Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.95K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
АЛТАҤҤА ВЫПУСКНИКТАР ОСКУОЛАЛАРЫГАР СЫННЬАНАР СИР ОҤОРОН ТУРУОРДУЛАР

Амма улууһун Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбит оҕолор үбүлүөйдээх сылларынан сынньанар сири оҥорон бэлэхтээтилэр.

Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха 30 оҕо буолан бүтэрбиттэрэ. Оччолорго Эмис уонна Сатаҕай оскуолалара 8 кылаастаах буолан, Алтаҥҥа бу нэһилиэктэртэн кэлэн эмиэ үөрэнэллэрэ. Төһө да атын атын сиртэн кэллэллэр, бука бары олус иллээхтик үөрэнэн оскуолаларын тутуспутунан бүтэрбиттэрэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри билсэ, кэпсэтэ сылдьаллар.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуоланы 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр 35 сыллаах үбүлүөйдэрэ. Манна кинилэр ааспыт сылтан араас тэрээһиннэри ыыттылар. Быйыл өссө күүстээх үлэ барыаҕын, коронавирус ыарыы туран хааччахтааһын мэһэйдээтэ. Ол да буоллар Амма улууһун Алтан оскуолатын выпускниктара быыс булан үөрэммит оскуолаларыгар махталларын бэлиэтин – сынньанар сири оҥорон туттардылар.

“Бу сынньанар сир салгыы кэҥэтиллэн, өссө тупсаран үлэ ыытыллан аллея буолуон баҕарабыт. Оччоҕо оҕолор да, учууталлар да сынньанар кэрэ миэстэлэрэ буолуо этэ”, – диэн выпускниктар баҕа санааларын тириэрдэллэр.

#улусмедиа #амгинскийрайон #Алтан #подарокшколе
ВЛАДИМИР ПУТИН ПОДПИСАЛ УКАЗ ОБ ОФИЦИАЛЬНОМ ОПУБЛИКОВАНИИ КОНСТИТУЦИИ РФ С ВНЕСЁННЫМИ В НЕЁ ПОПРАВКАМИ

Владимир Путин подписал Указ об официальном опубликовании Конституции РФ с внесёнными в неё поправками. Об этом глава государства заявил 3 июля в ходе встречи с рабочей группой по подготовке предложений о внесении поправок в Конституцию страны.

«1 июля завершилось общероссийское голосование. Центральная избирательная комиссия подвела итоги. В голосовании приняло участие около 68 процентов избирателей, и абсолютное большинство – порядка 78 процентов – поддержало конституционные поправки. Граждане России сделали свой выбор, и в соответствии с этим решением я подписал Указ об официальном опубликовании Конституции с внесёнными в неё поправками», – сказал Путин.

Президент подчеркнул, что поправки вступают в силу по воле народа. «Вы знаете мою позицию: изменения, внесённые в Основной закон страны, затрагивают каждого, и окончательное, решающее слово здесь могли сказать только граждане России. Мы приняли это значимое решение вместе, всей страной, и оно касается тех ценностей и базовых принципов, которые лежат в основе дальнейшего развития России, делают нас действительно одним народом, единым целым», – отметил он.

Глава государства выразил благодарность всем, кто сделал свой ответственный выбор, и тем, кто работал на участках для голосования, членам участковых комиссий, десяткам тысяч волонтёров и наблюдателей, а также членам рабочей группы.

«В целом результаты голосования показали высокий уровень консолидации общества по ключевым вопросам, имеющим общенациональное значение», – подчеркнул Президент РФ.

Пресс-служба Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)

#конституциярф #президентрф #общероссийскоеголосование
В НАЙБЕ И НАМЫ ТРУДЯТСЯ ИСТИННЫЕ НОСИТЕЛИ САМОБЫТНОЙ КУЛЬТУРЫ

Оленеводство в Булунском районе – это традиционный вид занятий народов Крайнего Севера. В районе оленеводством занимаются три муниципальных унитарных предприятия: «Булунское», «Борогонское» и «Приморский». Более сотни человек трудятся в отрасли оленеводства, не считая и семей оленеводов. О том, как живут оленеводы и чумработницы сел Найба и Намы радушно рассказали работники МУП «Борогонское» и «Приморский».

Чумработница оленеводческого стада №2 МУП «Приморский» Лариса Чимитовна-Чиряева:

– В этот летний период устроилась работать чумработницей в МУП «Приморский». Многие годы посвятила кочевой жизни. Моя жизнь связана с оленями, знаю, что и кто чем должен заниматься, какой здесь уклад жизни. Как жена оленевода, веду домашнее хозяйство в чуме, правда у нас здесь чум называют чуора – уникальная конструкция, в наше время редко встретишь такое сооружение в виде конически-цилиндрического чума (чуора). Нашей чуора больше сорока лет, многие годы мы ею пользуемся, собираем и заново сооружаем.

