Сургуулук нэһилиэгэр саҥа оскуола-уһуйаан арылынна.
Аныгылыы көстүүлээх, 2 этээстээх, таас тутуулаах оскуола-уһуйаан Саха Сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев быһаччы өйөбүлүнэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. 60 миэстэлээх оскуола, 30 миэстэлээх уһуйаан оҕолор сайдалларыгар, үөрэнэллэригэр, билии ылалларыгар бары өттүнэн толору хааччыллыылаах.
Саҥа оскуоланы арыйыыга ВКС быһа эфир нөҥүө Ил Дархан Айсен Сергеевич кыттан үөрүүбүтүн үллэһиннэ.
Сургуулук оскуола-уһуйаана быйыл улууспутугар иккис үлэҕэ киирбит саҥа оскуола буолар. Күһүн, балаҕан ыйыгар, үөрүүлээх быһыыга-майгыга Боотулуу орто оскуолата арыллыбыта. Маны сэргэ, быйыл Ороһу нэһилиэгэр саҥа оскуола тутуута сөргүтүллэн саҕаланна.
Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун, оскуола үөрэнээччилэрин, учууталларын, уһуйаан иитиллээччилэрин, иитэччилэрин, бары үлэһиттэри үөрүүлээх түгэнинэн СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччыта Евгений Егорович Афанасьев эҕэрдэлээтэ.
Оскуоланы тутан үлэҕэ киллэрбит бэдэрээтчит "Сахаспецмонтаж-95" ХЭТ дириэктэрэ Дмитрий Алексеевич Петров үгэс быһыытынан бэлиэ күлүүһү бырааттыы Боескоровтар ааттарын сүгэр Сургуулук орто оскуолатын дириэктэригэр Октябрина Ильинична Боескороваҕа туттарда.
Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун саҥа тупсаҕай дьүһүннээх таас оскуола арыллыбытынан эҕэрдэлиибин.
Сургуулук нэһилиэгэ бэйэтэ ураты сайдыылаах, үгүс наука доктордара уутуйан үөскээбит дойдулара буолар. Инникитин да үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах саҥа көлүөнэ ыччаты иитиигэ кыһамньылаах үлэни баҕарабын.
Саҥа оскуола сылаас, сырдык, элбэх көлүөнэ ыччакка билиини биэрэр биһик буоллун, олохтоохтор үөрүүлэригэр үйэлээх, кэскиллээх оскуола буоллун!
#Сургуулук
#ОткрытиеШколы
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev

Бүгүн улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар орто үөрэхтээх медицинэ каадырдарын бэлэмнииргэ туһаайыллыбыт 4 өрүттээх сөбүлэҥи "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон, В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж, Я.П. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа уонна Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия буолан түһэристибит.
Сүбэлэҥҥэ Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж дириэктэрэ Дмитрий Афанасьевич Алексеев, улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардаана Николаевна Павлова, Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия дириэктэрэ Сергей Николаевич Кардашевскай буоламмыт илии баттастыбыт.
Эһиилги үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүүгэ арыллар Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж салаата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15-с буолар.
Устудьуоннар медсестра идэтигэр 1 сыл 10 ый, фельдшер идэтигэр 2 сыл 10 ый үөрэниэхтэрэ, маны таһынан үчүгэйдик үөрэнэр устудьуоннарга стипендия көрүллэр буолуоҕа.
Медицинскай колледж салаата Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия баазатыгар арыллар. Тохсунньу ыйтан колледж уһуйааччылара Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн үлэни кытары билсиэхтэрэ.
Дьокуускайдааҕы медколледж Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар уопсайа 50 үөрэх миэстэтэ, ол иһигэр 34 бюджетнай, 16 төлөбүрдээх миэстэ баар буолуоҕа.
Идэлэрин уларытыан, медицина хайысхатыгар сайдыан, улууспут олохтоохторун доруобуйата тупсарыгар кылааттарын киллэриэн баҕалаах дьоммутун эһиилги үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар үөрэххэ кэтэһэбит.
Улууспутугар билигин турар сытыы кыһалҕабыт, медицинскэй үлэһит, тыаларга фельдшер тиийбэт боппуруоһун кэлэр сылларга бу Сүбэлэҥ көмөтүнэн, медколледж үлэтин түмүгэр быһаарыахпыт диэн эрэлбит улахан.
#Медколледж
#Верхневилюйскийулус

Ахсынньы 26 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар икки эбийиэк: Сургуулук орто оскуолата уонна Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатынан Нам нэһилиэгин норуот айымньытын киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылыннылар.
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Нам нэһилиэгэр саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыбытынан сибээстээн, алмаас тааска СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.
2024 сыл атырдьах ыйын 9-с күнүгэр "Алроса" акционернай хампаанньыйа "Новинка" трубкатыттан хостоммут 74,5 караттаах алмааска Саха Өрөспүүбүлүкэтин, РСФСР уонна СССР норуодунай артыыскатын Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева аатын иҥэрэр туһунан туоһу суругу “АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа генеральнай директорын сүбэһитэ Платонов Анатолий Васильевич эҕэрдэлээн туран туттарда.
Алмааска аат иҥэриллэрин туһунан "Алроса" АХ генеральнай директора Павел Алексеевич Маринычев 2024 сыл алтынньы 24 күнүгэр баттаабыт 01/297 - П нүөмэрдээх бирикээһин ытыс дохсун тыаһыгар, дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр Анатолий Васильевич доргуччу ааҕан билиһиннэрдэ.
Маны сэргэ, Нам нэһилиэгин олохтоохторун саҥа, тупсаҕай дьүһүннээх култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирбитинэн СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Мария Васильевна Турантаева эҕэрдэлээтэ.
Нам нэһилиэгин олохтоохторун өр кэтэспит бэлиэ түгэҥҥитинэн - саҥа норуот айымньытын киинэ арыллыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Саҥа култуура дьиэтэ дьоҕурдаах дьону-сэргэни, кэнчээри ыччаты сайыннардын, өр үйэҕэ олохтоохтору үтүө тэрээһиннэринэн үөрдэ турдун!
Ытыктабыллаах Анегина Егоровна!
Эн улуу ааккар, чаҕылхай дьоҕургар, айдарыылаах аналгар сүгүрүйэн туран, дойдугар Нам нэһилиэгэр арыллыбыт саҥа култуура дьиэтигэр, маны сэргэ Сахабыт Сирин баайыгар - алмаас тааска аатын иҥэриллибитинэн, үйэтитиллибитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Улуу киһибит улуу аата алмаас таастыы күлүмүрдүү, култуура сырдык суолугар саҥа көлүөнэ ыччаты угуттуу турдун!
#АнегинаИльина
#Алроса
#ДомНародногоТворчества

