Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Биэ эмиийэ (малина) - саамай сөбүлүүр отонум. Сиирбин да, хомуйарбын да.
Биир дьыл наһаа да элбэх үүммүтэ. Биир баах барыанньа оҥорбутум.
Малина анньыыларга үүнэр. Аны сэппэрээгэ хатыылаах. Онон хомуйарга эрэйдээх соҕус да буоллар, оннооҕор хат сылдьан тарапачыһан үргүүрүм. Ийэм барсар этэ, аны охтон түһүө диэн, манаан.
Биирдэ бииргэ үлэлиир дьоммун кучуйан илдьэ бардым. Бары айуу-айа, абытай-татакай буолаллар. Бүтэһигэр Полина-Малина диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Малинаны хомуйууга чахчы сатабыл наада.
#тыасирэ #биээмиийэ #отонкэмэ