В нашем стаде более тысячи голов взрослых оленей, если не считать тугутов. В стаде работают главный зоотехник, зоотехник, бригадир и два оленевода-пастуха. Также на лето к нам приехали помогать дети.
Если рассказывать о нашем быте то, отмечу, что весна и первые дни лета выдались для нашего стада весьма положительно для охоты и рыбалки. Природа щедро угостила нас пернатой дичью – гусями и утками, чиром и другими видами нашей традиционной пищи. В общем, пока здесь благодать. Собираемся переезжать на другую стоянку, сейчас ждем вездеход, после отправимся в другое место.

Отмечу, что оленеводов, именно пастухов мало, молодежь не тянется. Хочется, чтобы у нашей молодежи появился интерес к оленеводству, чтобы молодежь пришла работать в оленеводческие бригады, чтобы оленеводство в нашем крае не прекращало существование. Я понимаю, что молодые предпочитают оставаться в городах, районном центре, но все же, хочется, чтобы молодые не забывали свои традиции, уклад, быт и нашу культуру. Всё же я лелею надежду, что эта отрасль в будущем привлечет сюда больше молодых людей, которые свяжут свою профессиональную деятельность с оленеводством.

Читайте далее на сайте https://ulus.media/ по ссылке ➡️➡️➡️ https://ulus.media/2020/07/04/v-najbe-i-namy-trudyatsya-istinnye-nositeli-samobytnoj-kultury/ .
АЙСЕН НИКОЛАЕВ ПОДПИСАЛ РАСПОРЯЖЕНИЕ О ПРОВЕДЕНИИ «ИГР МАНЧААРЫ»

Глава Якутии Айсен Николаев 3 июля 2020 года подписал распоряжение №234-РГ о проведении ХХII Спартакиады по национальным видам спорта «Игры Манчаары» в 2025 году в Таттинском улусе.

До 1 сентября 2020 года Правительству Республики Саха (Якутия) поручено утвердить состав организационного комитета по подготовке и проведению Спартакиады. Соревнования традиционно проводятся в целях популяризации и развития национальных видов спорта, внедрения здорового образа жизни среди якутян.

Пресс-служба Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия).

#ИгрыМанчаары #ИлДархан #спортивныеигры #Таттинскийрайон #спорт
МАЙАҔА ЫЛЛЫЫР ЫСКАМЫАЙКАЛАР ТУРУОРУЛУННУЛАР

Майаҕа Таптал көлүччэтигэр, Дьоруой Степанов аатын сүгэр уонна Ытарҕалаах үрэҕи туоруур муоста искибиэрдэригэр барыта аҕыс муусукалаах ыскамыайка туруорулунна диэн Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччыта Гаврил Толстяков иһитиннэрдэ.

Ураты ыскамыайкалары Майа сэлиэнньэтин олохтоох уус уолаттара Алексей Лукин, Федор Петров уонна Станислав Необутов ылсаннар олоххо киллэрбиттэр. Ыскамыайкаҕа баар муусуканы иннигэр-кэннигэр сыҕарытан талан холбуохха уонна тохтотуохха сөп. Маны таһынан түлүпүөнү ииттэриэххэ сөп. Аан дойду классическай муусукатыттан саҕалаан, Саха сирин уонна улууспут биллиилээх ырыаһыттарын ырыалара ыскамыайкаҕа тыаһыыллар. Ырыалары тематическэй тэрээһиннэргэ уларытан холбуохха эмиэ сөп. Сынньалаҥ искибиэрдэргэ туруоруллубут ыллыыр ыскамыайкалар сарсыарда аҕыс чаастан киэһэ 23 чааска диэри үлэлиир анал таймерга холбоммуттар. Майаҕа уопсастыбаннай сирдэргэ, искибиэрдэргэ Ростелеком хампаанньа нөҥүө видеокамералар туруоруллан хонтуруолланаллар. Бу барыта нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар туһуттан толкуйдаммыт аныгылыы көрүүлээх бырайыактар сыллата олоххо киирэннэр Майабытын тупсараллар, киэргэтэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, кыһыҥҥыттан Майа сэлиэнньэтин искибиэрдэрэ, болуоссаттара арт-эбийиэктэринэн киэргэтиллэн олохтоохтор сэҥээриилэрин ылбыта.

Олохтоох көҕүлээһин бырагыраамаларыгар киирсэн Майа олохтоох дьаһалтата уопсастыбаннай миэстэлэри, дьон сынньанар усулуобуйатын тэрийэр сыалтан сэлиэнньэни саҥардыыга, тупсарыыга хаһыс да сылын үлэлэһэр. Бу сайыҥҥы үлэлэринэн Комсомольскай болуоссакка кэрэ көстүүлээх сибэкки ааркаларын туруораннар тупсаҕай көстүүнү олохтоотулар.

