнтик нэһилиэгиттэн хамаанда салайааччыта Тумусов Егор Сысоевич кытыннылар.

3 күннээх күрэхтэһии түмүгэр уустарбыт 4 көрүҥтэн икки көрүҥҥэ кыайыылааҕынан таҕыстылар. "Чап Уустара" Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата "Хоһуун уус" элбэх көрүҥнээх тимир оҥоһук, ону тэҥэ тимири уһаары номинацияларга бастакы миэстэни ылан хас биирдии кыайбыт көрүҥнэригэр 150.000 тыһ. солкуобай уу харчыннан наҕараадаланнылар.

Чап уустара өссө төгүл Саха Сиригэр, Дойду үрдүнэн бастыҥ тимир уустара буолалларын биллэрдилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын, чулуу тимир уустарбытын үрдүк кыайыыгытынан эҕэрдэлиибин! Дьоҕургут өссө сайдан, оҥоһуктаргыт өссө тупсан истиннэр.

#ЧапУустара
#КузнечноеДело
#Кузнецы
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev