Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун көхтөөх, дьоҕурдаах эдэр ыччатын
өрөспүүбүлүкэтээҕи "Табыс" ыччат фестивалын делегаттарын кытта көрүстүм.

Ыччаттарбыт бэлэмнэниилэрэ күүстээх, кыайыыга дьулуурдаахтык туруммуттар.

Улууспут инники кэскилигэр фестивальга ситиһиилээх кыттыыны, саҥа арыйыылары, көрдөөх түгэннэри, саҥа билиилэри баҕарабын!

Киэҥ туттабыт эдэр ыччаппытынан!

Үөһээ Бүлүү хамаандата бэс ыйын 5 күнүгэр Кэбээйи улууһугар айанныаҕа.

#Табыс
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🌿🌿🌿🌿🌿
Кэбээйи улууһугар ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Табыс" эдэр ыччат фестивалигар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията бэс ыйын 5-с күнүгэр Кэбээйигэ кэллилэр.

⭐️Бүгүн фестиваль үөрүүлээх аһыллыытыгар ыччаттарбыт былаахтарын өрө күөрэппитинэн, уруйдаан-айхаллаан, дохсун ытыс тыаһынан колоннаҕа бастакыннан парадтаан киирдилэр👏👏👏

☀️Үөһээ Бүлүү колоннатын баһылаата улуус баһылыгын социальная хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова. Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин араас күрэхтэргэ көмүскүүллэр 23 эдэр ыччат.

🍀Ыччаттарбытыгар ситиһиини, кыайыыны баҕарабыт.

#Табыс
#ҮөһээБүлүү

📎 t.iss.one/mologojvervil
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM