Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
62.2K photos
10.5K videos
27 files
41.6K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ЯКУТИЯ ВОШЛА В ТОП-10 РЕГИОНОВ-ЛИДЕРОВ ЦИФРОВИЗАЦИИ ПЕРВОГО ПОЛУГОДИЯ 2020 ГОДА

Национальная премия в области эффективного применения передовых технологий “Приоритет” совместно с Медиологией подготовили медиарейтинг в контексте цифровизации за первое полугодие 2020 года. За период с января по июнь 2020 года в топ-10 медиарейтинга вошла Республика Саха (Якутия), передаёт ТАСС.
Как распределились места в рейтинге регионов согласно МедиаИндексу:

– Москва – 703 281,0

– Московская область – 214 321,7

– Татарстан – 201 766,9

– Краснодарский край – 135 235,4

– Новосибирская область – 123 636,2

– Свердловская область – 118 980,3

– Санкт-Петербург – 117 245,9

– Приморский край – 106 410,3

– Республика Саха (Якутия) – 96 330,4

– Тюменская область – 82 511,9

При расчете рейтинга учитывалось упоминание регионов РФ в контексте цифровизации. Рейтинг построен на основе базы СМИ системы “Медиалогия”, включающей более 57 тыс. источников: ТВ, радио, газеты, журналы, информационные агентства, интернет-СМИ. Период исследования: 1 января – 30 июня 2020 года.

МедиаИндекс – показатель качественного состояния информационного поля, формируемого СМИ вокруг геопонятия. Чем больше значение МедиаИндекса, тем более ярко и позитивно присутствие геопонятия в СМИ, тем позитивнее его имидж, создаваемый СМИ.

При расчете МедиаИндекса учитывается несколько параметров в рамках каждого сообщения с упоминанием объекта, в том числе:

– влиятельность источника информации (в основе параметра – цитируемость издания в других СМИ);

– характер упоминания объекта в сообщении (позитивный, негативный, нейтральный);

– роль объекта в сообщении (главная, эпизодическая);

– наличие прямой или косвенной речи, относящейся к объекту.

Первая и единственная национальная премия в области эффективного применения передовых технологий “Приоритет” учреждена в 2015 году НП “Центр общественных связей”.

“Медиалогия” – независимая российская исследовательская компания в области СМИ, специализирующаяся на медиа-анализе в режиме реального времени. “Медиалогия” решает задачи мониторинга и анализа СМИ, позволяет оценивать эффективность PR и маркетинговых коммуникаций.
БОРОҔОҤҤО САҤА СПОРТИВНАЙ БЫЛАҺААККА КИЭРКЭЙИЭ

Соторутааҕыта Бороҕоҥҥо биир бэлиэ түгэн буолан ааста. Мүрү нэһилиэгэр успуорт министиэрис­тибэтин 3,5 мөлүйүөн солкуобайдаах спортивнай-технологическай тэрил сэртипикээтин туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Бу тренажердар кэлии­лэрэ Уус Алдан улууһа успуорка уруккуттан олохсуйбут үтүө үгэстэрдээҕин дьэҥкэтик көрдөрдө. Ол курдук Саха сирин но­руоттарын VIII-с спортивнай оонньуулара аһыллыыларыгар диэри 1 000 хонугу ааҕыы саҕаланар тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт ГТО туттарыытыгар улуус үрдүнэн 5 886 киһи кыттыыны ылбыта. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүү быһыытынан сыаналаммыта. Онон Бороҕоммут өссө биир саҥа көстүүнэн киэр­кэйиэ.

Улуус дьа­һалтатын баһылыга А.В.Федотов сэртипикээти Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгар В.И.Аммосовка туттарарыгар ити туһунан маннык бэлиэтээн эттэ: ”Маннык спортивнай да, оҕо да былаһааккалара сэлиэнньэбит тупсаҕай көстүүлээх оҥороллорун туһугар бары биир сомоҕо буолан үлэлиирбит ситиһиллиэхтээх”. Онно хардаран Василий Аммосов былаһаакканы тутууга нэһилиэнньэ уонна спонсордар көмөлөрүгэр эрэнэрин эттэ.

Былаһаакка урукку “Ньургуһун” оҕо саадын оннугар тутуллуоҕа. Бу тиэр­гэнин бүтүннүү ылыахтаах. Онно тренажернай былаһаакканы таһынан футболлуур хонуу, дьон сынньанар уонна оҕо оонньуур была­һааккалара баар буолуохтара. Онтон уулусса диэки силигилээн турар олордуу мастар тыытыллыбакка оннуларыгар хаалыахтара диэн эттилэр. Ол мастар бэйэлэрин көстүлэринэн чахчы да ханнык баҕарар тутууну киэргэтиэ этилэр.

Салгыы Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын таһыгар баар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа В.Д.Лонгинов бүүһэ көһөрүллэн ту­руон сөптөөх сирин көрүү буол­ла. Дьоруой бүүһэ бэйэтин аатынан уулусса 93 №-дээх дьиэтин таһыгар көһөрүллэн аҕалыллара былааннанна. Бу миэстэ чахчы бигэргэннэҕинэ, манна эмиэ дьон сынньанарыгар сөптөөх былаһаакка оҥоһул­луон сөбүн эттилэр. Сотору уулусса өрөмүөнэ түмүктэнэн буор бурҕайбат сирэ буолуоҕа. Ону дьоруойбутугар аналлаах миэстэ баа­ра ситэрэн биэриэҕэ.

#улусмедиа #новости #борогонцы #спортивнаяплощадка
Быйыл Абый орто оскуолатын 7-9 кылааһын оҕолоро «Бүгүйэх» лааҕырга сынньаннылар. Сынньалаҥ быыһыгар от үлэтигэр көмөлөстүлэр.

