КЭБЭЭЙИ КЫРДЬАҔАСТАРЫН БАЙАНАЙ БУЛДУНАН КҮНДҮЛЭЭТИЛЭР
Кэбээйи олохтоох дьаһалтата чуолаан нэһилиэк кырдьаҕас, саастаах араҥатыгар болҕомтотун хатыыр. Бүгүн соҕотох олорор ийэлэргэ, эбэлэргэ, ытыктанар кырдьаҕастарга байанай бэрсибит булдун түҥэттилэр.
Кэбээйигэ Аан дойду дьахталларын күнүгэр олохтоох дьаһалта тэрийиитинэн нэһилиэк эр дьоно кэрэ аҥардары эҕэрдэлээн дьоро киэһэ тэрийбитэ. Ити дьоро киэһэҕэ нэһилиэк баһылыга Андрей Николаевич Кобяков кырдьаҕас, саастаах, соҕотох олорор ийэлэргэ, эбэлэргэ сааскы Байанай бэлэҕиттэн бэрсэрдии кус-хаас сэртипикээтин бэлэх уунан турар. Дьэ, ол сэртипикээт бүгүҥҥү күҥҥэ бэйэтин соругун толордо.
Бүгүн соҕотох олорор ийэлэргэ, эбэлэргэ, ытыктанар кырдьаҕастарга Андрей Николаевич салалтатынан дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан байанай бэрсибит булдуттан түҥэттилэр. Болҕомто хатаммыт кырдьаҕастар үөрүүлэрин үллэстэн, чугас-ыраах олорор аймахтарыгар сибээс нөҥүө сонуннарын кэпсээтилэр.
#улусмедиа #кобяйскийрайон #новости

АММА АВТОИНСПЕКТОРДАРА ХААЧЧАХТААҺЫН КЭМИГЭР КҮҮСТЭЭХ ӨЙӨБҮЛҮ ОҤОРДУЛАР
Амма улууһун госавтоинспекциятыгар 7 сотрудник үлэлиир. Кинилэр улууска биллэриллибит үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр ыарыыны тарҕаппат туһугар күүстээх үлэни көрдөрдүлэр.
Амма улууһун ГАИ-гар уопсайа 7 инспектор күннэтэ түбүгүрэр. Инспектордар муниципальнай суолталаах 236 км уонна өрөспүүбүлүкэ суолталаах 362 км суолга быһылаан тахсыбатын туһугар үлэлэһэллэр.
“Биһиги инпекциябыт бэс ыйыгар уопсайа 282 автомототехниканы регистрациялаата. Сыл алта ыйын түмүгүнэн 1045 административнай боротокуол толорулунна. Уруулга итирик туруктаах олорууну утары үлэ күннэтэ ыытыллар. Бэс ыйыгар оннук арыгы иһэн баран тоҕус киһи тутулунна. Бу ааспыт сыл бэс ыйын кытта тэҥнээтэххэ 1 киһинэн аҕыйах. Пандемия кэмигэр сотрудниктарбыт солбуһа сылдьаннар 6 км баар постка волонтердары кытта күннэри-түүннэри үлэлээн тыһыынчанан массыынаны бэрэбиэркэлээтилэр.
Биһиги улууспут нөҥүө Уус Майа улууһун техникалара эмиэ ааһаллар. Ол бэрэбиэркэтин эмиэ ыытабыт. Маны сэргэ киэһэ араас рейдэлэргэ сылдьаллар, профилактическай операцияларга кытталлар. Бэйэм кэллиэгэлэрбин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлиибин уонна туйгун сулууспаны баҕарабын”, – диэн этэр Амма улууһун ГИБДД сулууспатын начальнига, полиция капитана Валерий Тылбыков.
Күн бүгүн инспекцияҕа сэттэ эдэр үлэһит уолаттар суолга саахал тахсыбатын, сатыы да, техникалаах да дьон суол быраабылатын тутуһан сылдьалларын туһугар үлэлииллэр. Ол курдук старшай госинспектор, полиция старшай лейтенана Яков Слепцов, госинспектор, полиция старшай лейтенана Григорий Неустроев, старшай ДПС инспектора, полиция старшай лейтенана Роман Гаврильев, ДПС инспектордара, полиция лейтенаннара Андрей Шараборин, Игнат Ноговицын уонна Кирилл Никулин.
#улусмедиа #амгинскийрайон #ГАИ #ГИБДД #ДПС

