uusaldan.ru
3.14K subscribers
9.35K photos
870 videos
2 files
238 links
Download Telegram
Саха хомуһа Улуу Эльбрус хайаҕа тыаһаата.

Хабырылла Дьөгүөрэп аатынан Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин педагога Федот Винокуров бу күннэргэ Европа уонна Россия саамай үрдүк хайатыгар Эльбруска тахсан, бэйэтин холонон көрдө.

Ол туһунан Федот санаатын бу курдук үллэһиннэ: «Улуу хайа хомойуох иһин үрдүгэр таһаарбата, 242 миэтэрэ хаалбытын кэннэ, сытыы силлиэ, туманнаах буурҕа түһэн тахсыыны тохтотто. Аклиматизацияны учугэйдик ааһыахха наада эбит, «Горная болезнь» диэн баар, мээнэ киһи ону тулуйбат, мин өйбүт сүтэрэ сырыттым. Буурҕабыт олох тохтообокко, дьон эчэйии ыллылар, ыарыйдылар даҕаны. Ол да буоллар бу сырыыбыттан астынным! Саха хомуһа 5400 миэтэрэ үрдүккэ тыаһаата!!! Хомуспун биир дойдулааҕым Петр Куличкин - Быйаман Уус оҥорбута».

Р.s. Эльбрус хайа үрдүгэ 5642 миэтэрэ. Бу хайаҕа былырыын биир дойдулаахпыт, альпинизмҥа Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, Россия спордун маастара Эрхан Бысыин тахсан, Уус Алдан былааҕын күөрэччи көтөхпүтэ.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
“Өркөн” лааҕыр түмүктүүр тэрээһинигэр "Ералашка" саҥа сериялара сүрэхтэннилэр👧🏻👦🏻🌈

Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлээбит “Өркөн” лааҕыра оҕо талаанын арыйар, сайдарыгар олук уурар сыаллаах-соруктаах 21 хонук устата тиһигин быспакка 30 иитиллээччилээх, үлэтин этэҥҥэ түмүктээтэ.

⬇️⬇️⬇️
Forwarded from Саха сирэ/ЭС
🏆🎶«Кэнчээрилэр» лауреат аатын ыллылар

Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Мүрү 1 №-дээх оскуолатын иһинэн үлэлиир «Кэнчээри» Арассыыйа оҕо образцовай народнай ансаамбылын биир айар үлэтэ  Норуоттар икки ардыларынааҕы 7-с бэстибээл чэрчитинэн “Калининград доҕотторо» диэн куонкуруска кыайыы көтөллөнөн кэллэ.

Сиһилии👇https://sakha-sire.ru/kencheeriler-arassyyja-tahymygar-laureat-aatyn-yllylar/

@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Өбүгэ сирэ - саха киһитин бигэ туруга!

Өбүгэлэрим сирэ - Тойон Мүрү арҕаа баһыгар, Чомчоҕой уонна Чаарык тумустарын икки ардыгар сытар Араҥас хонуута - куруук күүс биэрэ, санаа эбэ турар
Хос хос эһэм Баалкы Бүөтүр, хос эһэм Ньукутуон, үгүс аймах-билэ Сабарай аҕа ууһун дьонун көмүс уҥуохтарыгар эһэм, аҕам миигин аҕалбыттара, мин уолбун аҕалбытым, кини бэйэтин уолун аҕалыа - быстыбат ситим буолан тиһиллэ туруо🙌
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🥩🍶Бэйэ бородууксуйата сайдар, иннин диэки хардыылыыр

🤝✔️Ил Дархан @Aisen_Nikolaev тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы бородууксуйатын элбэтиигэ элбэх болҕомтону уурар.

🔝🥛Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар: СХПК «Тумэн» (Таатта улууһа) Айаал Макаров уонна СХППК «Дюпсюнский» (Уус-Алдан улууһа) Алгыс Нестеров республика дьонугар бастыҥ бородууксуйаларын билиһиннэрэллэр.

@Sakhagove

#ПравительствоЯкутии
#Якутия
#Местноепроизводство
Местные земляника 😍👍 и овощи по низкой цене🤩🤩🤩