Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөрүүлээх сонун!

Бүгүн, ыам ыйын 31 күнүгэр, 2024-2025 сылга «Обеспечение
качественным жильем» диэн СӨ
судаарыстыбыннай бырагыраамматын чэрчитинэн СӨ тутууга министиэристибэтигэр "Развитие и освоение территории в целях
стимулирования строительства индивидуальных жилых домов» конкурс хамыыһыйатын мунньаҕа ыытылынна.

Мунньахха хамыыһыйа бэрэсэдээтэлэ СӨ тутууга миниистирэ Романов Виктор Дмитриевич, ону кытта 7 хамыыһыйа чэлиэттэрэ конкурска киирбит сайаапкалары көрдүлэр.

Конкурска барыта 18 Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэриттэн сайаапка киирбититтэн, 7 сайаапка ааста, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй уонна Балаҕаннаах нэһилиэктэрэ хапсан, микрорайоннары газтааһыҥҥа үп көрүллэрин ситистибит.

Үөдүгэй нэһилиэгин "Молодежнай" микрорайоҥҥа гааһы киллэрээһиҥҥэ 9 115 028,06 солкуобай, Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Табыйыыс" микрорайоҥҥа гааһы киллэриигэ 17 187 481,02 үп көрүлүннэ.

Күндү, Үөдүгэй, Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтоохторун, Молодежнай уонна Табыйыыс микрорайоннарга уһаайба ылбыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрбитин, үрдүкү кыайыыбытынан эҕэрдэлиибин!

Инникитин да маннык кыайыылар кынаттанан, ситиһиилэр сиэттиһэн кэлэ турдуннар!

#Микрорайоны
#ҮөһээБүлүү
#Газификация

t.iss.one/ValeriNikolaev