uusaldan.ru
3.14K subscribers
9.35K photos
870 videos
2 files
238 links
Download Telegram
“Өркөн” лааҕыр түмүктүүр тэрээһинигэр "Ералашка" саҥа сериялара сүрэхтэннилэр👧🏻👦🏻🌈

Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлээбит “Өркөн” лааҕыра оҕо талаанын арыйар, сайдарыгар олук уурар сыаллаах-соруктаах 21 хонук устата тиһигин быспакка 30 иитиллээччилээх, үлэтин этэҥҥэ түмүктээтэ.

⬇️⬇️⬇️
Forwarded from Саха сирэ/ЭС
🏆🎶«Кэнчээрилэр» лауреат аатын ыллылар

Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Мүрү 1 №-дээх оскуолатын иһинэн үлэлиир «Кэнчээри» Арассыыйа оҕо образцовай народнай ансаамбылын биир айар үлэтэ  Норуоттар икки ардыларынааҕы 7-с бэстибээл чэрчитинэн “Калининград доҕотторо» диэн куонкуруска кыайыы көтөллөнөн кэллэ.

Сиһилии👇https://sakha-sire.ru/kencheeriler-arassyyja-tahymygar-laureat-aatyn-yllylar/

@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Өбүгэ сирэ - саха киһитин бигэ туруга!

Өбүгэлэрим сирэ - Тойон Мүрү арҕаа баһыгар, Чомчоҕой уонна Чаарык тумустарын икки ардыгар сытар Араҥас хонуута - куруук күүс биэрэ, санаа эбэ турар
Хос хос эһэм Баалкы Бүөтүр, хос эһэм Ньукутуон, үгүс аймах-билэ Сабарай аҕа ууһун дьонун көмүс уҥуохтарыгар эһэм, аҕам миигин аҕалбыттара, мин уолбун аҕалбытым, кини бэйэтин уолун аҕалыа - быстыбат ситим буолан тиһиллэ туруо🙌
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🥩🍶Бэйэ бородууксуйата сайдар, иннин диэки хардыылыыр

🤝✔️Ил Дархан @Aisen_Nikolaev тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы бородууксуйатын элбэтиигэ элбэх болҕомтону уурар.

🔝🥛Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар: СХПК «Тумэн» (Таатта улууһа) Айаал Макаров уонна СХППК «Дюпсюнский» (Уус-Алдан улууһа) Алгыс Нестеров республика дьонугар бастыҥ бородууксуйаларын билиһиннэрэллэр.

@Sakhagove

#ПравительствоЯкутии
#Якутия
#Местноепроизводство
Местные земляника 😍👍 и овощи по низкой цене🤩🤩🤩
Бороҕоҥҥо күүтүүлээх "Запад-2" хочуолунайы тутуу олоххо киирэр кыахтанна.

Бэҕэһээ, Новосибирскай куораттан, Бороҕоҥҥо тутуллуохтаах, улахан кыамталаах "Запад-2" хочуолунайы тутар "Инженерные сети-проект" хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутуутун салайааччыта Алексей Литвинов кэлэн, ыытыллыахтаах үлэ былааннарын билиһиннэрдэ.

Билиҥҥи туругунан тутуу матырыйааллара сакаастанан, оҥоһулла сылдьаллар, бүттэҕинэ таһаҕастанан, тиэллэн кэлиэхтээх, онон хочуолунай тутуллуохтаах сирин бэлэмниир үлэлэри икки нэдиэлэнэн саҕалыахтара.

Санатан эттэххэ, "Запад-2" хочуолунай толору механизациялаах, 24 МВт кыамталаах, 2,6 километр уһуннаах саҥа теплотрассалаах. Уопсайа 624 тирэх түһүөҕэ. Үлэҕэ киирдэҕинэ 4 хочуолунай тепловой пуннарга көһүөхтэрэ.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
✍🏻 Коротко о главном
🏢💨 Про строительство котельной "ЗАПАД-2".

В Борогонцах будет построена новая котельная "ЗАПАД-2".

Котельная «ЗАПАД-2» обеспечит надёжное теплоснабжение части села Борогонцы. Конкурс на строительство выиграла компания «Инженерные сети-проект» из города Новосибирск. Отметим, что данной компанией построена котельная «ВОСТОК-1» мощностью 18 МВт, которая снабдила теплом жителей восточной части районного центра. Новая котельная мощностью 24 МВт с тепловыми сетями и центральными тепловыми пунктами оптимизирует 4 котельных- "РАПО", "Кэскил", "РДК" и "Центральный", она будет построена на месте бывшего РАПО. Котельная будет введена в 1 квартале следующего года.

ГУП ЖКХ РС (Я) совместно с администрацией улуса ведут совместную плановую работу по модернизации системы теплоснабжения Усть-Алдана. Следующим этапом станет строительство котельной «ЗАПАД-1», которая обеспечит теплом всю западную часть села Борогонцы.

Пресс-служба администрации Усть-Алданского улуса.