Абый үөрэнээччилэрэ оскуола  таһыгар үүммүт сибэккилэри бүөбэйдээн, көрдүлэр-иһиттилэр. Күн аайы учууталлара араас спортивнай оонньуулары тэрийэллэр, оҕолор хамаанданан арахсан квест-оонньууга, эстафетаҕа, волейболга күрэхтэһэллэр.

Сиhилии ➡️➡️https://ulus.media/2020/07/31/abyj-oskuolatyn-reneechchilere-tu-alaahtyk-synnanallar/
С 3 августа в России нельзя будет пополнить транспортные карты наличными. Это связано со вступлением в силу изменений в ФЗ №161 «О национальной платёжной системе». Внести средства на транспортную карту теперь возможно в терминалах самообслуживания только с использованием банковского счета.

Прекращается прием наличных денег в терминалах самообслуживания на пополнение “Транспортной карты”, карты “Спутник”, “Виртуальной карты” и “Школьной карты питания”.

Но для удобства клиентов мы сохранили возможность пополнения наличными “Транспортной карты” в кассе банка при наличии паспорта. При зачислении денег в терминалах самообслуживания с карт других банков установлена комиссия в размере 1,5%. При этом в случае пополнения средств с карты АЭБ комиссия отсутствует.

Карты “Спутник”, “Виртуальная карта”, “Школьная карта питания” можно пополнять бесплатно в терминалах самообслуживания АЭБ, в том числе картами сторонних банков.

Больше информации 👉🏻 https://www.instagram.com/p/CDTM3mXp9G3/?hl=ru
ГОРНАЙГА ҮРҮҤ ТЭЛЛЭЙ ДЭЛЭЙДИК ҮҮММҮТ

Бу күннэргэ Горнай улууһугар ардахтаах күннэр турдулар. Уһун ардах түһэн отчуттарга күчүмэҕэйдэри үөскэттэ. Хата манньатын киһи сөҕүөх курдук тэллэй бөҕө үүннэ. Ол иһин бу күннэргэ хаһаайкалар ойуурга сылдьаллар.

Инники сылларга үүммэт үрүҥ тэллэй элбэҕин тэллэйдьиттэр сөҕөллөр. Үгүстэр тоҥорон, маринадтаан хаһааналлар, сибиэһэй хортуоппуйу кытта бустаҕына остуол маанылаах аһа буолар. Кэнники сылларга тэллэйи иккис эт аһынан билинэллэр.

#улусмедиа #новоси #горныйрайон #белыйгриб
Сайын биир саамай түбүктээх үлэлээх дьонунан бэтэринээрдэр буолаллар. Муома улууһун “Индигир уоттара” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Улахан Чыыстайга ыстаадаларынан бара сылдьан, Чыыстайдааҕы бэтэринээринэй учаастак сэбиэдиссэйэ Геннадий Петрович Слепцову кытта көрсөн кэпсэттэ.

Геннадий Петрович 1985 сыллаахха СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэриэҕиттэн Улахан Чыыстайдааҕы бэтэринээринэй учаастакка сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Өр сыллаах бэриниилээх үлэтин иһин “СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэлээх. Кини салайыытынан таба ыстаадаларыгар бруцеллёһу утары үлэ тэрээһиннээхтик ыытыллар.

“Биһиги үлэбит сүнньүнэн ыарыыны бохсобут. Улахан Чыыстай ыстаадаларыгар икки ыстаада бруцеллёзтан босхоломмута. Ол аата ыраастар, табаларын тыыннаахтыы, өлөрөн баран да этин атыылыахтарын да сөп. Атыттарга харантыын.

Саамай түбүктээх кэм биһиэхэ, бэтэринээрдэргэ ‒ сайын. Быыһык кэм ‒ ахсынньы, тохсунньу, олунньу ыйдар. Ол кэннэ кулун тутартан саҕалаан ыстаадаларынан бруцеллёзка хаан ылыыта саҕаланар. Ханна таба ыарыйда да, ыҥырдахтарына, кыһын буранынан, сайын атынан сылдьабыт. Таба саамай ыалдьар кэмэ ‒ сайын. Үксүн атахсыт ыарыы бэлиэтэнэр. Тыһыынчанан табалар быыстарыгар сылдьан талахха, тааска дьөлө үктүүллэр. Ыалдьыбыт, содьороҥнуу сылдьар табаны тутан ылан бэлиэтиибит. Ириҥэтин ыраастаан, антибиотигынан укуоллуубут. Бааһыттан көрөн 4-5 хонук устата эмтээһин ыытыллар. Онтон үтүөрэн табаларын батыһан баран хаалаллар.

Ону таһынан сириттэн-уотуттан эмиэ тутулуктаах. Саамай ыраах сытар ыстаадаларга Магирга, Саркычааҥҥа наар тааһынан сылдьар буолан эмиэ бэлиэтэнэр. Олус куйаас сайын табаҕа куһаҕан”, ‒ диэн кэпсиир уопуттаах бэтэринээр.

Геннадий Петрович бэйэтэ Чыыстайга төрөөбүт-улааппыт буолан сири-дойдуну билэр, оҕо эрдэҕиттэн бу эргини элбэхтэ тэлэн кэлбит киһи. Ыҥырыы киирдэ да, атыгар олорон, ытын батыһыннаран көмөҕө ыстанар. Биирдэ талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар.

Геннадий Петровичка уонна кини салайар кэлэктиибэр ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт. Кинилэр үлэлэрэ хоту сир маанылаах кыылын ахсаана аҕыйаабатын туһугар, табаны иитии көрдөрүүтэ тупсарын туһугар туһуланар.