Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
795 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Российскай Федерация Госдуматын депутата,  доруобуйа харыстабылыгар госдума кэмитиэтин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Федот Семенович Тумусов Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэ сырыытынан кэллэ.

Федот Семеновиһы кытта көрсүһүүгэ улууска былааннанар уонна ыытыллар үлэлэри сырдаттыбыт.

Федот Семенович дойдутун Үөһээ Бүлүү улууһун кытта ыкса үлэлэһэргэ, госдума депутатын быһыытынан өйүүргэ бэлэмин биллэрдэ.

Үлэ сырыытынан бүгүн, сарсын доруобуйа харыстабылыгар баар боппуруостарга үлэлэһэрэ, балыаһа үлэтин, кыһалҕаларын кытта билсиһэрэ былааннанар.

#ГосдумаРФ
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev