Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, улууспутугар өр сылларга үлэлээбит ытык дьоммутун кытта көрүстүбүт.

Араас эйгэҕэ Үөһээ Бүлүүнү чаҕылхайдык ааттаппыт биллэр-көстөр, бас-көс биир дойдулаахтарбыт төрөөбүт дойдуларын өрүү саныы, ахта, дууһалыын кыһалла сылдьалларыттан киһи киэн туттар.

Көрсүһүүгэ биир дойдулаахтарбар инники үлэм былаанын, сыалын-соругун сырдаттым.

Араас сылларга улууһу салайбыт Аҕа Баһылыктартан Платон Терентьевич Тумусовтан, Михаил Михайлович Донскойтан улуус баһылыгын суолугар үктэнэрбэр алгыстарын ылынным.

Биир дойдулаахтарбыт ханна да тиийдиннэр Үөһээ Бүлүүлэр буолалларын умнубакка, өрүү улуус туһугар бэйэлэрин сыраларын ууран, көмөлөһөн, улууһу ааттатардыы үлэлээн, улуус интириэһин араас таһымҥа көмүскүү сылдьаллара кэрэхсибиллээх.

Инникитин да Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх дьоммутун кытта түмсүүлээхтик улуус сайдыытын, үрдүк таһымҥа тахсыытын туһугар биир санааннан салайтаран үлэлиэхпит!

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ҮөһээБүлүүгэСаҥаСүүрээни

t.iss.one/ValeriNikolaev