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй сэлиэнньэлэрин дьаһалталара ыытар "Ёлка добра" диэн акция чэрчитинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бэлэхтэри туттардым🎄.
#ЁлкаДобра
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
#ЁлкаДобра
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
"Төрөөбүт куоратым уонна нэһилиэгим" бырайыак чэрчитинэн ыытыллар ППМИ (Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүн өйөөһүн) бырагыраама конкуруһугар Үөһээ Бүлүү улууһуттан 23 сайаапка кыайда.
Ол курдук, Хоро, Ороһу, Боотулуу, Нам, Харбалаах, Далыр, Үөдүгэй, Дүллүкү, Кэнтик, Оҥхой, Быракаан, Сургуулук, Өргүөт, Балаҕаннаах, Хомустаах, Мэйик нэһилиэктэриттэн биирдии сайаапка, Кырыкый уонна Тамалакаан нэһилиэктэриттэн иккилии сайаапка, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн үс сайаапка кыайыылааҕынан таҕыстылар.
Кыайыылаах бырайыактар олоххо киирэллэригэр 2 мөл. солкуобай ППМИ бырагыраамматын чэрчитинэн көрүллүөҕэ.
Бу үрдүк ситиһии, нэһилиэк олохтоохторун түмсүүлэрин көрдөрөр үлэ түмүгэ буолар.
Бары кыайыылаах нэһилиэктэри эҕэрдэлиибин уонна ситиһиилээх үлэни баҕарабын.
#ППМИ
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ол курдук, Хоро, Ороһу, Боотулуу, Нам, Харбалаах, Далыр, Үөдүгэй, Дүллүкү, Кэнтик, Оҥхой, Быракаан, Сургуулук, Өргүөт, Балаҕаннаах, Хомустаах, Мэйик нэһилиэктэриттэн биирдии сайаапка, Кырыкый уонна Тамалакаан нэһилиэктэриттэн иккилии сайаапка, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн үс сайаапка кыайыылааҕынан таҕыстылар.
Кыайыылаах бырайыактар олоххо киирэллэригэр 2 мөл. солкуобай ППМИ бырагыраамматын чэрчитинэн көрүллүөҕэ.
Бу үрдүк ситиһии, нэһилиэк олохтоохторун түмсүүлэрин көрдөрөр үлэ түмүгэ буолар.
Бары кыайыылаах нэһилиэктэри эҕэрдэлиибин уонна ситиһиилээх үлэни баҕарабын.
#ППМИ
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Бүгүн тохсунньу ый 13 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун прокуратуратын саҥа дьиэтэ арылынна.
Саҥа прокуратура дьиэтин тутуута 2024 сыл бэс ыйыттан саҕаланан ахсынньы ыйга түмүктэммитэ.
Бүгүн үөрүүлээх арыллыы сиэригэр-туомугар Үөһээ Бүлүү улууһун прокурора Михаил Михайлович Сивцев, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов уонна "Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ" МТ дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Михаил Михайлович эҕэрдэ тылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону бөҕөргөтүүгэ, нэһилиэнньэ интириэһин уонна гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ туһуламмыт үлэ ыытылларыгар сөптөөх бары усулуобуйа тэриллибитин бэлиэтээтэ.
Егор Дмитриевич саҥа дьиэ материальнай-техническэй хааччыллыытын көрдө, прокуратураҕа сүктэриллибит үрдүк эппиэтинэстээх үлэни күннэтэ ыытарга сөптөөх, табыгастаах усулуобуйа оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.
Саҥа прокуратура дьиэтин адреһа: Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, Школьная уулусса 7-с нүөмэрдээх дьиэтэ.
Үлэлиир кэмэ: 09:00-18:00
Тохтобул: 13:00-14:00
#НовостиПрокуратуры

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕар нэһилиэктэринэр сыллааҕы үлэ отчуоттуур мунньаҕын былаанын тэрилтэ салайааччыларыгар, нэһилиэк баһылыктарыгар билиһиннэрдим.
Сарсын, ол эбэтэр тохсунньу 21 күнүгэр улуус баһылыгын дуоһунаһыгар талыллыбытым 1 сыла туолар. Ааспыт 2024 сыл иһигэр ыытыллыбыт үлэ түмүктэрин, быйылгы сылга туруоруллар былааннары нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттуур мунньахтар тохсунньу 21-23 күннэригэр улууспут бары нэһилиэктэригэр ыытыллыахтара. Бары улуус олохтоохторун көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын.
#ГодовойОтчет

#ОтчетГлавы2024
ДЕМОГРАФИЯ
2023 сыл бүтүүтэ оройуон нэһилиэнньэтин ахсаана 20 889 киһи буолбут, ол эрээри 2024 сылга 20 721 киһиэхэ диэри намтаабыт. 2023 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар 267 оҕо төрөөбүт, 2024 с. 203 оҕо төрөөбүт.
2023 сылга өлүү 156, оттон 2024 сылга — 164.
Үөһээ Бүлүү улууһугар бөдөҥ уонна орто предприятиелар үлэһиттэрин ахсаана былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 101,7%, эбэтэр 52 киһиэхэ тиийдэ.
10 ый түмүгүнэн 2024 сыл түмүгүнэн улууска 564 киһи кэлбит, олортон 617 киһи улуустан барбыт. Былырыын баччаҕа 621 киһи кэлбит, 901 киһи барбыт. Ол аата ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, Үөһээ Бүлүү улууһугар кэлии 9% кыччаабыт, онтон Үөһээ Бүлүүттэн 31% кыччаабыт.

Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Барахов аатын сүгэр Култуура киинигэр тутуу үлэтэ, ис өрөмүөнэ хайдах баран иһэрин билистим.
Эбийиэк ис өрөмүөнэ түмүктүүр түһүмэххэ кэлэн, билиҥҥи туругунан мебели, оборудованиялары туруорааһыҥҥа үлэ бара турар.
Сотору кэминэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга улууспутугар өссө биир саҥа култуура киинин арыйарга бэлэмнэнэбит.
#Харбалаах