➡️➡️➡️ https://ulus.media/2020/07/04/maja-a-yllyyr-yskamyajkalar-turuorulunnular/.
ТУМАТ ЫЧЧАТА ХОТУ СИР УСУЛУОБУЙАТЫГАР КУУРУССА, СИБИИННЬЭ ИИТЭР

Усуйаана улууһун кииниттэн тэйиччи сытар Тумат нэһилиэгиттэн биир үөрүүлээх сонун кэллэ. Нэһилиэк олохтооҕо, эдэр киһи Алексей Горохов кэтэх хаһаайыстыбатыгар тутар икки тыһы сибиинньэтиттэн биирэ төрөөн, 8 сибиинньэ оҕотун биэрэн хаһаайын киһи үөрүүтэ үксээбит. Билигин төрүөх туруга кэминэн.

Алексей Андриянович Горохов төһө да сааһа эдэр буоллар, тыа хаһаайыстыбатын бу салаатыгар ылсан үлэлиир, дьыалатын сайыннарар санаалааҕа хайҕаллаах суол. Бу иннинэ, кини саас  инкубаторынан чоппуускалары таһаартарбытын туһунан сырдаппыппыт. Кини элбэх уопута суох эрээри, онтон иҥнэн турбакка, бэйэтэ тустаах литератураны, кинигэлэри ааҕан,  сибиинньэ, куурусса иитиитин ньыматын туһунан билиитин хаҥатар эбит.

Хоту сиргэ дьиэ сүөһүтүн, көтөрүн иитэр ыарахана биллэр. Аҥаардас  эбии аһылыгы, уотурбаны, комбикорманы атыылаһыы, аҕалтарыы элбэх харчыны-үбү, сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол да буоллар  бу салааҕа кыһаллан үлэлээтэххэ сибиинньэ, куурусса түргэнник ситэр,  онон тыа сиригэр сайыннарарга, үлэлииргэ-хамсыырга, эбии дохуот киллэрэр, сибиэһэй аһы-үөлү хааччыйар сөптөөх дьарык буолар.

Алексей бэйэтэ дьаһанан, сөптөөх суолу тутуһан, дьыалата өссө сайда турарыгар ситиһиилэри баҕарабыт. Уонна кини дьарыга нэһилиэгиттэн, оройуонуттан, тустаах тэрилтэлэртэн өйөбүллээх буолуо диэн эрэнэбит.

#улусмедиа #устьянскийулус #тумат #сельскоехозяйство
АММАЛАР АТТАРА ИЛ ДАРХАН БИРИИҺИГЭР ЫЫТЫЛЛЫБЫТ СҮҮРДҮҮГЭ ДУОРААННААХТЫК ААТТАННА

Бүгүн Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт саамай күүтүүлээх Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтүгэр аммалар аттара эмиэ дуорааннаахтык ааттанан үөрүүлэрэ улахан.

Строд аатынан хаһаайыстыба сүүрүк сылгылара Ил Дархан бирииһигэр ыытыллыбыт сүүрдүүгэ кэккэ ситиһиилэнэн, Амма улууһун аатын ааттаттылар. Биллэрин курдук быйыл уустук балаһыанньанан сүүрдүү көрөөччүтэ суох ыытыллыбыта. Ол да буоллар улуус дьоно “Саха” НКИК ханаалынан аһаҕас эпиири көрөн тэбис-тэҥҥэ “ыалдьан” ыһыы-хаһыы түһэрдилэр. Сүүрүү бүппүтүн кэннэ биһиги түлүпүөнүнэн Строд аатынан хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлэ Василий Тимофеевы кытта сибээстэһэ сырыттыбыт.

“Өрөспүүбүлүкэ саамай күүтүүлээх сүүрдүүтүгэр хайдах да кыттабыт диэн санаалаах аттарбытын бэлэмнээбиппит. Бэлэмнэнии үлэбит түмүктэрдээх буолбутуттан үөрдүбүт. Ол курдук 1000 миэтэрэ дистанцияҕа „Критериум“ бирииһигэр Варадеро диэн атыырбыт 2-с миэстэ буолан 35 тыһ. солк. бириэмийэлэннэ. 2000 миэтэрэ дистанцияҕа „Югория“ страховой хампаанньа бирииһигэр 3 саастаахтарга Арктик Бой диэн ат бастакы миэстэ буолан 75 тыһ. солк. ылла.

Бу аты бэйэбит биир дойдулаахпыт, тириэньэр Андрей Егорович Константинов биһиэхэ баайтарар. Дьэ уонна Ил Дархан бирииһигэр 2400 миэтэрэ дистанцияҕа Мейзи Кинг диэн 5 саастаах атыырбыт иккиһинэн кэлэн 1 мөл. 250 тыһ. солк. наҕараадаланна.