ТӨБҮЛЭХ ХОМУС КУТТААХ ЫАЛА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭҔЭ СИТИҺИИЛЭННЭ
Муома оройуонун олохтоохторо өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас күрэхтэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Төбүлэх олохтооҕо Людмила Алексеевна Стручкова быйылгы ыһыахха хомус күрэҕэр сиэннэрин кытта кыттан үһүс миэстэни ыллылар.
Людмила Алексеевна сиэннэринээн өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэҕэ тахсан анал дипломунан бэлиэтэннилэр, бэлэх туттулар.
Оттон уола Алексей сэрии оҕолорун туһунан айар үлэтинэн күрэххэ кыттан Госдума депутата Ф. С. Тумусовтан махтал суругу, өйдөбүнньүк мэтээли ылар буолла. Алексей култуура эйгэтин үлэһитэ, араас түмсүүлэргэ мэлдьи кыттар, миэстэлэһэр.
Көхтөөх ыал ити курдук араас күрэхтэргэ кыайыыны ситиһэр.
#улусмедиа #Момскийрайон #конкурс #хомус

АЛТАҤҤА ВЫПУСКНИКТАР ОСКУОЛАЛАРЫГАР СЫННЬАНАР СИР ОҤОРОН ТУРУОРДУЛАР
Амма улууһун Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбит оҕолор үбүлүөйдээх сылларынан сынньанар сири оҥорон бэлэхтээтилэр.
Алтан орто оскуолатын 1985 сыллаахха 30 оҕо буолан бүтэрбиттэрэ. Оччолорго Эмис уонна Сатаҕай оскуолалара 8 кылаастаах буолан, Алтаҥҥа бу нэһилиэктэртэн кэлэн эмиэ үөрэнэллэрэ. Төһө да атын атын сиртэн кэллэллэр, бука бары олус иллээхтик үөрэнэн оскуолаларын тутуспутунан бүтэрбиттэрэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри билсэ, кэпсэтэ сылдьаллар.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуоланы 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр 35 сыллаах үбүлүөйдэрэ. Манна кинилэр ааспыт сылтан араас тэрээһиннэри ыыттылар. Быйыл өссө күүстээх үлэ барыаҕын, коронавирус ыарыы туран хааччахтааһын мэһэйдээтэ. Ол да буоллар Амма улууһун Алтан оскуолатын выпускниктара быыс булан үөрэммит оскуолаларыгар махталларын бэлиэтин – сынньанар сири оҥорон туттардылар.
“Бу сынньанар сир салгыы кэҥэтиллэн, өссө тупсаран үлэ ыытыллан аллея буолуон баҕарабыт. Оччоҕо оҕолор да, учууталлар да сынньанар кэрэ миэстэлэрэ буолуо этэ”, – диэн выпускниктар баҕа санааларын тириэрдэллэр.
#улусмедиа #амгинскийрайон #Алтан #подарокшколе

ВЛАДИМИР ПУТИН ПОДПИСАЛ УКАЗ ОБ ОФИЦИАЛЬНОМ ОПУБЛИКОВАНИИ КОНСТИТУЦИИ РФ С ВНЕСЁННЫМИ В НЕЁ ПОПРАВКАМИ
Владимир Путин подписал Указ об официальном опубликовании Конституции РФ с внесёнными в неё поправками. Об этом глава государства заявил 3 июля в ходе встречи с рабочей группой по подготовке предложений о внесении поправок в Конституцию страны.
«1 июля завершилось общероссийское голосование. Центральная избирательная комиссия подвела итоги. В голосовании приняло участие около 68 процентов избирателей, и абсолютное большинство – порядка 78 процентов – поддержало конституционные поправки. Граждане России сделали свой выбор, и в соответствии с этим решением я подписал Указ об официальном опубликовании Конституции с внесёнными в неё поправками», – сказал Путин.
Президент подчеркнул, что поправки вступают в силу по воле народа. «Вы знаете мою позицию: изменения, внесённые в Основной закон страны, затрагивают каждого, и окончательное, решающее слово здесь могли сказать только граждане России. Мы приняли это значимое решение вместе, всей страной, и оно касается тех ценностей и базовых принципов, которые лежат в основе дальнейшего развития России, делают нас действительно одним народом, единым целым», – отметил он.
Глава государства выразил благодарность всем, кто сделал свой ответственный выбор, и тем, кто работал на участках для голосования, членам участковых комиссий, десяткам тысяч волонтёров и наблюдателей, а также членам рабочей группы.
«В целом результаты голосования показали высокий уровень консолидации общества по ключевым вопросам, имеющим общенациональное значение», – подчеркнул Президент РФ.
Пресс-служба Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)
#конституциярф #президентрф #общероссийскоеголосование