Верхневилюйская центральная модельная библиотека им. О. Д. Федоровой
137 subscribers
353 photos
54 videos
62 links
Сайт vvlibr.ru
Download Telegram
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
"Тобуруокап көмүс күһүнэ" Vlll- с өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон көҥүл түһүлгэтэ иккис күнэ саҕаланна.
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Сарсыарда тоҕус чаастан Тобуруокап түмэл - уһаайбатыгар хомоҕой хоһоон кутуллан барда.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Нам улууһуттан Федотов Владимир
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Хаҥалас улууһуттан Петрова Татьяна - Мойуу кыыһа, "Өлүөнэ долгуннара" түмсүү чилиэнэ
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Сунтаар улууһуттан Иванова Зинаида - Сыралы, "Ньургуһун" түмсүү салайааччыта
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Сунтаар улууһуттан Дьячковская Валентина - Хара Көмүс, "Ньургуһун" түмсүү куратора
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#тобуруокап_күһүнэ
Тобуруокап түһүлгэтин иккис күнэ кыттааччыларга ордук долгутуулаах уонна күүтүүлээх буолла. Бу күн саха норуодунай суруйааччыта, П.Н. Тобуруокап күтүөтэ Дмитрий Федосеевич Наумов эппит тиэмэтигэр – 4 субурҕа хоһоон айыыга куоталаһыы буолла. Бэриллибит тиэмэҕэ хоһуйуу куонкуруһугар 51 киһи кытынна. Кыттааччылар сүүрбэ мүнүүтэ иһигэр "Сэрии" диэн ыарахан тиэмэҕэ түөрт субурҕа суруйалларыгар болдьохтонно.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтинэн үлэлээтилэр:
литератураны ырытааччы В.Б. Окорокова, «Күрүлгэн" литературнай публицистическай сурунаал бас редактора А.Г. Гуринов - Арчылан, поэтесса С.В. Гольдерова - Саргы Куо.
Баара-суоҕа түөрт субурҕа нөҥүө киһи элбэҕи көрүөн сөбүн бигэргэппит биир бастыҥ хоһоон быһаарылынна. Ол кыайыылаах хоһоон ааптара – Николай Васильев - Харыйалаах Уола, 51 хоһоонтон талыллан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Наумовтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна.

Сэрии.
Ийэ сирим иэнигэр
Билигин даҕаны сэтэриир
Икки атах иэдээнэ
Хара дьайдаах ыар сэрии.
(Харыйалаах Уола)
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
"Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон көҥүл түһүлгэтин түмүктүүр тэрээһинэ
“Тута хоһуйсуу күрэҕэ” Нам сынньалаҥ киинигэр иккис төгүлүн ыытыллар.
Күрэх үс түһүмэхтээх:
1-кы түһүмэх эр киһи уонна дьахтар утарыта көрсөн туран бэйэ-бэйэлэрин хоһуйсаллар.
2-ис түһүмэх талыллыбыт кыттааччылар түбэспит сэрэбиэйдэринэн тахсан утары хоһуйсаллар.
3-с быһаарар түһүмэх талыллыбыт кыттааччы саалаҕа баар биир киһини талан хоһуйар.
Манна улуус дьаһалтата 50. 000 солк бирииһи туруорда.
Хоһуйсуу күрэҕин сыаналыыллар А.М. Мойтохонова - Сахаайта, М.С. Санников, В.Г. Гуринов - Арчылан.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁
"Тута хоһуйсуу" күрэҕэ,
Орто Халыма улууһуттан Бережнева Мария - Тупсууна
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
Тута хоһуйсуу күрэҕэ,
Үөһээ Бүлүү улууһуттан Арыйаана Михайлова
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
“Дани-Алмас компания” кинигэ кыһатыгар босхо бэчээттэнэн тахсар уус-уран кинигэ ааптарын быһаарар көрүү-күрэх түмүгэ.
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
"Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон көҥүл түһүлгэтигэр, "Көмүс тобурах" күрэҕи "Дани Алмас" кинигэ кыһата айар, суруйар дьоҕурдаах дьоҥҥо төрдүс төгүлүн ыытта.

Бу күрэххэ 12 улуус бастыҥ хоһоонньута бэйэтин улууһун аатыттан кииристэ. Улуус аатыттан кыттар ааптар 10 талыллыбыт хоһооннорун анал хамыыһыйа көрөн сыаналаата.

Хоһооннору көрүү түмүгэр Ньурба улууһуттан Саргылана Стручкова кыайда уонна "Дани-алмас" типографияттан 100 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта.
Иккис миэстэни ылла Үөһээ Бүлүү улууһуттан Антонина Хобусарова, 75 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу сурук тутта.
Үһүс миэстэни ылла Чурапчы улууһуттан Римма Корякина - Хотууна, 50 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта.
Ону сэргэ улуус түмсүүлэрэ 20% чэпчэтиилээх бэчээттэтиигэ туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.
#тобуруокап_күһүнэ
🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂🍁🍂
"Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон көҥүл түһүлгэтин түмүктүүр тэрээһинэ “Тута хоһуйсуу күрэҕэ” Нам сынньалаҥ киинигэр иккис төгүлүн ыытылынна. Хоһуйсуу күрэҕин сыаналаатылар А.М. Мойтохонова - Сахаайта, М.С. Санников, В.Г. Гуринов - Арчылан. Күрэх үс түһүмэхтэн турда. Барыта 12 хоһуйааччы кыттыыны ылла. 1-кы түһүмэх кэнниттэн 8 кыттааччы, 2-с түһүмэх кэнниттэн 3 кыттааччы хаалан күөн көрүстүлэр, ол түмүгүнэн "Кылаан чыпчаал" аатын ылла Таатта улууһуттан Александра Жулеева - Суһума. Кыайыылаах Д.Ф. Наумов, В.Б. Окорокова туруорбут 50.000солк. бирииһи ылан үөрүү өрөгөйүн биллэ.