Аттар тириэньэрдэрэ Николай Николаевич Громов. Онтон сүүрдээччи уолум Спиридон Тимофеев. Кини Москваттан кэлэн сүүртэ уонна сарсын сарсыарда Москваҕа төттөрү көттө”, – диэн Василий Васильевич кэпсээтэ.

Биһиги өссө төгүл аммалары ааттаппыт Строд аатынан хаһаайыстыба бары үлэһиттэрин, бэрэссэдээтэл Василий Тимофеевы, тириэньэр Николай Громовы уонна сүүрдээччи Спиридон Тимофеевы ситиһиилэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит!

#улусмедиа #призыИлДархана #конныескачки #соревнования
УУС АЛДАННАР БЫЙЫЛ ОККО ЭРДЭ КИИРДИЛЭР

Быйыл кураан күн-дьыл туран, алаас сирдэр үүнүүлэрин аһыҥаттан куоттаран, Уус Алдан биирдиилээн нэһилиэктэригэр чааһынай хаһаайыстыбалар окко эрдэ киирдилэр.

Өлтөх нэһилиэгэр бу күҥҥэ үс чааһынай хаһаайыстыба от үлэтин саҕалаан, барыта 45 гаа сир охсуллан, 6 туонна от бэлэмнэннэ. Онтон Өнөр нэһилиэгэр бу күннэргэ эмиэ икки чааһынай хаһаайыстыба оттооһуну эрдэ саҕалаан, быйылгы үлэтин ситиһэр былааннаах. Бу хаһаайыстыбалар күрүөлээх сирдэрин аһыҥаттан эрдэ эмтээн бэлэмнэнэн, быйылгы от үлэтигэр тэрээһиннээхтик киирдилэр.

#улусмедиа #сахапечать #устьалданскийулус #сельскоехозяйство
ЖИТЕЛЬНИЦА СЕЛА СЫЛГЫ ЫТАР ДЕЛАЕТ ПОЛЕЗНОЕ И КРАСИВОЕ ИЗ СТАРЫХ ВЕЩЕЙ

73-летняя жительница с. Сылгы Ытар Среднеколымского района, ветеран труда, Мать-героиня Жиркова Мария Егоровна — мастер на все руки и человек с активной жизненной позицией. Из старых запчастей, кастрюль и самоваров она делает красивые, полезные вещи для своего двора.

Жительница села Сылгы Ытар Мария Егоровна вышивает бисером, и шьет якутские национальные костюмы, является участницей и победительницей многих улусных, республиканских творческих выставок, конкурсов, а также она — неоднократная чемпионка улусной спартакиады ветеранов по национальным настольным играм.

Вот и сейчас Мария Егоровна не сидит без дела, решила предать старым вещам вторую жизнь: из прохудившихся самоваров, кастрюль, запчастей тракторов и машин, выброшенных на свалку, она сделала красивые, полезные вещи для своего двора.

#улусмедиа #новости #среднеколымскийулус #рукоделие
"МҮРҮ-АС" КЭПЭРЭТИИПКЭ ҮҮТҮ ТУТУУ БЫЛААННААХТЫК БАРАР

Уус Алдаҥҥа үрүҥ илгэни дэлэтиигэ быйыл үүтү тутуу сыллааҕы былаана 2300 туоннаҕа тэҥнэһэр. Күн бүгүн “Мүрү-Ас” тэрилтэни кытары 71 хаһаайыстыба дуогабардаһан, бу сыл алта ыйын түмүгүнэн 692 туонна үүтү тутан, астаан олорор. Бу туһунан Мария Федорова, “Мүрү-Ас” ТХПК оҥорон таһаарар салааҕа сэбиэдиссэйэ кэпсээтэ.

– Уус Алдан улууһун үрдүнэн 9 арыы сыаҕа, 4 үүт тутар пуун үлэлии тураллар, ону таһынан, икки үүт таһар массыынабыт күннэтэ нэһилиэктэринэн сүүрэн, 12 сайылыктан үүтү таһан олоробут.

Астыыр-үөллүүр кэпэрэтиипкэ сайыҥҥы кэмҥэ эбии 35 үлэһити дуогабарынан үлэлэтэ сылдьабыт. Бу күҥҥэ барыта 16 туонна арыы, 20 туонна чөчөгөй, 80 туонна суорат, иэдьэгэй, йогурт бэлэмнэннэ. Онон билигин үүт эбиллэр кэмигэр уопсайа 75 киһилээх кэлэктиип буолан, бэйэ бородууксуйатын дэлэтиигэ үлэлэһэбит.

#улусмедиа #сахапечать #устьалданскийрайон #муруас