Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.59K photos
269 videos
1 file
830 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Күндү көмүс оҕолорбутун, кэскилбитин, инники эрэллэрбитин Оҕо көмүскэлин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Оҕо көмүскэлин күнэ - саамай сырдык уонна үтүө бырааһынньык!

Үөһээ Бүлүү улууһун хас биирдии кырачаанын оҕо сааһа дьоллоохтук, туох да кыһалҕата суох аастын! Онуоха биһиги, улахан дьон, улуус салалтата, оҕолорбут дьоллорун туһугар барыны бары гыныахтаахпыт. Ол курдук, уһууйаана, оскуолата суох тыаларбытыгар туох да иһин саҥа оскуолалары, уһуйааннары тутаммыт, оҕолорбут үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэнэллэрин, сайдалларын ситиһэр ытык эбээһинэспит.

Сотору кэминэн Үөһээ Бүлүүгэ Оҕо поликлиникатын бастакы сваята түһэр үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылларын кэтэһэбит. Оҕолорбут чөл доруобуйалаах, бигэ туруктаах буолалларыгар биир улахан хардыыны оҥоробут.

Оҕолорбутун харыстаатахпытына, көмүскээтэхпитинэ эрэ улууспут уонна өрөспүүбүлүкэбит инникитин тутар кыахтаахпыт.

Күндү бар дьонум! Бу бэлиэ күҥҥэ эһигини барыгытын үүнэр көлүөнэ дьылҕатын туһугар туора турбакка, хас биирдиигит кыһамньылаах, эппиэтинэстээх буоларгытыгар ыҥырабын!

Күндүн көмүс чыычаахтарбыт ыраас халлааннаах, чаҕылхай
күннээх, дьоллоох оҕо
саастаах буоллуннар! Оҕо
ымыыта ыал ахсын кэлэ
турдун!
Оҕолорбут олоххо аартыктара
арылыннын, улууһу, Саха Сирин ааттатар
ыччаттар буоллуннар! Кинилэр ситиһиилэринэн, кыайыыларынан биһиги бары кынаттанабыт!

#ДеньЗащитыДетей
#ОҕоКөмүскэлинКүнүнэн

t.iss.one/ValeriNikolaev