Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Үөһээ Бүлүү улууһа бастакыннан Нам улууһугар гуманитарнай көмөнү оҥорорун биллэрдэ.
Нам улууһугар 14 нэһилиэк халаан уутугар ылыллыбытын өрөспүүбүлүкэ дьоно бары уолуйа истэбит. Элбэх нам улууһун олохтоохторо дьиэлэрэ, тэлгэһэлэрэ ууга былдьанан билигин быстах олорор пууннарга көһөрүлүннүлэр.
Бүгүн Нам улууһугар "Дьиэ кэргэн многофункциональнай киинин" уонна былырыын үлэҕэ киирбит "Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин" үлэтин-хамнаһын билсэ улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова тиийдэ.
Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Феврония Ивановна Охлопкова Нам улууһугар социальнай хайысхалаах эбийиэктэр үлэлэрин билиһиннэрдэ.
Анна Михайловна Нам улууһа халаан уутугар улаханнык эмсэҕэлээбитинэн сибээстээн Үөһээ Бүлүү улууһа гуманитарнай көмөнү оҥорорго бэлэмин биллэрдэ.
Улуустар үлэҕэ уопут атастаһыытыгар да, кыһалҕа кэмигэр бэйэ бэйэҕэ көмөҕө да өрүү бэлэм буолуохтаахпыт.
#ҮөһээБүлүү
#НамУлууһа
#ГуманитарнаяПомощь
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс киинэ.

Үөһээ Бүлүү улууһуттан Нам улууһугар халаан уутугар эмсэҕэлээбиттэргэ суһал көмөбүт 2 тоннаттан тахса бородуукта, туттар мал хомуллан бөлүүн Нам улууһугар тиийдэ.
Суһал көмө билигин да киирэ турар, иккис сырыы суһал көмөбүт бу күннэргэ айанныыра былааннанар.
Тэрилтэлэр, урбаанньыттар, Үөһээ Бүлүү олохтоохторо харчыннан 200.000 солкуобайы хомуйан бүгүн Нам улууһун фондатыгар ыыттыбыт.
Түмсүүлээх, амарах сүрэхтээх, үтүө санаалаах Үөһээ Бүлүүм улууһун дьонугар, халаан уутугар эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр олохтоохторун кыһалҕаларыттан туора турбакка, бу күчүмэҕэй балаһыанньаҕа көмө, өйөбүл буолбуккутугар истиҥник махтанабын.
#ҮөһээБүлүүУлуууһа
#НамУлууһа
t.iss.one/ValeriNikolaev