Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
61.8K photos
10.4K videos
27 files
41.5K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
БОРОҔОҤҤО САҤА СПОРТИВНАЙ БЫЛАҺААККА КИЭРКЭЙИЭ

Соторутааҕыта Бороҕоҥҥо биир бэлиэ түгэн буолан ааста. Мүрү нэһилиэгэр успуорт министиэрис­тибэтин 3,5 мөлүйүөн солкуобайдаах спортивнай-технологическай тэрил сэртипикээтин туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Бу тренажердар кэлии­лэрэ Уус Алдан улууһа успуорка уруккуттан олохсуйбут үтүө үгэстэрдээҕин дьэҥкэтик көрдөрдө. Ол курдук Саха сирин но­руоттарын VIII-с спортивнай оонньуулара аһыллыыларыгар диэри 1 000 хонугу ааҕыы саҕаланар тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт ГТО туттарыытыгар улуус үрдүнэн 5 886 киһи кыттыыны ылбыта. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүү быһыытынан сыаналаммыта. Онон Бороҕоммут өссө биир саҥа көстүүнэн киэр­кэйиэ.

Улуус дьа­һалтатын баһылыга А.В.Федотов сэртипикээти Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгар В.И.Аммосовка туттарарыгар ити туһунан маннык бэлиэтээн эттэ: ”Маннык спортивнай да, оҕо да былаһааккалара сэлиэнньэбит тупсаҕай көстүүлээх оҥороллорун туһугар бары биир сомоҕо буолан үлэлиирбит ситиһиллиэхтээх”. Онно хардаран Василий Аммосов былаһаакканы тутууга нэһилиэнньэ уонна спонсордар көмөлөрүгэр эрэнэрин эттэ.

Былаһаакка урукку “Ньургуһун” оҕо саадын оннугар тутуллуоҕа. Бу тиэр­гэнин бүтүннүү ылыахтаах. Онно тренажернай былаһаакканы таһынан футболлуур хонуу, дьон сынньанар уонна оҕо оонньуур была­һааккалара баар буолуохтара. Онтон уулусса диэки силигилээн турар олордуу мастар тыытыллыбакка оннуларыгар хаалыахтара диэн эттилэр. Ол мастар бэйэлэрин көстүлэринэн чахчы да ханнык баҕарар тутууну киэргэтиэ этилэр.

Салгыы Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын таһыгар баар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа В.Д.Лонгинов бүүһэ көһөрүллэн ту­руон сөптөөх сирин көрүү буол­ла. Дьоруой бүүһэ бэйэтин аатынан уулусса 93 №-дээх дьиэтин таһыгар көһөрүллэн аҕалыллара былааннанна. Бу миэстэ чахчы бигэргэннэҕинэ, манна эмиэ дьон сынньанарыгар сөптөөх былаһаакка оҥоһул­луон сөбүн эттилэр. Сотору уулусса өрөмүөнэ түмүктэнэн буор бурҕайбат сирэ буолуоҕа. Ону дьоруойбутугар аналлаах миэстэ баа­ра ситэрэн биэриэҕэ.

#улусмедиа #новости #борогонцы #спортивнаяплощадка